Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ уус алданнар сайыҥҥы үлэни тэрийиилэригэр көмөлөһүөх буолла

367

Соторутааҕыта СӨ Правительствотын председателин солбуйааччы, СР тыатын хаһаайыстыбатын министрэ Петр Алексеев Уус Алдан улууһун ходуһаларыгар сылдьан, от, буолактарга сиэмэ үүнүүтүн, сайылыктарга үүт ыамын билистэ.


Бастаан Кэптэнигэ Анатолий Бурнашев бааһыналарыгар эбиэс, суданскай от үүнүүтүн көрдүлэр. Балтараа ый устата ардах түспэккэ, эбиэс үүнүүтэ бытаарбыт, оттон суданскай от курааны тулуйбутун сөхтүлэр.

Анатолий Семенович, ыһыыҥ иэнин кэҥэт, билигин бааһынаҕа күүскэ үлэлиир кэммит кэллэ. Мантан ыла кураан дьыллар туруохтара, буолактарга курааны тулуйумтуо олохтоох сиэмэни ыһарбыт кэм ирдэбилэ буолла. Ыһыынан дьарыктанарга техника төһүү күүс, ханнык техникаҕа наадыйаҕын?“ – диэн министр быһа-бааччы ыйытта.

Ити кэнниттэн министр Бурнашев саҥа сайылыгын, ньирэй турар хааччаҕын, сүөсүһүттэр олорор дьиэлэрин билистэ уонна үбүнэн-харчынан көмөлөһүөх буолан эрэннэрдэ.

Салгыы “Биэттэ” бурдук хаһаайыстыбатын салайааччыта Семен Сивцев соҕуруу, хоту бааһыналарын үүнүүлэрин көрдөрдө. Министр Петр Алексеев уһуннук курааннаабыт күннэргэ Баатаҕай бааһыналарын сиэмэлэрэ улаханнык тулуспуттарын хайҕыы көрдө. Итиэннэ биир сиргэ кииннэммит, бэрт кичэллээхтик туруоруллубут ыһыы техникаларын сирийэн билистэ. “Дьэ, маладьыас, быйылгы кураан дьылга даҕаны ортоһуор үүнүүнү хомуйуоххун сөп эбит. Кылаабынайа, күһүн үүнүүгүн сүтүгэ суох хомуйуох­хун наада”, – диэтэ. Онуоха Семен Васильевич: “Сиэмэни уурар, харайар ыскылааппыт суох буолан, бастакы сылбытыгар үүнүүбүтүн кытай палаткатынан бүрүйэн кыстаппыппыт, ыскылаат тутуутугар, сиэмэ ыраастыыр массыынаны булунарбытыгар көмөлөһөргүт буоллар”, – диэн көрдөстө. Онуо­ха министр үлэһит дьоҥҥо көмөлөһөр санаалааҕын биллэрдэ. Салгыы Остуойка бааһыналарыгар Дмитрий Илларионов хаһаайыстыбатыгар сырыттылар.

Уопсайынан тыа киһитин тугун-ханныгын тургутан көрөр сайын кэлэн ааһан эрэр. Онуоха санааларын түһэрбэккэ ынах ыы, ньирэй көрө, бурдук үүннэрэ, от бэлэмнии сылдьар дьону көрө-көрөбүн дууһалыын сылаанньыйан, санаалыын сынньанан ылабын, күүһүм баарынан көмөлөһүөм”, – диэн СӨ Правительствотын председателин солбуйааччы Петр Николаевич Алексеев Уус Алдаҥҥа сырыытын түмүктээтэ.