«Улуус олоҕо»: Бахсы нэһилиэгин табыллыбыт бырайыактара

1194

Кулун тутар ыйга Саха сирин олохтоохторо “Хаар Айан” УАЗ массыыналаах бастыҥ суоппардар күрэхтэһиилэрин — экстрим автошоу туһунан үгүстүк истэбит. “Чурапчы оройуонун пааспарын” суруйа сылдьан, күүстээх аҥаардар сылы быһа кичэллээхтик бэлэмнэнэн, олус астынан, дуоһуйан кыттар күрэхтэһиилэрин көҕүлээччини, төрүттээччини уонна тэрийээччини – Бахсы нэһилиэгин баһылыгын Иннокентий Барашковы көрсөн, олох-дьаһах туһунан кэпсэттибит.


Хайдах олороҕун, Бахсы?

Иннокентий Барашков – Бахсы төрүт олохтооҕо. Оҕо сылдьан олохтоохтор киэн туттуулара – Бахсы таҥаратын дьиэтигэр — дьыссаакка сылдьыбыта. Сэбиэскэй кэмҥэ үгүс Таҥара дьиэтэ оскуола, дьыссаат, кулууп буолан турбута.

385 саастаах Бахсы – үс үрэх түмсэр, уратылаах сир. Бахсыттан элбэх артыыс, муусукаан, худуоһунньук, учуонай, суруйааччы тахсыбытын туһунан бу иннинээҕи матырыйаалларбытыгар кэпсээбиппит.

Сэрии уонна көһөрүллүү аймаабыта. Үс холкуос хоту күүс өттүнэн көһөрүүгэ барбыта, – диир баһылык.

Билигин Бахсы нэһилиэнньэтин ахсаана 480, онтон сүүстэн лаппа тахсата – оҕо. Федеральнай бырагыраамаҕа хабыллан, Бахсыга оптоволокно тардылынна. Онон, сибээс үчүгэй. Ордук, норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыагынан үлэлиир оскуола табылынна. Түргэн Интернет аан дойду хайа баҕарар муннугун кытта ситимниир. Бахсылар туризмы сайыннарар соруктаахтар.

Сибээс ыччаты түмэр, онон үчүгэй. Сайдыы барар. Биһиги, тыа сирин олохтоохторун быһыытынан, биллэн турар, тыа хаһаайыстыбатынан сүрүннээн дьарыктанабыт. Сүөһү-сылгы иитиитэ. Бааһынай хаһаайыстыбабыт ахсаана 17. Онтон биллэр-көстөр үлэлээхтэрбититтэн биирдэстэрэ “Киров” сайылык. Манна сайыннары-кыһыннары олорон, үүт ыамыгар үлэлииллэр, үрүҥ илгэни үрүлүтэллэр. 48 кэтэх хаһаайыстыбалаахпыт. Тыа хаһаайыстыбатын хайысхатынан икки саҥа саҕалаабыт фермербит уонна икки  ыал “Дьиэ кэргэн» граннарын ыллылар, саҥа хотон тутуннулар. Маны таһынан, дьоҕус хаһаайыстыбаларбыт үлэлэрин кэҥэтэр былааннаахпыт. Биһиэхэ, Бахсыга, элбэх үчүгэй иистэнньэҥ, норуот маастара баар. Сайдыахтарын наада. Итиэннэ, быйыл “Быйаҥ” ИП-га килиэп оҥоруутун туттардыбыт. Килиэппит олус тубуста. Инники сыала-соруга – кондитерскай оҥоһуктары дэлэтии, итинтэн да атын былааннар, идиэйэлэр бааллар, — диэн санаатын үллэстэр, 2012 сылтан саҕалаан, билигин иккис болдьоҕор үлэлиир-хамсыыр баһылык Иннокентий Барашков.

“Хаар айан” — табыллыбыт бырайыак

Иннокентий Федорович – айар куттаах баһылык. Үөрэҕинэн, талан ылбыт идэтинэн даҕаны – айар үлэ, култуура киһитэ. Маҥнай өрөспүүбүлүкэтээҕи Култуура уонна искусство колледжын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ, онтон Илин Сибиирдээҕи Култуура уонна искусство академиятыгар үөрэҕин үрдэтиммитэ. Бу соторутааҕыта, олунньуга олоҕун орто омурҕанын – 50 сааһын туолла. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна.

