Быйыл Улуу Өктөөп сүүс сыллаах өрөгөйдөөх тэрээһинэ Таатта улууһугар эмиэ ис сүрэхтэн өрө көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн туран ыытылынна. Ытык Күөлгэ уруккулуу кыһыл таҥаска суруллубут ыҥырыы лозуннардаах, былаахтардаах, мэтириэттэрдээх хаамтылар. Улуус баһылыга Михаил Соров уонна дьаһалта коллектива холуоннаны салайдылар.
Сэбиэскэй Союһу, Саха сирин тутуспут, салайбыт Владимир Ильич Ленин, ССКП Киин комитетын салайааччыларын, Саха сирин бырабыыталыстыбатын салайааччылара Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов, Степан Аржаков, кэлин коммунистическай салайыыга туруулаһан үлэлээбит дьон мэтириэттэрин туппут таатталар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Параадка суолу тутар-өрөмүөннүүр улахан хаһаайыстыбаннай тэрилтэбит «Тааттаавтодор» ААУо техникатынан уһун уулуссаны биир гына сэлэлии айаннаан, үлэһиттэрдиин халҕаһалыы хааман кэлбиттэрэ көрүөххэ астык. Улуус киинигэр үлэлиир атын тэрилтэлэр, түөрт оскуола үрдүкү кылаастарын үөрэнээччилэрэ, ыччаттар, тыыл, үлэ, уус-уран самодеятельность, сэбиэскэй-партийнай үлэ бэтэрээннэрэ, төлөннөөх хомсомуоллар, хомунньуустар, уопсастыбаннай хамсааһыннар кыттыылаахтара өрөгөй маршынан дайбаатылар.
Үөрүүлээх мунньах Саха сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэтин туруулаһан атаҕар туруорбут биир дойдулаахпыт Платон Алексеевич Ойуунускай пааматынньыгар ыытылынна. Миитиҥҥэ өрө күүрүүлээх эҕэрдэлэрин улуус баһылыга Михаил Михайлович Соров, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентин Андреевич Охотин, «Тааттыныскай нэһилиэк» МТ баһылыга Егор Иннокентьевич Павлов, хомунньуус, советскай-партийнай, салайар үлэ бэтэрээнэ Елена Петровна Харитонова, үөрэнээччилэр улуустааҕы «Үрдэл» уопсастыбаннай тэрилтэлэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Алампа аатынан Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Дьулус Аянитов бар дьонугар тиэртилэр. Миитин Платон Ойуунускай пааматынньыгар өйдөбүнньүк гирлянданы, тыыннаах сибэккилэри ууруунан түмүктэннэ.
Киэһэ өттүгэр коллекционердар сэбиэскэй кэмнээҕи малы-салы, дьиэҕэ-уокка туттулар малы-салы, открыткалары, почтовай мааркалары урукку үтүө кэмнэри санатан астына көрдөрдүлэр. Дьон-сэргэ ааспыты санаан үөрдүлэр-көттүлэр, оҕолор, ыччаттар улаханнык сэҥээрдилэр.
П.А.Ойуунускай аатынан Таатта народнай театрыгар бырааһынньыктааҕы үөрүүлээх мунньахха улуус салалтата, оччоттон-баччаҕа диэри үлэ маяктара, уопсастыбаннай хамсааһыннар салайааччылара Президиумҥа чиэстэнэн-бочуоттанан олордулар.
Эҕэрдэ тыллар этиллибиттэрин кэннэ, оҕо саадын иитиллээччилэриттэн саҕалаан аарыма аҕа саастаах уус-уран самодеятельность, сцена бэтэрээннэрэ кыттыылаах киэҥ ис хоһоонноох, күүрээннээх, үөрүүлээх кэнсиэр ыытылынна.
Бу күн улуус нэһилиэктэригэр уулуссаларга, киин болуоссаттарга демонстрациялар, миитиннэр, киэҥ бырагырааммалаах кэнсиэрдэр, сүүс сыллаах үөрүүлээх түгэни үүнэр көлүөнэҕэ өйдөбүнньүк быһыытынан үйэлэргэ хаалларар тэрээһиннэр оскуолаларга декада быһыытынан ыытылыннылар.