Улуус олоҕо: Үөһээ Бүлүү баһаарынайдара өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнарынан биллэллэр

756

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммитэ 82 сылын туолар. Улуус олоҕо-дьаһаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэригэр улуустааҕы тэрилтэлэр уонна биирдиилээн үлэһит дьон өҥөлөрө улахан. “Сахамедиа” суруналыыстара “Улуус олоҕо” бырайыагын чэрчитинэн бастыҥ үлэлээх тэрилтэҕэ сырыттыбыт.


“Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай баһаары утарар сулууспа” судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин “Үөһээ Бүлүү” улууһа” МТ баһаары утарар сулууспатын 12 №-дээх этэрээтэ Үөһээ Бүлүү сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрэр. Дьон олоҕор куттал суоһаабатын туһугар баһаарынайдар ыытар сэрэтэр үлэлэрин, иэдээн суоһаатаҕына көмөҕө түргэнник кэлэллэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Баһаарынай чааска 2009 сылтан начаалынньыгынан Виктор Новиков үлэлиир. Виктор Константинович аҥардас баһаарынньыгынан 26 сыл (байыас, суоппар, караул, этэрээт начаалынньыга) үлэлээн кэллэ. Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина, Россия бочуоттаах донора (устудьуоннуу сылдьыаҕыттан 100-кэтэ хаан биэрбит). Онон байыастарыгар эргиччи холобур буолар салайааччы.

Баһаарынайдар билигин хаһаайыстыбаннай ньыманан туппут дьиэлэригэр бэркэ тэринэн олороллор. Саҥа депону туталларыгар улуус баһылыга В.С.Поскачин, Ил Түмэн народнай депутата А.С.Миронов уонна өрөспүүбүлүкэ баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспатын начаалынньыга И.Н.Николаев көмөлөспүттэрин махтана ахталлар. Ол 2009 с. уолаттар биир күн дьуһуурунайдаан, 3 күн үлэлээн, бу дьиэни бэлэм оҥорбуттара. Үлэлиир усулуобуйалара үчүгэй буоларыгар кыһанан, толору хааччыллыылаах гына оҥостон абыраммыттар.

2016 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ көрдөрүүтүгэр бастакы миэстэни ылан, начаалынньык Виктор Новиков “Бастыҥ салайааччы”, Сардана Романова “Сэрэтэр үлэҕэ бастыҥ үлэһит” ааты ыллылар.

Билиҥҥи туругунан улуус үрдүнэн биэс МПЧ (аҕыйах киһилээх баһаарынай чаас) үлэлиир. Бу МПЧ-лар миэстэтигэр бары саҥа баһаарынай депо туттан олороллор. Төһө да тиэхиньикэлэрэ эргэтин иһин, бары үчүгэйдик көрөн-истэн үлэлиииллэрэ хайҕаллаах. Куһаҕан суоллаах-иистээх тыа сиригэр маннык дьаһаммыттара олус үчүгэй.

Мэтээллээх байыастар

Ааспыты ахтан аастахха, 2007 с. нефтебазаҕа емкоска баһаар буолбута. Ону биһиги 4 чаас иһинэн умулларбыппыт. Уматыктаах емкость дэлби тэппитэ буоллар, улахан иэдээн тахсыахтааҕа. Уоту кытта охсуспут 7 киһи “Хорсунун иһин “ мэтээл ылбыта. Уоту умуруорбут Леонид Семенов, Ян Михайлов, Владимир Ачикасов, Николай Алексеев, Алексей Иванов, Анатолий Иванов үтүө ааттара бүгүн уонна кэлэр кэмнэргэ хорсун быһыы чаҕылхай туоһутунан буолаллар. Баһаарынайдар улууска ыытыллар араас хабааннаах тэрээһиннэргэ өрүү кыттабыт. Тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллар күрэхтэһиилэргэ бириистээх миэстэҕэ тиксээччибит, бастааччыбыт даҕаны. Байыастарбыт ортолоругар спорт маастардара, Европа, Азия чемпионнара бааллар. Күһүн аайы биһиги тэрийэр муҥхабытыгар 300-кэ киһи сылдьан, балыктанан, үөрэн-көтөн тарҕаһааччылар , — диэн кэпсээнин саҕалаата Виктор Константинович гарааска турар тиэхиньикэлэрин көрдөрө-көрдөрө.

