«Улуус олоҕо»: Чурапчы улууһун баһылыктарын сахалыы таҥыннарбыт «Дьүөгэ» үлэтин хайысхата киэҥ

1414

“Сахамедиа” суруналыыстара Чурапчытааҕы “Дьүөгэ” тэрилтэ хаһаайката Татьяна Николаевна Карсанаеваҕа ыалдьыттаатыбыт. Манна дьахтар, эр киһи, оҕо таҥнар таҥаһын араас көрүҥүн, түүлээҕигэр тиийэ, барытын тигэллэр. Ол эрээри, мин санаабар, ордук, сахалыы таҥаһы уустаан-ураннаан тигиилэрэ ордук табыллар. Салгыы «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит.


Икки мэндиэмэннээх аныгылыы оҥоһуулаах иистэнэр сыах сөрү-сөпкө тэринэн олорорун көрдүбүт. Сырдык, сылаас, уонча үлэһиттээх. Бастакы этээскэ маҕаһыыннаах, мантан иискэ-ууска туохха наадыйалларын, иннэтиттэн-сабыттан саҕалаан, миэтэрэлээх араас эгэлгэ таҥаһыгар тиийэ атыылаһаллар.

Татьяна Карсанаева — “Дьүөгэ” салайааччыта, РФ олох-дьаһах хааччыйыытын туйгуна, СӨ норуот маастара, предприниматель, бэйэтин дьыалатын 2004 сылтан саҕалаабыт. Бу иннинэ кини “Арчы” үөрэтэр-производственнай кэмбинээккэ маастардаабыта, онтон, олох хаамыытынан, дьоҕус бизнескэ барбыта.

— Саха таҥаһын мин оҕо эрдэхпиттэн көрө, кэрэхсии улааппытым. Чурапчы дьахталлара хайа да кэмнэргэ бэйэлэрин омуктарын таҥаһын сөбүлээн тиктэллэр, астына кэтэллэр. Урут да, билигин да, биһиги улууспут уран тарбахтаахтарынан аатырар. Бу үгэспит хаһан даҕаны быстыбатаҕа. Билигин иис көрүҥэ өссө күүскэ сайынна, саха таҥаһа үрдүк таһымҥа таҕыста. Норуот маастардара саха таҥаһын дьаныһан туран сөргүтэллэр. Сахалыы таҥныбыт киһи, мин санаабар, олус маанытык, дьоһуннук, тутум үрдээн көстөр, дьон сэҥээриитин ылар. Итиэннэ, бэйэбит таҥаспыт куйааска да, сөрүүҥҥэ да – саамай табыгастаах, — диэн санаатын үллэстэр Татьяна Николаевна.

— Аатырбыт “Чурапчинка” кэһиэччиги эһиги эмиэ тигэн эрдэххит?

— Тигэбит. “Чурапчинка”-ны 80-c сылларга аатырбыт иистэнньэҥмит Прасковья Ефимовна Дьячковская сөргүппүтэ. Оччолорго, “Чурапчинка” диэн түмсүү кыттыылаахтара бары тиктибиттэрэ. Билигин өссө элбэх киһи тиктэр, кэтэр.
Бу билигин биһиги бөлөхтөрүнэн уонна биирдиилээн дьон таҥаһын тигэ сылдьабыт. Сакаас киирэ турар.

Бастаан тэриллии саҕана, 2004 сыллаахха, “Дьүөгэ”-лэр төрдүө этилэр: Татьяна Карсанаева, Любовь Захарова, Надежда Ахматова уонна Екатерина Седалищева. Оттон билигин уон киһи үлэлиир – 2 түүлээхчит (түү таҥаһы тигэр), 1 оҕуруо анньааччы, 1 кырыйааччы уонна иистэнньэҥнэр. Татьяна Николаевна үлэни тэрийэр, бириэмэ көһүннэҕинэ түүлээҕи иистэнэрин сөбүлүүр – бэргэһэ, саҕа, үтүлүк, уо.д.а. оҥоһуктар.

Хамнастара оҥорон таһаарыынан, онон, сакаас хайдах киирэринэн, бары бииргэ көхтөөхтүк үлэлииллэр. Бары универсал-иистэнньэҥнэр. Цветана Томская, Любовь Захарова, Екатерина Седалищева – Чурапчы улууһун норуот маастардара. Татьяна Афанасьевна, Татьяна Ильинична, Ульяна Викторовна, Любовь Михайловна, Екатерина Ивановна — Арассыыйа хааччыйыы эйгэтин туйгуннара.

“Дьүөгэ” – Норуоттар икки ардыларынааҕы, Арассыыйатааҕы, Саха сиринээҕи араас таһымнаах куонкурустар кыттыылааҕа, кыайыылааҕа. Олортон Татьяна Карсанаева өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саһарҕа” куонкуруска I миэстэ буолбуттарын ураты күндүтүк саныыр. Былырыын Москваҕа өрөспүүбүлүкэ бэрэстэбиитэлистибэтин көҕүлээһининэн, чурапчылар ыһыах ыспыттара. Онно «Дархаана» уопсастыба чилиэннэрэ «Дархаана» диэн сиэдэрэй тигиилээх соннорунан норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска кыайан, гран-при ылбыттара. Бу манна эмиэ «Дьүөгэ» кылаата баар. Оттон билигин сыллата Олоҥхо ыһыаҕар биири да көтүппэккэ миэстэлэһэллэр. Хайдах Тааттаҕа Олоҥхо ыһыаҕар “Чаҕылхай аат” буолуохтарыттан ыла, бу ааттарын биирдэ даҕаны ыһыктыбакка, үрдүктүк тутан кэллилэр.

