Улуус олоҕо: Чурапчы патриот дьахталлара ийэ тылы харыстыырга туруулаһаллар

2229

“Сахамедиа” суруналыыстара Бахсы орто оскуолатын оҕолоро төрөөбүт тыл, литература уруогар саха балаҕаныгар үөрэнэллэрин сэргии көрдүбүт. Ол туһунан «Чурапчы улууһун пааспарыгар» кэпсиибит. 


Киһиэхэ төрөөбүт дойдута, тыла-өһө саамай күндүтэ

— Бу балаҕаны оскуолабыт эр дьоно мас кэрдэн, оһох оҥорон, оһуордаан-бичиктээн, бэйэлэрин санааларыттан үлэлээн, буор-босхо тутан биэрбиттэрэ. 2015 сыллаахха киирбиппит. Нэһилиэнньэ барыта махтанар, — диир оскуола саха тылын, литературатын учуутала Жанна Федоровна Барашкова.

Былырыын Жанна Барашкованы Саха тылын учууталларын съеһигэр биир идээлээхтэрэ “Сайдыы” өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылын учууталларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлинэн талбыттара.

— Куорсуннаах “Аан Талҕа” арамаанын ааҕан баран, өйүм-санаам уһуктан, төрөөбүт тылбыт туһугар турунан, хайаан даҕаны тугу эрэ оҥорор кэм кэллэ диэн өйдөөбүтүм. Дьиҥэр, өрөспүүбүлүкэ саха тылын учууталлара элбэҕи үлэлииллэр. Ону киэҥ эйгэҕэ таһаарар наада. Олохпутугар гаджеттар салгыы киирэ туруохтара. Төрөппүт оҕотун кытта төрөөбүт тылынан элбэхтик кэпсэппэт буоллаҕына, бу оҕо букатын тэйэр. Билигин ФГОС быһыытынан, 5-6-с, 7-8-с кылаастарга төрөөбүт тылы үөрэтии чаастарын туһунан, сурунаалларбытын, оробуочай бырагыраамабытын нууччалыы тылынан толорорго ирдэбил – бу туһунан олох туспа, анаан-минээн кэпсэтэр наада. Олох бэйэтэ барытын орун-оннугар ууран иһиэ дии саныыбын. Соторутааҕыта Ил Түмэҥҥэ “төгүрүк остуол” буолбута, онно тылы сайыннарыыга, эйгэтин кэҥэтиигэ үлэлиир департамент, биитэр кэмитиэт наадата, тылдьыт аҕыйаҕа, терминнэри туһаныыга болҕомто күүһүрүөхтээҕэ бэлиэтэммитэ. Мунан хаалбакка ийэ тылбытыгар хайыһан, өссө түмсүүлээхтик үлэлиэхтээхпит, — диир кини.

80-с сыллардаахха оскуоланы бүтэрбит, 9 сыл устата ыанньыксыттаабыт, онтон саха салаатыгар, үлэлии-үлэлии кэтэхтэн үөрэнэн, университеты бүтэрбит, эмиэ 9 сыл устата оскуолаҕа дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы, идэлээх сойуус бэрэссэдээтэлинэн өр сыл ситиһилээхтик үлэлээбит Жанна Федоровна Барашкова олоххо уопута баай, дойдутун историятынан дьиҥнээхтик интэриэһиргиир буолан, олус үчүгэйдик билэр.

Кини 385 сылын туолбут Бахсы нэһилиэгэ маҥнай нуучча хаһаахтара кэлэллэригэр, “Бахсытцы” диэн сурулла сылдьарын туһунан кэпсиир. Наука доктора, историк Андриан Борисов бу Бахсыттан төрүттээх, саха биллиилээх артыыһа Андриан Слепцов сиэнэ. Кини нэһилиэгин историятын чопчулаһарга үгүстүк үлэлэһэр.

— Бахсы – санскрит тыла эбит. Быхикшу – учуонай, муусукаан, мындыр учуутал. Бу биһиги дойдубутуттан элбэх артыыстар, муусукааннар, учуонайдар, суруйааччылар тахсыбыттара – Местниковтар, Решетниковтар, Слепцовтар, — диэн Жанна Федоровна, Бахсы таҥаратын дьиэтин көрө баран истэхпитинэ, сэһэргиир. Кини үгүс элбэҕи билэр. Саҥата суох истэбин, испэр хайгыыбын.