Аны, “Хаар айаммытыгар” эргиллэн кэлиэҕиҥ. 2003 сыллаахха колледжка үөрэнэ сылдьан, оччолорго Иннокентий кулууп дириэктэрэ этэ, биирдэ уолаттардыын, Дьокуускайга олорор Алексей Михеевич диэн, эргэ УАЗ массыыналаах, бэйэтэ өр суоппардаабыт үлэ бэтэрээнин кытта кэпсэтиилэригэр, арай, күрэхтэһии тэрийэр буоллар, ким массыыната кыайыа этэй, диэн турбуттара. Омос көрдөххө, көннөрү күлүү-оонньуу курдук этэ эрээри — “Хаар Айан” идиэйэтэ чуолаан онтон үөскээн тахсыбыта. Ол саас Иннокентий Федорович оскуола оҕолорун кытта Эбэлэригэр киирэн, аан маҥнайгы, уопсайа 1 километр курдук уһуннаах трассаны оҥорбуттара. Маҥнайгы күрэхтэһиигэ, арааһа, 4-5 массыына кыттыбыта. Идиэйэни оччолорго нэһилиэк баһылыга, билигин улуустааҕы “Саҥа олох” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Афанасий Захаров тута өйөөн, бириистэри туруорбута. Ити, историяҕа киирбит, Саха сиригэр аан бастакы “Хаар Айан” күрэхтэһиигэ олохтоох дьаһалта суоппара Николай Барашков тэҥнээҕин булбакка, муҥутуур кыайыылаах буолбута. Кыттыбыт уолаттар бары даҕаны ол, тыа сирин ыччаттарын олус сэргэхсиппит бастакы күрэхтэһиини умнубаттар.

Онтон эһиилигэр, 2004 сыллаахха, күрэхтэһиини улуус киинигэр Чурапчыга тэрийбиттэрэ. Араас баара, Эбэни киртитэҕит, диэн, оннооҕор, салалтаҕа “көбүөргэ” ыҥырылла сылдьыбыттаахтара… Хата, ГАИ-лар, экологиялар өйөөннөр, Эбэни киртиппэттэр, болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллар диэн санааларын тиэрдэннэр, күрэхтэһии салгыы ыытыллар буолбута. Ити сыл уонча массыына кыттыбыта. Онтон 2005 сылга, күрэхтэһиини тэрийээччи этии киллэриитин өйөөн, “Колми” фирма салайааччыта Николай Румянцев 4 көлүөһэни супер-бириискэ туруорбута. 2008-ка күрэхтэһии сир уларытан, Иннокентий Федоровичтаах тэрийиилэринэн, Нам улууһугар ыытыллыбыта. Дьэ, ити курдук, сыллата сайдан, далааһына кэҥээн, “Хаар Айан” билигин бэйэтэ юридическай статустаах, регистрациялаах, 10-ча улууска бэрэстэбиитэллээх, Эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ буолар.

Иннокентий Барашков бу, чахчы даҕаны, оҕотун курдук бүөбэйдээн “улаатыннарбыт” бырайыагын олус күндүтүк саныыр. Хаһан да, хайдах да быһыыга-майгыга, күрэхтэһиитин тохтотуо суоҕа диэн киһи бүк эрэнэр.

— Бу олох сотору кэминэн, кулун тутар 24-25 күннэригэр Намҥа, “Хаар Айан” 15 сылыгар аналлаах, үбүлүөйдээх күрэхтэһии супер-финала ыытыллыаҕа. Онно “ГАЗ” – Горьковскай автозавод кыттыаҕа. Кинилэргэ анаан “газеллары” куоталаһыннарабыт. Итиэннэ быйыл автоледилэр аан маҥнай күрэхтэһиэхтэрэ. Супер-финалга Саха сириттэн уопсайа 10-тан тахса улуус бэрэстэбиитэлэ кыттыаҕа. “Колми” быйыл 25 сааһын туолар, онон, үбүлүөйдээх сылга бириискэ “Лада Приора”-“Жигули” массыынаны туруорар, — диэн, Иннокентий Федорович бэрт интэриэһинэйи сэһэргээтэ.

Хаһан эрэ тыа сирин уолаттарын көрдөөх кэпсэтиилэрин кэмигэр үөскээбит идиэйэтин ити курдук, дьүккүөрдээхтик олоххо киллэрэн, сайыннаран, Иннокентий Барашков тэрийэр “Хаар Айана” билигин, Саха сирин хорсун санаалаахтарын биир саамай кэтэһэр, сөбүлүүр, кэскиллээх күрэхтэһиилэрэ буолла.