Бу баһаарынньыктар чулууларын көрдөрөн ылбыт тиэхиньикэлэрэ. Депоҕа киирэллэригэр 2009 с. бастакы саҥа “Уралларын” ылбыттар. Ол иннинэ барыта эргэ, ортотунан 10-тан тахса сыл устата тохтоло суох сүүрбүт массыыналардаах этилэр. Эһиилигэр баһаарынайдар өрөспүүбүлүкэтээҕи Спартакиадаларыгар бастаан, саҥа “Урал” массыынанан наҕараадаламмыттар. 2013 с. өрөспүүбүлүкэ финалыгар баһаарынай-прикладной спортка бастаан, “Урал” массыынаны ылар чиэскэ тиксибиттэр. Гараас иһэ ып-ыраас, манна хас биирдии массыына таһыгар ыскамыайкаларга баһаарынньыктар кэтэр таҥастара бэлэмнэнэн сытар. Баһаарынайдар гараастара туспа быраабылалаах. Тахсар аан таһыгар күн-дьыл туругун көрдөрөр уоттаах таблица ыйанан турар. Онон хайдах күҥҥэ, ардахха, хаарга уоту умуруора баралларын билэн тарҕаһаллар.

99 үлэһиттээхпин. Үөһээ Бүлүүтээҕи техникумтан техник-баһаарынньык идэтин баһылаабыт хас да оҕону үлэҕэ ыллыбыт. Сулууспабытыгар анал үөрэхтээх дьону ылыахха диэн сорук турар. Үлэһиттэрбиттэн үс гыммыт биирэ үрдүк үөрэхтээхтэр, — диэтэ салгыы начаалынньык.

Быйыл өрөспүүбүлүкэ көҕүлээһининэн кыаммат уонна элбэх оҕолоох ыалларга “дымоизвещатель” диэн тэрили холбообуттар. Олус туһалаах тэрил буоларын хайы-үйэ көрдөрбүт. Холобурдаан эттэххэ, Оҥхойго биир ыал кыра оҕолоро дьиэ иһигэр кумааҕыны умаппыт, ону ити тэрил тыаһаан, ыаллара киһи киирэн умулларбыт. Улуус киинигэр уопсай дьиэҕэ табахтан сылтаан уот тура сыспытыгар ыаллара тута баһаарынайдары ыҥыран, иэдээн тахсара бохсуллубут.

Буруолаах камераҕа эрчиллэллэр

Киһи эрэ барыта баһаарынньык буолар кыаҕа суох. Бу эт-хаан өттүнэн үчүгэй бэлэмнээх, кытаанах уйулҕалаах киһи үлэлиир үлэтэ. Уот күүдэпчилэнэ турар сиригэр киирэргэ өйдүүн-санаалыын бэлэм буолуохтааххын. Ол иһин байыастар эрчиллэллэригэр анаан техникум дьиэтин таһыгар баар таас дьиэҕэ анал дымокамера оҥорбуппут. Маннык дымокамера Дьокуускайга хас да баар, тыа сиригэр бу соҕотох биһиэхэ эрэ турар. Камера 50-ча квадрат иэннээх. Дымокамера, быһата, уокка былдьанан эрэр дьиэни санатар. Хабыс-хараҥа. Уот турбутун биллэрэр тыас-уус бөҕө. Буруо-тараа. Киһи сытарын көрдөрөр муляж баар. Манна быыһааччылар киһи тыҥатын, хараҕын, тыынар уорганын буруоттан көмүскүүр маасканы кэтэн киирэллэр. Быыһааччы уоттан киһини өрүһүйэн таһаарыыга эрчиллиитэ ити курдук саҕаланар. Саҥа эрчиллэ киирээччилэргэ бастаан искусственнай буруону туһанабыт, онтон кэлин дьиҥнээхтик буруолатабыт. Онон дымокамераҕа киирэн эрчиллэн, байыас уокка киирэртэн чаҕыйбат буолар. Урут Дьокуускайга баран үөрэх кэмигэр эрчиллэн кэлэр этибит. Байыас маннык дымокамераҕа элбэхтик киирэн эрчилиннэҕинэ, уоту умуруорууга хорсуннук, куттаммакка киирэр кыахтанар, — диэтэ дымокамера таһыгар туран кэпсиирин быыһыгар.

Үөһээ Бүлүү уоттан көмүскээччилэрэ буолаары турар ”Манчаары оонньууларыгар” 100 бырыһыан бэлэмнээх буолуохпут диэн эрэнэллэр. Дьиҥэ, кинилэр куруук бэлэм олорор дьон буоллахтара. Элбэх киһи түһэр сиригэр пууннары тэрийиэхтэрэ. Оонньуулар кэмнэригэр көмөҕө Бүлүүттэн, Ньурбаттан кэлиэхтэрэ. Тиэргэннэригэр эмиэ оонньуулары көрсө туруорбут уоту умуруоруу бэтэрээннэригэр аналлаах мэҥэ тааһы туруорбуттар. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх тэрилтэ бастыҥ уопута атыттарга холобур буоллун.