Чурапчы чулуу дьахталларынан баай

Чурапчы улууһа Жанна Федоровна курдук чулуу үлэһит, патриот, айылҕаттан айдарыылаах, талааннаах тарбахтаах, мындыр өйдөөх, бастыҥ хаһаайка, күн күбэй ийэ, эйэҕэс эбэ, эрэллээх эдьиий-балыс, тулуурдаах уонна дьулуурдаах, кыраһыабай, дьиҥнээх саха Далбар Хотуннарынан, кэрэ куоларынан баай. Чуолаан, кинилэр олоҕу тэбис-тэҥҥэ туойсаллар, сайыннараллар, сирдииллэр. Чахчы, киһи киэн туттар дьоно!

Бахсы туһунан араас дьикти номохтору, эдьиийим курдук истиҥник саныыр, ытыктыыр биир идэлээҕим, суруналыыс-дьүөгэм, суруйааччы Анна Слепцова-Туобу Аанаттан аан бастаан истибитим. Кини, мин биир кэмҥэ “Эдэр коммунист” хаһыат эрэдээксийэтигэр кылгастык да буоллар, бииргэ үлэлээбит коллегам, талааннаах бэйиэт Вениамин Миронов кэргэнэ этэ. Кэлин Вениамин Павлович суох буолбутун да кэннэ, Анна Дмитриевна эрэдээксийэҕэ мэлдьи кэлэр этэ, кэргэнин туһунан ахтыылары, кини айымньыларын бэчээттиирбит. Анна Дмитриевна элбэхтик суруйара, сөбүлүүр тиэмэтинэн суруйааччылар уонна төрөөбүт дойдута Бахсы, Бахсы талааннаах дьоно-сэргэтэ буолара. Кини бэйэтэ эмиэ суруйааччы буола үүммүтэ. Анна Слепцова “Театральнай искусство үйэлэргэ умнуллубат саарына: Т.П.Местников төрөөбүтэ 105 сылыгар“ кинигэни суруйан хаалларбыта.

Бүгүн мин онтон биир ыстатыйаны билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Бахсылар саха тыйаатырыгар

Бахсы Саха сиригэр сэдэх дойду: сиртэн уһулута ойон тахсан өрөһөлөнө кыстаммыкка дылы күтүр улахан, аата ааттаммакка „эдэр“ дэнэр үрдүк булгунньаҕа элбэх үһүйээннээҕин ийэм кэпсиирэ, иккис „кырдьаҕас“ дэнээччитэ, саха дьахтара халадаай ырбаахытын тэллэҕэ олордоҕуна киэҥник налыйа тэлгэммитин санатар булгунньах тэллэҕэ киэҥ сиринэн дайар. Бу булгунньахха ийэм Лөчүөк Пинигинниин үс маһы олордубутугар уу кутуспута үһү. Үрдүк томторго Бахсы биир киэргэлэ, таҥара дьиэтэ баар. Хайысха түөрт өттүттэн кылбайа көстөр. Бу мас зодчество хатыламмат күндү көстүүлээх буоларыгар улахан өҥөнү саха аатырбыт самородок худуоһунньуга Иннокентий Сивцев-Мытыйыкы маастар ылар.

Оо, Бахсы, Бахсы! Аҥаардас Бахсы Сэлэпсиэптэрэ 15-с үйэттэн саҕаланар төрүччүлээх эбит буоллахтарына, Бахсы, Эн уһун үйэҥ устатыгар төһөлөөх уустук дьылҕаны аастыҥ этэй?! Онтон биир ынырык дьулааныҥ — кутурҕан сурах буолан Саха сиригэр биллибит „Чурапчы көһүүтүгэр“ Эн, Бахсы, эмиэ аймаммытыҥ. „Үс күннээх түүн иһигэр көһөрүү түмүгэр Холболоох, Кэссиэ, Көмүк, Былатыанаптар сайылыктара, Өттөҕөр, Нэһилиэк ородобуойа, Дьүөлү, Муосталаах, Кубалаах, Харбыгы, Кэмээдэ, Бахсы томторо курдук сүүһүнэн ыаллаах, үйэ-саас тухары киһи-сүөһү олохсуйбут кэрэ миэстэлэрэ кураанахсыйбыттара“, — диир Н.Пестряков „Кыым“ хаһыакка „Бахсы көһүүтэ“ ыстатыйатыгар.

