“Сахамедиа” суруналыыстара Чурапчы сэлиэнньэтин биир саамай минньигэс сиригэр – торт оҥорор сыахха кэлэн турабыт. Хаһаайка Ульяна Заровняева, төһө даҕаны үлэтин үгэнэ буоллар, үөрэ-көтө көрүстэ. Тыа сиригэр дьоҕус бизнес сайдыытыгар тугу билбиппитин-көрбүппүтүн «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит.
Чурапчыга олорор, үлэлиир предприниматель Ульяна Заровняева минньигэс сыаҕар остуолга, долбуурдарга торт бөҕөтө кэчигирээбит. Эчи үчүгэйдэрин, кыраһыабайдарын, эгэлгэ араастарын. Бу – сибэккилээх корзина, бу — массыына-торт, оттон бу үс этээстээх торду оҕолорун төрөөбүт күнүгэр төрөппүттэрэ сакаастаабыттар.
— Мин араас ойуулаах бисквитнэй, кремовай тортары оҥорорбун сөбүлүүбүн. Уонча көрүҥ – “Вупи пай”, “Птичье молоко”, “Зебра” бисквитнэй торт , “Фруктовай”, “Шоколаднай”, “Красный бархат”, “Медовай”, араас пирожнайдар. Ассорти-торт хамаҕатык барар. Сакаас киирэ турар. Күҥҥэ 10-ча анал сакаас баар буолар уонна маҕаһыыммытыгар күннэтэ 30-40-ча торду атыыга таһаарабыт. Бырааһынньыктарга, субуота, өрөбүл күннэргэ сакаас элбиир. Маны таһынан, уонча маҕаһыыны кытта дуогабардаахпын, онно ыыталыыбын. Үлэ күнэ сарсыарда 9 чаастан саҕаланан, киэһэ 18 чааска диэри салҕанар. Бырааһынньыктарга субуота-өрөбүл диэн суох, сакаас наһаа элбээтэҕинэ, күннэри-түүннэри да үлэлиэххэ сөп. Барытын бэйэм оҥоробун. Бисквити бэлэмнииргэ көмөлөһөр кыргыттардаахпын. Сыахха, маҕаһыыҥҥа уопсайа 5 киһи үлэлиибит, — диир кини.
Биһиги тиийэрбитигэр Айта Дьячковская диэн эдэр кондитер бисквит оҥоро сылдьара. Үлэ сыахха элбэх.
Быйыл Ульяналаах “пищевой принтер” диэни ылан абыраммыттар. Сакаасчыт баҕатынан, торду араастаан киэргэтиэххэ, холобур, төрөөбүт күннээх оҕо хаартыскатын эмиэ оҥоруохха сөп диэн этэллэр. Оттон сырьеларын Новосибирскай куораттан сакаастаан ылаллар.
Ульяна Николаевна кэргэнинээн Иван Егорович Новгородовтыын, бу сыаҕы аһаннар, кондитерскай оҥоһуктарынан бэйэлэрин дьыалаларын 2014 сылтан саҕалаабыттара. Иван Егорович бородууксуйаны маҕаһыыннарынан тарҕатар, булар-талар, хааччыйар саамай тутаах киһи. Бастаан арендалаан турбуттара, оттон билигин, дьиэни атыылаһан ылан, уулуссатын аатынан “Октябрьскай” диэн сүрэхтээн, бизнестэрин хаһаайыстыбатын ыал аҕата көрөр-истэр. Онон, дьиэ кэргэн дьарыга сайдар. Улахан кыыстара Алена көмө киһитэ, оттон төрөппүттэрэ түбүктээх үлэҕэ сылдьар кэмнэригэр кырачаан Катюшаны эбээлэрэ көрөн, олох абыраабыт.
Ульяна Улан-Удэ куоракка институкка үөрэнэн, “инженер-технолог общественного питания” идэни ылбыт уонна 2008 сыллаахха дойдутугар Чурапчыга үлэлии кэлбитэ. Улуустааҕы “Маарыкчаан” потребуопсастыбаҕа технологтыы сылдьан, үлэҕэ саҥаны-сонуну ылынымтыа кыыс, дьонун кытта сүбэлэһэн, сыыйа бэйэ дьыалатын аһарга быһаарыммыта. Сыах аһыллыытын историятыттан кылгастык билиһиннэрдэххэ итинник.
— Идэбин олус таптыыбын. Оскуола эрдэхтэн талан ылбытым. Инженер-технолог идэтигэр үөрэнэ сылдьан, төрөөбүт дойдубар Дириҥҥэ сайыҥҥы кэмҥэ кондитерскайга үлэлээбитим, онтон ыла биһирээбитим. Технологтыы да сылдьан, килиэп, буулачыка, кондитерскай оноһуктарга ордук охторум. “Маарыкчаан” ПО-ҕа үлэлии сылдьан, ассортимеммытыгар саҥа, сонун көрүҥнэри киллэрэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи ас-үөл быыстапкаларыгар миэстэлэһэр этибит. Инникитин, араас бурдук аһын дэлэтэн, сайыннарар бэйэм бүччүм баҕа санаалаахпын, — диир Ульяна Николаевна.
