Таатталар олохтоох оҥорон таһаарыыга көрүллэр бырагыраамалары сөпкө тутталлар

196

Таатта улууһугар оҥорон таһаарааччы урбаанньыттарга анаан саҥа «Фонд поддержки местных товаропроизводителей» диэн бырагыраама үлэтин саҕалыахтаах. Бородууксуйаны оҥорон таһаарааччыларга анаан 500 тыһ.солк — 40 мөл.солк диэри, 5,5-8% сыллааҕы бырыһыаннаах, төннөрөр кэмэ 10 сылга диэри буолуон сөп. Бырагыраамма үлэтин нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар туһаайыллар.


Быйылгы сылга дьон дьарыктаах буолуутугар туруоруллубут соруктары, 2018 сылга ылыллыбыт бырагырааманы предпринимательствоны өйүүр улуустааҕы Киин салайааччыта Марианна Мосоркина бу курдук кэпсээтэ: «Быйыл киин нөҥүө 3 субсидия көрүҥэ биллэриллиэҕэ. Ол курдук предприниматель техника, оҥорон таһаарар тэрил ылбыт буоллаҕына, ол сууматын 50% толуйтаран ылар. Иккис куонкурус РФ лизинг хампаанньаларын нөҥүө саҕалааһын усунуоһун төлөөн (40%) техника, туттар тэрил ылбыт буоллаҕына 40%-ҥа диэри усунуоһун толуйтарар. Үһүс куонкурус «Социальное предпринимательство» диэн. Манна доруобуйатын туругунан хааччахтаах дьон предприниматель буоларга киирсэллэр».

Салайааччы кэпсииринэн, «Фонд развития малого предпринимательства» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама үлэлиир предпринимателлэргэ 3 мөл.солк диэри кыра иэс биэрэр. Бааннартан уратыта, сыллааҕы быраһыана кыра: 6-8% буолар.

Улуустарга сыл аайы бүддьүөккэ үп көрүллэр. Ол курдук, Таатта улууһугар 2 мөл.солк. тыырыллар. Ол харчы уруккуттан бородууксуйаны оҥорон таһаарар, социальнай хайысхалаах көрүҥнэринэн дьарыктанар урбаанныттарга ороскуоттары толуйуу быһыытынан барара этилиннэ.

Тааттаҕа офиска, оҥорон таһаарарга аналлаах дьиэҕэ-уокка наадыйааччыларга анаан «Бизнес-инкубатор» диэн муниципальнай автономнай тэрилтэ үлэлиир. Инкубаторга бэриллэр миэстэлэр саҥа саҕалааччы урбаанньыттарга чэпчэтиилээх буолар.

Российскай Федерацияҕа Үтүө дьулуур Сылыгар кэлим информационнай ситимнэр сайдыылара, волонтёрдар баҕа өттүлэринэн олох-дьаһах араас салааларыгар үтүөнү оҥорор үлэлэрин күүһүрдүүгэ судаарыстыба өйөбүлэ ордук улахан суолталаныахтаах. Манан сибээстээн, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2018 сылы Үтүө дьулуур  Сылынан биллэрэн Ыйаах таһаарбыта. Онон, тулалыыр эйгэтигэр, дьонугар-сэргэтигэр, кыраҕа-кыаммакка, уопсастыба сайдыытыгар ис сүрэҕиттэн ыалдьар биирдиилээн дьон, уопсастыбаннай тэрилтэлэр баҕа өттүлэринэн нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ сайдыыларыгар араас хамсааһыннары, тэрээһиннэри ыыталларыгар тоҕоостоох сыл инникитин маннык үтүө дьыалалар салҕанан бара туралларыгар тирэх буолуохтара.

— Манна улуус урбаанньыттарын кытта үлэҕэ туох хамсааһын буолуой?

— Биһиги предпринимателлэрбит нэһилиэк, улуус олоҕуттан туора турбаттар. Ыҥырыыларга, тэрээһиннэргэ үгүстүк, баҕаран туран кытталлар. Ол курдук, Дария Титова уонна Зинаида Николаева салайааччылаах урбаанньыт дьахталлар ырыа, үҥкүү ансаамбыллара элбэх культурнай тэрээһиннэри киэргэттилэр.

2015 сыллаахха билэргит курдук СӨ-гэр урбаан Сыла этэ. Онно урбаанньыттар пааркаҕа саха балаҕанын туттарбыппыт. 2016 сылга Тааттыныскай нэһилиэк 100 сылыгар анаан урбаанньыттар кыттыһан оҕо оонньуур тэлгэһэтин бэлэх ууммуттара.

Ыраах айаҥҥа сылдьар урбаанньыт суоппардар нэһилиэк 100 сылыгар 100 маһы олордон бэртээхэй бэлэҕи ис сүрэхтэриттэн кыһаллан оҥорбуттара, билигин сайын аайы күөҕүнэн суугунуу, сөрүүкэтэ турара, кэрэнэн дуоһуйарга олус үчүгэй. Аны 2017 сыл алтынньыга бэйэлэрин үптэринэн кыттыһан «Алгыстаах айан» диэн кыраһыабай, сынньанарга табыгастаах сквери, бастатан туран, улуус киин бөһүөлэгэр Ытык Күөлгэ, улуус олохтоохторугар киһи эрэ киэн туттар үйэлээх бэлэҕин оҥордулар. Оттон сквер көҕөрдүүтүн Ытык Күөл төрүт олохтооҕо Е.И.Бурнашева салайааччылаах Башариннар, Готовцевтар аймах оҥордулар.

Сыл аайы оҕолорго, кыаммат ыалларга диэн биһиги урбаанньыттарбыт көмөлөрө үгүс. Онон, быйылгы 2018 сылга нэһилиэк, улуус хамсааһыннарыгар, тэрээһиннэригэр өссө көхтөөхтүк кыттар былааннаахпыт.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2018 сыл дьон дьарыктаах уонна үлэлээх буолууларыгар туһуламмыт Сыл Тааттаҕа олохтоох үлэһит кадрдары сөптөөхтүк аттаран туруоран үлэ көдьүүстээх, дьон дьарыктаах буолуутугар былааннаах үлэ ыытыллыахтаах.

— Урбаан салаатыгар үлэтэ суох нэһилиэнньэ үлэлээх, дьарыктаах буолуутугар туох үлэ ыытыллыай?

СӨ «Госкомзанятости» 2017 сыл 11 ыйдааҕы отчуотун түмүгүнэн барыта 34 965 үлэтэ суох киһи баара биллэр. Таатта улууһугар 762 үлэтэ суох киһи баарыттан, 245 дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка тураллар. Ол курдук, урукку сылларга биһиги кииммит дьарыктаах буолуу киинин кытта бииргэ үлэлэһэн кэллибит. Үлэтэ суохтары үөрэттэрэн, хайысхаларын саҥа үйэ, олох ирдэбилин учуоттаан, бэйэлэрин дьыалаларын арыналларыгар граннары, субсидиянан көмө ылалларыгар көмөлөстүбүт. Билигин биһиги, улуус дьаһалтата, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ, үөрэҕирии, культура уонна духовнай сайдыы, доруобуйа харыстабылын салалталара, спорткомитет, тыа хаһаайыстыбата о.д.а. ситимнээхтик, кэлим бырагыраамманан салайтаран үлэбитин саҕалаан эрэбит.