Иннокентий Туйма уонна саха киинэтэ

Айылҕаттан дьоҕурдаах киһи Иннокентий Барашков биирдэ “Бэйэҥ киинэҕин оҥор” диэн грант суруйан, кыайан, аппаратура атыылаһан, киинэ устан барбыта. Ол эрээри, ити “биирдэ” диир алҕас буолуо, Кеша оҕо эрдэҕиттэн киинэ устар баҕалааҕа. Ол, оскуола эрдэхтэн кинигэни үлүһүйэн ааҕыытыттан, ону барытын оҕо баай фантазиятынан, хараҕар ойуулаан көрөрүттэн аан маҥнай силис тардан тахсыбыта. Дьулуурдаах киһи ыра санаата туолар дьылҕалаах. Кини билигин режиссер даҕаны, оператор даҕаны, сценарист даҕаны – барытын бэйэтэ оҥорор. Толору метражтаах икки киинэни уһулла – “Тулаайах” уонна “Таптал хаарты”. 2008 сыллаахха “Тулаайах” киинэтинэн, табаарыһын дойдутуттан Сунтаар Күндэйэтиттэн саҕалаан, Саха сирин араас улуустарынан премьералаан кэлбитэ. Онно, бастакы көрөөччүлэр кини айымньытын туһунан истиҥ, үтүө тыллара кинини кынаттаабыттара. Барашков киинэтэ билигин элбэх – 2 полнометражнайы таһынан, 30-ча аччыгый метражтаах баар. 3-4 документальнай киинэлээх. Былырыын Чурапчыга История сыла биллэриллэн, “Биригэдьиир” диэн, 80-с сыллары көрдөрөр саҥа киинэни уһулла.

Мин барыһы санаабаппын. Барыһы саныыр буоллахха, тугу да саҕалаабаккар тиийэр буоллаҕыҥ, — диэн Иннокентий санаата бигэ.

Кини, баҕар ким эрэ билэрэ буолуо, Иннокентий Туйма – Туйма Киэсэ диэн айар псевдонимнаах. Норуот бэйэтэ ааттаабыта. Туйма – Бахсы үс үрэҕиттэн биирэ. 90-с сылларга Киэсэлээх, Толоон-Бахсы уолаттара “Туйма” диэн ВИА тэриммиттэрэ – бары ыллыыллар, айаллар, клавишнайга, гитараҕа, ударнайга оонньууллар. Быйыл күһүн, үбүлүөйдээх сылыгар, Иннокентий Барашков — Туйма Киэсэ “Туйма” ансаамбылын, “Хаар Айанын” уолаттарын түмэн, айар биэчэрин тэрийэр былааннаах.

Кинини, биллэн турар, бу бырайыактарыгар дьоно-сэргэтэ, айар куттаах кэргэнэ Надежда Ивановна, 3 уола, 1 кыыһа, 5 сиэнэ, доҕотторо-табаарыстара уонна биир дойдулаахтара — бахсылар — бука бары өйүүллэр. Онон, барыта табыллыаҕа.

Чурапчыларынан киэн туттабыт

“Улуус олоҕо” бырайыагынан Чурапчы улууһугар командировка кэмигэр бу курдук бииртэн-биир олус талааннаах, үлэһит, дьулуурдаах дьону көрүстүбүт. Бу үөрүүлээх.
Онон, Чурапчы улууһун дьаһалтатыгар, баһылык Андрей Ноговицыҥҥа, быһаччы сибээһи тутуспут киһибитигэр – улуус пресс-киинин салайааччыта Надежда Борисоваҕа, Чурапчы улууһун култууратын, эрэдээксийэтин кэлэктииптэригэр махталбытын тиэрдэбит. Хайдах курдук эдэр предприниматель Ульяна Заровняеваҕа тиийэн “Сахамедиа” диэн торт астыырга маастар-кылаас ылбыппытын, Хадаар нэһилиэгин үчүгэйкээн оҕолорунуун, пионердардыын билсиспиппитин, оскуола мусуойугар урут ханна да көрбөтөх сэдэх экспонаттарбытын көрбүппүтүн сурукка үйэтиттибит.

Мындаҕаайы, Бахсы, Төлөй, Чурапчы нэһилиэктэрин олохтоохторун, фермердэрин, быраастарын, учууталларын, норуот талааннаахтарын, Чурапчы “моржтарын” курдук сэдэх дьарыктаах, чаҕылхай дьоннуун истиҥ көрсүһүүлэр олус үчүгэй, үтүө өйдөбүллэри хааллардылар. Тыа сиригэр дьон кэскиллээхтик тэринэн, үлэлээн-хамсаан, олоҕун бэйэтэ интэриэһинэй оҥорон олорорун илэ харахпытынан көрдүбүт, итэҕэйдибит. Кинилэр, олох судургута суох, ардыгар ыарахан да кэмнэргэ, чахчы күүстээх санааларынан, түмсүүлээхтэринэн, сүрэхтээхтэринэн, бэйэ-бэйэҕэ болҕомтолоох, үтүө сыһыаннарынан, көмөлөсүһэн, айан-тутан, ыра санааларын, сыалларын-соруктарын хайаан даҕаны ситиһэллэр. Ол иһин, олох салҕанар буоллаҕа.
Биһиги манан Чурапчы улууһун чулуу дьонун-сэргэтин туһунан суруйуубутун, биллэн турар, түмүктээбэппит. Тоҕо диэтэххэ, дьоһуннаах дьоруой элбэх. Үлэбит, суруйуубут салҕанар.