Сыахтан тахсыахпыт иннинэ, Ульяна Николаевна, биһиги харахпыт далыгар маастар-кылаас көрдөрөн, киэргэтэн, “Сахамедиа” диэн анал ааттаан оҥорбут тордун дегустациялата биэрдэ. Олус минньигэс!
Ханна да тиий, дьон төһө хаачыстыбалаах, сыаналаах аһы атыылаһарыттан, сакаастыырыттан, дьиэ кэргэн хайдах олорорун, төһө кыахтааҕын ыйдаҥардыахха сөп. Холобур, бырааһынньыктарга, оҕо төрөөбүт күнүгэр, сыбаайбаҕа, малааһыҥҥа, үбүлүөйдэргэ хайдахтаах курдук эриэккэс, кэрэ, ыарахан сыаналаах тортары сакаастыылларын көрөн туран, дьон кыаҕырбыт, олох тупсубут, диэн санааҕа кэлиэххэ эмиэ сөп.
Ульяна Заровняеваттан “Вупи пай” торт рецебэ:
Бородуукта:
Бурдук 350 г
Какао бороһуок 50 г
Саахар 210 г
Сымыыт 2 устуука
Ынах арыыта 250 г
Үүт 150 г
Кофе 20 г
Лимон сүмэһинэ 10 г
Сода чаайынай луоска аҥаара
Үлүннэрэр бороһуок 2 чаайынай луоска
Ванильнай саахар 10 г
Туус чаайынай луоска кыра аҥаара
Киэргэтиигэ:
Сливки 33%-наах 500 г. Маскарпоне (сыырынай крем) 250-300 г. Саахарынай пудра 100 г. Билииккэ сакалаат 100 г. Ынах арыыта 20 г.
* Арыы, саахар кутан, миксердиибит, бытаан ускуораска 2 мүнүүтэ эрийтэрэн баран, 2 устуука сымыыт кутан эмиэ 3 мүнүүтэ миксердиибит.
* Үүккэ кофе уонна лимон сүмэһинин кутан буккуйабыт уонна симиэспитигэр кутан, бытаан ускуораска 2 мүнүүтэ эрийтэрэбит.
* Иһиккэ бурдугу сиидэлиибит, какао, ванильнай саахар, үлүннэрэр бороһуок, сода, туус — барытын кутан иһиккэ буккуйабыт уонна аргыый аҕайдык кыра-кыратык кутан, миксердии турар иһиппитигэр кутабыт, 3 мүнүүтэ эрийтэрэбит.
* Анал киэптэри арыынан сотон баран, тиэстэбитин кутабыт, формабытыгар 3-4 устуука коржик тахсар. Коржиктарбытын 20-25 мүнүүтэ 180 кыраадыска буһарабыт уонна сойута уурабыт.
* Киэргэтиигэ киирэбит. Маскарпоне миксердиибит, ууллубутун кэннэ 33%-наах сливкини уонна саахарынай пудра кутан, миксердиибит.
* Коржиктарбытын киэргэтэбит. Аллараа слой коржигы креминэн сыбаан баран, иккис коржигы уурабыт уонна эмиэ сыбыыбыт. Үһүс коржигы ууран баран, креминэн сыбыыбыт уонна төрдүс коржикпытын уурабыт.
* Иһиккэ сакалаат уонна арыы кутан, атын улахан иһиккэ оргуйа турар итии ууга иһиттэри туруоран уулларабыт. Ууллубут сакалааппытынан торт үрдүн сыбыыбыт.
8. Торт үрдүн сакалааттарынан, пирожнайынан киэргэтиэххэ сөп.
«Вупи пай» (Whoopie pie) — бу американскай төгүрүк пирожнайдар. Чараас кириэм хаттыгынан сыстыбыт сымнаҕас бисквитнэй лэппиэскэлэртэн тураллар. Биирдэ боруобалаатыҥ да – иккиһин эмиэ сиэххин, чугас дьоҥҥун күндүлүөххүн баҕараҕыҥ. Оннук үчүгэй!
“Тыа сиригэр командировкаҕа тиийдэххитинэ, тута маҕаһыыннарын киирэн көрөр буолуҥ. Килиэптэрин сыаната, хаачыстыбата хайдаҕый? Атын табаарынан төһө баайый? Нэһилиэк хайдах дьаһанан олороро атыы-тутуу эргийэр кииниттэн көстөр”, — диир буолара мин бастакы эрэдээктэрим Айталын. Чурапчы улууһун олоҕун сырдатыыга, ити хас эмэ сыл анараа өттүгэр этиллибит этии, билигин да көдьүүстээҕин көрдөрдө.