«Улуус олоҕо»: Горнайдар сайдыыларын энергетиктэр түстүүллэр

269

Горнай улууһун пааспарын 2016 сыл бүтүүтэ суруйбуппут. Бу сылга «Улуус пааспардарын» олохтоох хаһыат редакцияларын үлэһиттэрэ эбэн, толорон, ситэрэн биэрэллэригэр ыҥырыы таһаарбыппыт. «Үлэ күүһэ» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Василий Алексеев биир бастакынан ити бачыымы саҕалаата. Салгыы — кини «Якутскэнерго» ПАУо Киин электрическэй ситимин Бэрдьигэстээхтээҕи ситимин начаалынньыга Любомир Егорович Марковы уонна кылаабынай инженер Сергей Афанасьевич Антоновы кытта сэһэргэһиитин таһаарабыт. 


Электричество күүһүн күннээҕи олоххо туһаныы, хайдахтаах курдук улахан суолталааҕын сороҕор ханнык эмэ алдьаныы буоллаҕына, уот бардаҕына, саахал таҕыстаҕына эрэ биирдэ өйдүүр, билэр-көрөр, сыаналыыр курдук буолабыт. Быйыл Дьокуускайдааҕы ГРЭС-кэ тахсыбыт саахал итини ырылхайдык көрдөрдө быһыылаах. Ахсынньы амараан, тохсунньу тоһуттар тымныытыгар быһылаан тахсыбыта буоллар, сүүһүнэн тыһыынча дьон олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар ураты уустук балаһыанньаҕа киирэр туруктаахтарын туһунан элбэх кэпсэтии, быһаарсыы буолбута.

СӨ Ил Дархана Е.А.Борисов Россия Президенэ В.В.Путиҥҥа туруорсан, ГРЭС-2 туттарбыта, саахал кэмигэр онтон холботторон, бүтүн куорат, киин улуустар нэһилиэнньэлэрин уустук балаһыанньаттан быыһаабыта — ырааҕы өтө көрүү эбит диэн сыаналыыгын.

Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, электричество уотунан хааччыйааччылары сороҕор олохтоох нэһилиэнньэ хам-түм уоту арааралларынан, хас биирдии киһи күннээҕи олоҕор табыгаһа суох түгэннэри үөскэтэллэринэн, мөҕүттэр, тырыттар-ымыттар түбэлтэлэрэ баар буолар. «Хайаа, хаһан уоту холбуугут?!» диэри телефон үрдүгэр түһээччи, ыксатааччы, тиэтэтээччи да элбэх. Ол оннугар кинилэр үлэлэрин иһин махтанааччы, сөптөөхтүк сыаналааччы, чиэстээччи-бочуоттааччы ахсааннаах быһыылаах.

Уруккуну санаан ыллахха

Бу тэрилтэ салайааччыларын иһитиннэриилэрин билиһиннэриэх иннинэ, историяны сэгэтэ түһэн көрүөҕүҥ.

«Чыпчаал 20 үйэ» кинигэҕэ «Аан бастаан» диэн анал салаа баар. Онно электричество күүһүн Горнай оройуонугар туһаныы туһунан маннык суруллар:

— 1953 с. Бэрдьигэстээх оскуолата ( дириэктэр И.М.Васильев) Үөрэх министиэристибэтиттэн киинэ көрдөрөр аппарааты уонна «Киев» диэн двигатели туруорсан ылбыта. Оройуон сибээһин монтера Чертовских салалтатынан, 10-с кылаас үөрэнээччитэ Альберт Котенов, 8-с кылаас үөрэнээччилэрэ Петя Васильев, Степа Пахомов, Вася Иванов уотун тардан, 42 лаампа сэтинньи 7 күнүгэр Октябрьскай Революция бырааһынньыгар умайбыта.

Ити дьыл ЛМС 75 ат күүһэ күүстээх локомобил атыыласпыта суруллар.

Оттон 1954 с. «Үлэ күүһэ» хаһыат тохсунньу 22 күнүнээҕи нүөмэригэр маннык үөрүүлээх иһитиннэриини ааҕабыт:

— Бу Ленинскэй күннэргэ Горнайдааҕы луго-мелиоративнай станция саҥа тутуллан улаатан иһэр бөһүөлэгин олохтоохторугар улахан событие буолла. Манна электрическэй станция үлэҕэ киллэрилиннэ. Ильич лаампатын сырдык уоттара луго-мелиоративнай станция бары дьиэлэригэр күлүмүрдүү умайаллар. Манна бастакы массынньыыстарынан Сидор Алексеевич Парфенов, Илья Николаевич Андреев эбиттэр.