Сыахпытыгар төнүннэхпитинэ — сакаас ордук саас-сайын, ыһыахтар чугаһаатахтарына олус элбиир. “Улууспут сакааһын бастакынан толоробут”, — дэһэллэр маастардар. Манна даҕатан эттэхпинэ, Чурапчы улууһун баһылыгын уонна нэһилиэктэр баһылыктарын сахалыы таҥастарын барытын бу “Дьүөгэ”-лэр уустаан-ураннаан тикпиттэр.

Олоҥхо ыһыаҕар чурапчылар сахалыы таҥастарын олус хайгыы көрөннөр, атын улуустар бэйэлэрин таҥастарын аны “Дьүөгэ”-ҕэ тиктэрэллэр. Холобур,
Үөһээ Бүлүүттэн, Мииринэйтэн, Өймөкөөнтөн тиийэ кэлэн сакаастаабыттара. Ыаллыы таатталар – солбуллубат сакаасчыттар. Аны быйыл Олоҥхо ыһыаҕа Алдан улууһугар буоларынан, алданнар саха таҥаһыгар сакаас оҥоро кэлээри сылдьалларын иһиттибит.

— Бэйэҕитигэр ыра санааҕыт хоту сахалыы таҥас арааһын тигиннэххит?

— Олохтоох оҥорон таһаарыыбыт миэстэтин булаат, кыргыттарбар таҥас бэлэхтээн, сахалыы көстүүм тиктэрбитим. Онтон ыла, бары сахалыы таҥастаахпыт. Сылын аайы тупсаран, ситэрэн-хоторон иһэллэр. Бэйэм эмиэ сыл аайы саҥаны кэтэрбин сөбүлүүбүн.

— Дьахтар сахалыы таҥаһын кэмпилиэгэ быһа холуйан төһөҕө турарый?

— Матырыйаалын хаачыстыбатыттан уонна быһыытыттан – “сборкалаах” буолар дуу, биитэр “складка” буолар дуу, онтон тутулуктаах. Аны ким эрэ тимэхтээҕи, ким эрэ сомуоктааҕы ордорор. Онон, быһа холуйан – 12-16 тыһыынча солкуобайга туруон сөп.

Итинник кэпсэтэ-кэпсэтэ, иистэнньэҥнэр үлэлэрин көрөбүт. “Бу – Чыаппара ансаамбылын сакааһын тигэ сылдьабыт, онтон таатталарбыт үлэспиттэригэр ылсыахпыт”, — диир салайааччы.

Таатта Чычымаҕыттан олоҥхоһут эбэлэр ансаамбыллара үрүҥ солкоттон 20 устуука хаарыс былаат сакаастаабыт. Эчи үчүгэйин – бытырыыстаах! Ити курдук, Кытаанах нэһилиэгиттэн эмиэ ансаамбыл сакааһа бу кэмнэргэ киирэн турарын көрдүбүт. Маны таһынан биирдиилээн тус сакаас элбэх – соннор, көстүүмнэр, былааччыйалар, бүрүүкэлэр.

— Биһиги килийиэн туохха баҕарарынан үлэлиибит. Кыһаллабыт, тупсаҕайдык таҥнан, дьоммут кыраһыабай буолуон баҕарабыт, — диир Татьяна Николаевна.

Кини бу дьоҕус бизнеһин сайыннарыыга, биллэн турар, дьиэ кэргэнэ барыта кыттар. Куоратынан, тыа сиринэн уолаттара, кыыһа – бары ийэлэригэр көмөлөһөллөр. Дьиэ кэргэн бары биир сомоҕо күүс буолан дьулуурдаахтык үлэлээтэҕинэ эрэ ситиһии кэлэр, олохпут сайдар.


Чурапчы сирэ былыр-былыргаттан уран тарбахтаах уустарынан, талааннаах иистэнньэҥнэринэн баай-талым. Төрөөбүт култуурабытыгар, үгэстэрбитигэр, омук быһыытынан уратыларбытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиэрдиллэн, иис-уус кистэлэҥнэрэ ийэттэн кыыска, кыыстан сиэҥҥэ бэриллэн, күн бүгүҥҥү олохпутугар тиийэн кэллэхтэрэ, дьону киэргэтэр, арчылыыр-араҥаччылыыр, үөрдэр, үрдэтэр аналларын дьоһуннаахтык, сиэрдээхтик толоро сырыттахтара, салгыы сайдар кэскиллэннэхтэрэ. Ол биир туоһутунан бүгүн «Улуус олоҕо» бырайыакка кэпсээбит «Дьүөгэ» тэрилтэбит айымньылаах үлэтэ буолар.