Оттон Бахсыны Бахсы дэтэр Томтор таҥаратын дьиэтэ Мытыйыкы оҥорбут үтүөкэннээх уус-уран декоративнай айымнньылара, мас зодчество хатыламмат трапезнай саалата, көмүс аалтыыр дьиҥнээх көрүҥэ суох оҥоһуллубуттара. 70-80 бууттаах Аҕа уонна Ийэ куолакаллар, ону тэҥэ ырыаһыт куолакал фронт туһатыгар утаарыллыбыттара диир Н.Пестряков.

Дьэ маннык дьикти, кэрэ Бахсы аҥаардас театральнай искусствоҕа, кини историятыгар дьоһун миэстэни чиэстээхтик сүкпүт дьоннордоох. Бэл , журналист Эдуард Соколов ахсаан өттүнэн чуолкайдаан турардаах: „Бахсы 29 артыыһы биэрбитэ биир дьикти. Онуоха суол үктээбит, көҕүлээбит киһинэн театральнай искусство деятелэ, СР народнай артыыһа, Саха театрын биир бастакы директора Т.П.Местников буолар. Кини сүдү дьоҕуруттан силистэнэн-мутуктанан, баараҕадыйан тахсыбыт дьоннор“, — диир кини.

Кырдьыга да оннук буолан, хас биирдиилэрэ көрөөччү хараҕар быраҕыллар тус-туһунан маарыннаспат суолу-ииһи сценаҕа хаалларан, норуот ытыктабылын ылан аакка-суолга, үрдүк актерскай маастарыстыбаларынан народнай артыыстар дэммит дьоннор: Россия уонна Саха Республикатын народнай артыыстара Петр Решетников, Марк Слепцов, Саха Республикатын искусстволарын үтүөлээх деятелэ, суруйааччы-драматург Николай Слепцов-Туобулаахап, Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа, Норуоттар доҕордоһууларын уордьанын кавалера, Ньурба тыйаатырын кылаабынай режиссера буола сылдьыбыт Спартак Слепцов, ырыаһыт Дария Барашкова.

Бу ааттаммыт дьоннор театральнай искусствоҕа бэйэлэрэ эрэ бүтүн олохторун анаабатахтара. Кинилэри кытта бүтүн олохторун кинилэр кэрэ аҥаардара театрга эмиэ бэлиэ суолу хаалларбыттара. Ол курдук Россия уонна Саха Республикатын народнай артыыската Матрена Слепцова, Марк Слепцов кэргэнэ, иккиэн үйэ аҥаара сценаҕа этилэр. Сахалартан бастакы травести актриса, СР үтүөлээх артистката Прасковья Петрова-Туобулаахап кэргэнэ, Ирина Максимова-Петр Решетников кэргэнэ, театр бэйэтин студиятыттан тахсыбыт идэтийбит актриса Татьяна Слепцова-Андриан Слепцов кэргэнэ. Оттон Спартак Слепцов кэргэнэ Розалия Слепцова, К.Уткин эппитинии „үс кут кустугар куустарбыт“, республикаҕа биллэр сцена бэтэрээнэ, ССРС бочуоттаах донора, ыллаабытын курдук ыллыыр, театральнай дьиэ кэргэн диэн ааты эрэллээхтик сүгэллэр. „Үгүс омук мичийэр мичээринэн бар дьонун имэрийэ сылдьар“, — диэн К.Уткин түмүктүүр.

Дьэ, ити курдук, дойдум Бахсы барахсан үтүө уолаттара, кийииттэринээн Саха театрын историятыгар умнуллубат бэлиэ суолу хаалларбыттарынан киэн туттар.
Оттон билигин ытык Бахсы искусство бары салааларыгар бэлиэтэ: бүтүн плеяда артыыстар — Дария Барашкова, Аиза Решетникова, Галина Барашкова-Алексеева, Марк, Светлана Слепцовтар, Людмила Белолюбская (оҕо оркестра); киинэ эйгэтигэр — „Туйма-фильм“ айымньылаахтык үлэлиир-хамсыыр, аны киинэҕэ уһуллубуттара — Петр Решетников, Прасковья Петрова, Айаана Слепцова (Мотуо), архитектураҕа — Иннокентий Слепцов, балекка — Ренат Хон, эстрадаҕа – Алексендр Саарын; тэлэбиидэнньэҕэ — Иннокентий Слепцов, диктор Лира Белолюбская, бэл циркэ искусствотыгар эмиэ сулус тахсар чинчилээх.