Хаһыат ити нүөмэригэр Мытаах нэһилиэгин Ленин аатынан холкуоһун 1954-1955 сс. кэскиллээх былаанын туһунан матырыйаал баар, онно этиллэр:

— Холкуос электростанциятын күүһэ производствоҕа туһаныллыахтаах. Молотилка, мэлииһэ, силорезка үлэлиэхтэрэ. Ити курдук электричество күүһүнэн маһы эрбээһин барыахтаах. Бор учаастагар молотилка мотор күүһүнэн үлэлиэхтээх.

Эргиччи уотунан хааччыллыы

Бигэ туруктаах уотунан хааччыллыы Бэрдьигэстээххэ сүрүннээн 1967 с. саҕаламмыта, — диир начаалынньык Любомир Егорович.- Манна Бэрдьигэстээх икки дизельнэй электростанцияттан уоту туһанара. Онон сэлиэнньэҕэ ити кэмҥэ киэһэ 11-12 чааска уот архасара, сарсыарда биирдэ холбоноро. Өссө оччотооҕу дизель, биллэн турар, син биир улахан эрэлэ суоҕа.

Ол иһин Саха сирин бырабыыталыстыбатыгар оройуон салалтата туруорсан, Дьокуускайтан быһа үрдүк күүрүүлээх уоту тардыы өйөнөн барбыта. 1975 с. «Хатыҥ Үрэх — Маҕарас» ВЛ-110/10 кВ линия тутулллан, эргиччи уотунан хааччыллыы бу нэһилиэккэ улахан үөрүүнү аҕалбыта. Онтон 1977 с. ахсынньытыгар Бэрдьигэстээххэ үрдүк күүрүүлээх уот линията тардыллыыта сайдыыны-үүнүүнү түстээбитэ.

Нэһилиэктэргэ уот киириитин сылларынан көрдөрүүтэ

Эргиччи бу курдук уотунан хааччыллыы улууспут бары нэһилиэктэригэр ыытыллыыта оччотооҕу кэмҥэ үлэлээбит салайааччылар улахан ситиһиилэрэ этэ диэн элбэхтик сурулунна:

— 1978 с. Хотугу электрическэй ситимнэр ДЭС базаларыгар олоҕуран, Бэрдьигэстээхтээҕи учаастак тэриллибитэ. Киин электрическэй ситимнэргэ көһүү түмүгэр, 110/35/6 кВ «Бэрдьигэстээх» ПС, ВЛ-35 кВ «Бэрдьигэстээх —Дьиикимдэ» олоххо киирбиттэрэ, эксплуатацияҕа ылыллыбыттара;

— 1979 с. ВЛ-35 кВ Бэрдьигэстээх — Аһыма киирбитэ;

— 1981 с. ВЛ-35 кВ Дьиикимдэ — Өрт тутуллубута;

— 1982 с. ПАЭС 2500 үлэлээбитэ;

— 1984 с. ВЛ-35 кВ «Аһыма — Бэс Күөл»;

— 1991 с. ВЛ-35 «Аһыма — Орто Сурт», Орто Сурт с. 35/10 кВ;

— 1996 с. ВЛ-10 кВ «Орто Сурт — Кэптин».

Горнай электриктэрэ уот ситимин Илбэҥэҕэ тиийэ хааччыйаллар

Билиҥҥи кэмҥэ Бэрдьигэстээхтээҕи РЭС аҕыс электрическэй подстанцияны, 150-ча кэлим трансформаторнай подстанциялары көрөр-истэр, өрөмүөннүүр.

Үрдүк күүрүүлээх линияны барытын килэмиэтиринэн аахтахха маннык буолан тахсар: ВЛ-0,4 кВ — 227,68 км, ВЛ-10 кВ — 176,592 км, ВЛ-35-35(10) кВ — 374,29 км, ВЛ-110 кВ — 96,7 км. Биһиги РЭС-пит Горнай улууһун сиригэр-уотугар эрэ буолбакка, өссө Бүлүү улууһун Илбэҥэ сэлиэнньэтин уотунан хааччыйабыт, көрөбүт-истэбит, өрөмүөннүүбүт.

Өрөмүөннээһин үлэтин былааннаахтык ыыталлар

Билиҥҥи туругунан, Бэрдьигэстээхтээҕи РЭС-кэ 46 киһи үлэлиир. Күннэтэ улуус үрдүнэн уот тохтоло суох бэриллиитин хааччыйаллар. Урукку линиялар эргэрэн, ураты көрүүнү-истиини, саҥардыыны эрэйэллэр. Ол курдук сыллата уоту тарҕатар ситимҥэ тэрилтэ үлэһиттэрэ нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан, улахан өрөмүөн үлэтин ыыттылар:

2011 с. Бэс Күөлүгэр,

2012 с. Өркө,

2013 с. Дьиикимдэҕэ,

2014 с. Күөрэлээххэ,

2015 с. Кэптиҥҥэ,

2016 с. Аһымаҕа,

2017 с. Бэрдьигэстээххэ.

