Уһук хоту нэһилиэккэ Якутоптторг сибиэһэй ас тириэртэ

202

Ypүҥ Хайа нэhилиэгэр «Татьяна» маҕаhыыҥҥа оҕуруот аhын арааhа атыыланна.


Анаабыр улууһун уһук бөһүөлэгэр үлэлиир «Татьяна» маҕаhыын салайааччыта Татьяна Семеновна Сааскылаахха баран, «Якутоптторг» тэрилтэ самолетунан ыыппыт сибиэһэй аһын көрсөн тиэйэн аҕалла. Манна 2 тонна оҕуруот, фрукта аһын арааһа, күннээҕигэ туттар бородуукта удамыр сыанаҕа атыыланна. Татьяна Семеновна маннык кэпсээтэ:

— Былырыын «Якутоптторг» атыыга-эргиэҥҥэ генеральнай директоры солбуйааччыта Марина Иванова Үрүҥ Хайаҕа командировкаҕа кэлэ сылдьыбыта. Онно киниэхэ олохтоохтор сайыҥҥы өттүгэр оҕуруот aha кэлбэтин этиммиппит. Кини депутаттары кытта көрсүһэн, наадалаах 12 суол оҕуруот ahын аҕалтарарга сөбүлэспиттэрэ. Онон быйыл 2 тоннаны биhиэхэ, 2 тоннаны Дьэлиҥдэ олохтоохторугар аҕалтарда.

Оҕуруот аhын 10 араас көрүҥүн атыылаатыбыт. Нэhилиэнньэ кылгас кэм иһигэр үөрэ-көтө атыыласта.

Якутоптторг уопсастыба тэрээһининэн ыытыллар дьаһал балыкпыт, эппит суox кэмигэр улахан төhүү көмө буолар. Инникитин тэрилтэни кытта сымыыт, үүт ас арааhын, халбаhыы, оҕо ahын аҕалтарар санаалаахтарын кини салгыы иһитиннэрдэ.

Сааскылаахтан бородуукта тиэниилээх кэлбит вертолет төннөрүгэр Ypүҥ Хайаттан пассажирдары ылбыта эмиэ үчүгэй.

Маҕаhыын үлэhиттэрэ сайыҥҥы кэмҥэ маҕаhыыннарын кэҥэттилэр, таhын кырааскалаатылар, араас сибэкки олордон көҕөртүлэр, оhуордаатылар. Маҕаhыын  иhигэр оонньуур терминаллары туруордулар. Онон үлэ күөстүү оргуйар.