Кулун тутар 4 күнүгэр улуу биир дойдулаахпыт, саха литературатын төрүттээбит А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 141 сылын туолла. Бу күн кини биир дойдулаахтара, хаан уруу аймахтара, общественность түмсэн Ытык Күөл эбэ үрдүгэр дьэндэйэн турар Өксөкүлээх Өлөксөй мэҥэ өйдөбүнньүгэр тыыннаах сибэккини ууруу сиэрэ-туома ыытылынна.
Өксөкүлээх Өлөксөй уһулуччулаах олоҕун, саха уус уран литературатыгар өлбөөдүйбэт суолтатын, ааспыт сыл республикаҕа Өксөкүлээх Өлөксөй бэлиэ сылынан үйэтитии үлэтигэр үгүс тэрээһиннэр ыытыллыбыттарын бэлиэтээн улуус баһылыга М.М.Соров мустубут дьоҥҥо тыл эттэ.
Баһылык улуус дьаһалтатын специалиһа Виктор Другинныын «Байанай алгыһа» хоһоонуттан быһа тардыыны аахтылар. Салгыы Өксөкүлээх сиэнэ, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Рива Реасовна Дарбасова дьонун-сэргэтин туһунан ахтан санаан ааста. Ол курдук, Рива Реасовна аҕатынаан Реас Алексеевичтыын кэпсэтиитигэр кини аҕатын туһунан: «Кини норуот киһитэ, кэлин норуот бэйэтэ таһаарыа эбэтэр таһаарбатаҕына букатыннаахтык тимириэ», — диэн эппитин аҕынна.
Бу курдук норуот бэйэтэ таһаарбыт уолун, саха тыллаах барыта ытыктыыр улуу Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнүн таатталар кэриэстээн аастыбыт.