Тиксии дьонугар-сэргэтигэр сайын кэлбитин бэлиэтиир үрүҥ тунах Ыһыах ыһылынна. Күүстээхтэр уонна сымсалар аат ааттаһан, бырааһынньык мүһэтин ылаары, бэйэлэрин күүстэрин оонньууларга холоннулар.
Быйыл эдэр уолаттарга аналлаах “Үрүҥ Уолан” күрэх Тиксии ыһыаҕар аан маҥнайгытын сүрэхтэнэн ыытылынна. Саха омук бэйэтин көрүҥнэригэр сэттэ эр бэрдэ бастыыр иһин кииристэ.
Тэрээһин бэйэни билиһиннэрии түһүмэҕэр Арктикатааҕы гимназия учуутала Токтохоев Жаргал бары кыттааччыттан үрдүк таһымнаах бэлэмнээҕин көрдөрдө. Ол курдук, кинини оскуола үөрэнээччилэрэ арыаллаан, боотурдар үҥкүүлэрин хоһуйан көрдөрдүлэр.
Иккиһинэн тутум эргиир буолла. Бу көрүҥ туох баар былчыҥ барыта үлэлиирин ирдиир, эр киһи эт-хаан өттүнэн төһө сайдыылааҕын, бэйэтин төһө кыанарын көрдөрөр ыарахан көрүҥүнэн биллэр. Кыттааччы уолаттартан икки мүнүүтэҕэ 20-тэ төхтүрүйэн эргийэн, Бороҕон оскуолатын саҥа бүтэрбит Молоков Евгений үчүгэй түмүгү көрдөрдө. Ол курдук кини үс төгүл үскэ барыларыттан уһуну ойон кыайыы баалын бэйэтин туһатыгар ылла.
Салгыы 1 км уһуҥҥа кыыһы эккирэтии түһүмэҕэр Токтохоев Жаргал уһун тыыннаах буоларын дакаастаата.
Күрэхтэһии саамай долгутуулаах уонна кэтэһиилээх, сымара тааһы көтөҕүү түһүмэҕэ буолла. Манна Тиксии-3 олохтооҕо Иванов Александр 110 тахса киилэлээх Булуҥ тааһын 20 м тэйиччилээх сиргэ аҕалан түһэрдэ.
Мас тардыһыы эрийсиилээх киирсиитин кэнниттэн Айылҕа харыстабылын үлэһитэ Стручков Петр кыайыыны бэйэтигэр сурунна.
Онон түһүмэхтэр уопсай көрдөрүүлэринэн, Бороҕон сириттэн-уотуттан сылдьар Молоков Евгений “Үрүҥ Уолан” үрдүк аатын ылан, илиитигэр телевизор тутта. Кириллин Максим пьедестал иккис үктэлигэр туран ноутбугунан уонна Токтохоев Жаргал үһүс миэстэни ылан, хаһаайыстыбаҕа туттуллар инструменнарынан наҕараадаланнылар.
Тэрийээччилэр аныгыс ыһыахха “Үрүҥ Уолан” күрэҕин дьон көрөрүгэр сөптөөх уонна тоҕоостоох бириэмэни аттаран оҥорор былааннаахтарын этэллэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, Евгений Молоков XX-с төгүлүн ыытыллаары турар “Манчаары оонньууларыгар” Булуҥ аатыттан многоборье көрүҥэр кытта барара күүтүллэр.
Үрүҥ Уолан кэнниттэн хапсаҕайга, мас тардыһыыга, таас көтөҕүүгэ, дьахталларга уонна эр дьоҥҥо сүүрүүгэ муҥутуур кыайыылаахтары быһаардылар. Айылҕа күүс-уох өттүнэн бэрсибит ыччата Василий Соловьев хапсаҕайга утарсааччыларын барыларын баһыйа тутан, быйылгы Ыһыах бастыҥ хапсаҕайдьытын аатын ылла. Мас тардыһыыга кыайыылааҕынан Рустам Жураев буолла. Таас көтөҕүүтүгэр – Жан Самойлов. 400 м сүүрүүгэ Юлия Захарова уонна 1 килэмиэтиргэ Жаргал Токтохоев.