Аҥардас быйылгы сылга Аһыма — Орто Сурт икки ардыгар 60 иккилии тирэхтээх баҕананы, Бэрдьигэстээх — Аһыма икки ардыларыгар түөрт атахтаах 42 улахан баҕананы уларыттылар.

Олохтоохтор махтанабыт

Ити өрөмүөннэргэ, күннээҕи үлэҕэ-хамнаска да кэлэктиип түмсүүлээҕин, ураты эппиэтинэстээҕин көрдөрөр. Нэһилиэккэ сылдьан, дьон-сэргэ махталын ылаллар. Тэрилтэ салайааччылара бастыҥ үлэһиттэрин махтана ахталлар: маастар Петр Петрович Большакову, электромонтердар Егор Григорьевич Лукины, Климент Кириллович Егоровы, Михаил Алексеевич Пестеревы, Василий Романович Иванову, Григорий Иванович Алексеевы, Макар Николаевич Максимовы, суоппар Нурдин Токтогулович Тулемушевы, тыраахтарыыс Егор Иванович Даниловы, диспетчердэр Владимир Семенович Леверьевы, Афанасий Иванович Петрову, маастар Данил Иванович Жиркову о.д.а.

Коллектив ханнык баҕарар кэмҥэ ахтар-саныыр, ураты махтанар дьонунан улууска бу салаа сайдыытын төрүттэспиттэри ааттыылар: Виктор Львович Торовы, Петр Петрович Исаковы, Николай Афанасьевич Яковлевы, Михаил Леонидович Черниковы, Михаил Петрович Лубнины.

Горнай улууһугар энергетика сайдыытыгар дьиэ кэргэнинэн кэлэн, олус кыһамньылаахтык үлэлээбиттэри астына бэлиэтииллэр: Владимир Семенович, Вера Демьяновна Малыхтары, Николай Семенович, Мария Владимировна Савчуктары, Александр Павлович, Галина Петровна Булычевтары.

Горнай энергетиктэрэ барыга-бары көхтөөх дьон

Бэрдьигэстээхтээҕи РЭС үлэһиттэрэ нэһилиэк, улуус уопсастыбаннай олоҕор өрүү көхтөөхтүк кытталлар. Нэһилиэк спартакиадата, кэнсиэрэ да буоллун, ким туох кыахтааҕынан күрэхтэһэ, кытта сылдьара олус хайҕаллаах. Ааһан эрэ сылга Бэрдьигэстээх дьаһалтатын кытта холбоһуктаах хамаандалара бастакы миэстэ буолбуттара. «Байанай» күрэхтэһиигэ өрүү көхтөөхтөр.

Бэйэлэрин кэлэктииптэринн да иһигэр, эмиэ спорт хас да көрүҥэр сыллата күрэстэһэллэр. Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбаны кытта тэрилтэнэн табаарыстыы көрсүһүүнү ыытааччылар.

Экология сылыгар «Ыраас гектаар» диэн ыҥырыыга кыттан, бэйэлэрин тэрилтэлэрин аттыгар Маатта үрэҕи ыраастаатылар. Тиэргэннэрин иһигэр Мария Петровна Арбыкина сибэккини сөбүлээн олордоругар махтаналлар. Быһата, туохтан да туора турбаттар.

Саахал тахсыбатын туһугар туруулаһаллар

Түмүккэ араас саахал тахсар түбэлтэтигэр хайдах бэлэмнээхтэрин туһунан ыйыталаспыппар маннык хоруйдаатылар:

— Электро-уотунан тохтоло суох хааччыйар туһугар күннэтэ кыһамньылаахтык үлэлииргэ дьулуһабыт. Хас биирдии үлэһиттэн ирдэбил олус күүскэ туруоруллар. Билиҥҥитэ икки УАЗ, биир сири дьөлө үүттүүр массыыналаахпыт, МТЗ, улахан бульдозер тыраахтардаахпыт, ГАЗ вездеходтаахпыт, остуолбалары туруорууга аналлаах массыыналаахпыт. Олор үчүгэй туруктаах буолалларын ситиһэбит. Өскөтүн саахал тахсар түбэлтэтигэр үс ПАЭС 2500 дизеллээхпит. Олор эргиччи үс суукка устата тохтоло үлэлииллэригэр оттук саппааһа баар. Ити 130-ча тн. 


«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.