Тымныы полюһугар үөр сылгыны иитии Киинэ арылынна

145

Соторутааҕыта Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр “Тоноор” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кооперативын иһинэн үөр сылгыны иитиигэ каадырдары бэлэмниир, үөрэтэр уонна сылгыһыттар таһымнарын үрдэтэр Киин аһылынна. 


Тэрээһин РФ уонна СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Николай Тимофеевич Винокуров новаторскай үлэнэн дьарыктаммыта 25 сылыгар ананна. Бу дьаһалы тэрийээччилэр – СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ, “Өймөкөөн улууһа (оройуона)” муниципальнай тэрилтэ уонна “2-с Бороҕон нэһилиэгэ” МТ дьаһалталара, ону тэҥэ тэрээһини Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр института, Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын академията уонна “Саха” НКИХ өйөөтүлэр.

Киини үөрүүлээхтик арыйыы сиэрин-туомун кэнниттэн мустубут дьон Н.Т. Винокуров сылгыны иитиигэ ааптарскай технологияларын кытта билистилэр. “Тоноор” бааһынай хаһаайыстыба киин уһаайбатыгар “Тумус Талахха” сылгыны ыйааһыннааһыны, саҥа төрүөҕү көрүү-истии ньыматын о.д.а. көрдүлэр-иһиттилэр.

Күн иккис аҥарыгар “Үөр сылгыны иитии технологията: үгэстэр уонна инновациялар” диэн научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ өрөспүүбүлүкэ сылгыһыттара, хаһаайыстыбалар салайааччылара, научнай үлэһиттэр, үөр сылгыны иитии исписэлиистэрэ уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар кытыннылар.