Уус Алдан улууһун отчуттара сүүмэх да оту хаалларбат туһугар туруулаһаллар

317

Кэптэниттэн төннөн иһэн Хомустаах отчуттарыгар таарыйан аастыбыт. Трассаттан көрдөххө, Хомустаах алаастара ытыска уурбут курдук, күп-күөҕүнэн чэлгийэ үүммүттэр. Хаас ыйаабыт алааска отчуттар икки тракторынан оҕустара сылдьаллар.


Сирийэн көрдөххө, бэттиэмэ кырыстаах алаастар быйылгы кураан дьылы балачча эмэ тулуспуттар. Бу иннинэ Лөгөй нэһилиэгин алаастарыгар сылдьан, ууларын кытыылара киһи сирбэт гына үүммүттэрин бэлиэтээбиппит. Оттон үрдүк сирдэрэ халтаҥнаабыттар. Оннук 45 гектардаах, харах көрүүтүгэр, уһун субурҕа Хаас ыйаабыт алаас үрдүк кырдала эмиэ хотуур түспэт гына халтаҥнаабыт.

Отчуттар санааларын түһэрбэттэр. Арыый үүнүүлээх уу кытыытын харса суох оҕустаран ходуһаларын кэҥэтэн иһэллэр.

“Беларус” трактор эргийэн кэлэр сиригэр кэтэстибит, өр-өтөр буолбата – оҕустарааччыбыт тиийэн кэллэ. Кимин-тугун туоһуласпытым, Хомустаах бөһүөлэгин төрүт олохтооҕо Егор Егорович Охлопков диэн эбит. Кини: “Ардах кэлэрин кэтэһэ сатаан баран, бүгүҥҥүттэн уолбунаан бастакы алааспытыгар киирдибит. Ходуһабыт үүнүүтэ быстар мөлтөх. Былырыын бу алааспытыттан 20-чэ тоннаны ылан турабыт. Бэттиэмэ кырыстаах алаастар ууларын кытыылара син үүммүттэр эрээри, олус кылгастар, төбөлөрө бэлиэр хараарбыт, сиппиттэр. Ардах түһэрин кэтээн хойутуу сыстыбыт, оттуурга сөп буолбут”, – диир.

Быйыл бу алааһыттан төһө оту ыларын сураспыппар, маннык диэтэ: “Барытын сирийэн оттоотохпуна, 7 тоннаны ылларбыт ханнык. Санаабытын түһэрбэппит, быйыл иитиэхтээх сылгыларбытыгар сөп буолар оту булунуохпут”.

Кэпсэтиибитигэр бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Евгений Охлопков кыттыһар: “Эдэрчи киһибин эрээри, маннык уһуннук ардах түспэтэҕин өйдөөбөппүн. Хата, төттөрүтүн мантан күһүн оттоппокко харса суох ардыыра буолуо. Билигин күн-дьыл харса суох уларыйа турар. Онон киһи тугу-ханныгы былаанныаҕын билбэт. Дьиҥэр, бастакы илгэлээх ардахтар түспүттэригэр үөрэ санаабыппыт. Ону баара мэлигир, бэл күнү-дьылы билгэлээччилэр кыайан быһаарбаттар. Сылгы иитиитинэн саҥа дьарыктанан эрэбин. Күн бүгүн 15 сылгылаахпын, элбэтэр былааннаахпын. Эбэҕэ Түөлбэ диэн оттуур сирдээхпит. Бу сирбитин бүтэрдэхпитинэ, онно киириэхпит. Бэйэбитигэр сөп буолар оту булунуохпут. Былырыын 10 тонна оту атыылаабыппыт. Быйыл оппутун рулоннаабаппыт, от саамай сүмэһинэ быыл буолан көтөн хаалар. Бугуллуу-бугуллуу тута тиэйэн иһиэхпит. Ыалбыт Руслан Тарскай окко киирбитэ аҕыйах хонно. Бэҕэһээ 1,5 тонна бастакы хотуур бастыҥ хаачыстыбалаах отун кыбыытыгар аҕалбыта. Хомустаахтар сыл тахсар отторун булуналларыгар бигэ эрэллээхтэр, биһиги даҕаны оннук санаалаахпыт”.

Сибилигин аҕай долгулдьуйа үүнэн турбут бэттиэмэ оту трактор сытыы хотуура көрүөх бэтэрээ өттүгэр имири охсон, иннин хоту бара турда.