Тиксиигэ аан маҥнайгытын пауэрлифтинг күрэҕэ ыытылынна. Тренажернай саалаҕа тимири кытта өрө тустар эдэр уолаттарга маннык хабааннаах күрэхтэһиилэр буолаллара олус бэртээхэй.
Ыарахан атлетика күрэхтэһиитэ үс көрүҥҥэ арахсан ыытылынна: штаанганы көтөҕөн чохчойуу, сытан эрэ өрө анньыы уонна штаанганы кииҥҥэ диэри таһааран икки сөкүүндэҕэ көтөҕөн туруу.
Тиксиигэ саҥа сүрэхтэммит күрэхтэһии түмүгэ манныгы көрдөрдө: 80 киилэҕэ диэри Сахайаан Слепцов маҥнайгы миэстэни бэйэтин туһатыгар ылла; иккискэ Андрей Иманаев уонна үһүс – Петр Стручков. 80 үөһэ киилэҕэ маҥнайгы нүөмэр Иван Селиванов буолла, кини бэйэтин ыйааһына 79 киилэ буоларын бэлиэтиир наада; иккис – 101 киилэни үктүүр Василий Соловьев, үһүс – 90 киилэ ыйааһыннаах Александр Иванов.
Бэлиэтээн эттэххэ, бириистээх миэстэлэри култуурунай-спортивнай киин тренажернай саалатыгар куруук дьарыктанар уолаттар үллэһиннилэр, кинилэргэ күүс-уох эбиллэригэр туһалаах битэмииннэри туттартаатылар. Хаһан даҕаны саалаҕа кэлэн, улахан дьарыгы ылбатах Петр Стручков лаппа кыанар уол буоларын, тустуу тренерэ Жан Самойлов бэлиэтии, хайҕыы көрбүтүн этэр.
Ыарахан ыйааһыннаах эр дьоҥҥо 200 киилэлээх штаанганы көтөҕүүгэ тиийэ бардылар. Манна Иннокентий Корякин бэйэтин 62 киилэ ыйааһынын 170 киилэлээх штаангаҕа утары ыҥырыы бырахта, соһумардык көтөҕөн таһааран, көрөөччүлэри соһутта даҕаны, үөртэ даҕаны. Бу эдэр уол көтөҕүүтэ спортка дьаныардааҕын уонна тулуурдааҕын көрдөрөр үтүө хаачыстыба. Кини ыйааһына кырата бэрт буолан, хомойуох иһин бириистээх миэстэҕэ хапсыбата.
Инники сылларга аан дойду үрдүнэн киэҥ биһирэбили ылбыт пауэрлифтинг көрүҥүн улуус таһымыгар тиийэ өссө сайыннарыахтарын баҕаралларын тэрийээччилэр этэллэр. Бу көрүҥ атаҕар турдаҕына, спорт эйгэтигэр үлэлэһэр дьон тэрээһин ис тутулун уларытан, кэҥэтэн биэриэхтэрэ. Оччоҕуна эр дьон эрэ буолбакка, дьахтар аймах да күрэххэ кыттар быраабы ылыа.
“Эһиил, 2018 сылга, күрэхтэһии улуус таһымыгар ыытылларын туһугар үлэлэһиэхпит. Бары нэһилиэктэргэ кыһыҥҥы суол баар кэмигэр пауэрлифтиҥҥа тэрээһини ыытыллар күнүн саас эрдэ көһөрөн биэриэхпит диэн былаанныыбыт. Салҕыы үп-харчы үчүгэйдик көрүллэр түгэнигэр, үс тууртан турар ыарахан атлетика көрүҥэ улууспутугар сылын ахсын ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйуо диэн бигэ эрэнэбин. Эрдэ бу салаанан дьарыктанар уолаттар бэйэ көрүҥүн тупсараары хачайданаллара. Бу күрэхтэһии кинилэргэ инникитин эбии сайдалларыгар төһүү күүс буолуоҕа. Ол курдук, күрэхтэһии улуус эдэр ыччатын спортка көҕүлүүр сыаллаах ыытыллар. Барыта санаа хоту буоллаҕына, маҥнайгы нүөмэри суруммут бастыҥ атлеттарбыт өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсан күрэхтэргэ кыттар чиэскэ тиксиэхтэрэ. Ону таһынан, мантан тирэх ылан Россия күрэхтэһиилэригэр тиийэ барар кыах бэриллиэ”, – диэн Самойлов бэйэтин санаатын үллэстэр.