“Сахамедиа” холдинг “Улуус олоҕо” бырайыагын иһинэн “Барыбыт кыһалҕабыт” рубрикаҕа туһааннаах тэрилтэлэртэн уонна такси сулууспаларыттан салайааччылары ыҥыран, дьону көҥүлэ суох таһар суоппардары (массыыналаахтары) хайдах үүннүөххэ-тэһиинниэххэ сөбүн туһунан кэпсэттибит.
Бил баһыттан сытыйарыгар дылы
Такси туһунан саҥа сокуон үлэлээтэҕинэ, дьэ сайдыахпыт дии санаабыппыт – ханна баарый? Хата, өссө алдьанныбыт. Аһаҕастык эттэххэ, “төгүрүк остуолга” кэпсэтии бүтүннүү сокуоҥҥа кэлэн кэтиллэ турар. СӨ Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Александр Оросин билинэринэн, 2011 с. ылыллыбыт “Такси туһунан” 69-с №-дээх федеральнай сокуон сиикэй сирэ, итэҕэһэ элбэҕэ көһүннэ.
Холобур, дьону тиэйиинэн дьарыктаныахтаах предприниматель нолуок тэрилтэтигэр регистрацияланар, МФЦ-тан көҥүл ылар уонна суолга үлэлии тахсар. Кини массыынатын техническэй туругун, бэлиэлэрин (фонарь, ойуу), докумуонун ким даҕаны көрөр, бэрэбиэркэлиир кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, сокуоҥҥа ол туһунан ыйыллыбат. “В” категорияҕа киирсэр чэпчэки, кыра таксилары таһынан 8-тан элбэх киһини олордор миэстэлээх, улуустар икки ардыларыгар сылдьар таксиларга эмиэ биир итинник: нолуок сулууспатыгар регистрацияланныҥ, судургутутан эттэххэ, Массыына суолун кэтээн көрөр тэрилтэҕэ иһитиннэрдиҥ даҕаны – тойон оҕото буола түһэҕин.
Ити эрээри, мэтээл икки сирэйдээх. Александр Жарафович: “Сокуон маҥнай үлэлииригэр регистрациялаах такси элбэх этэ, кэлин лаппа аҕыйаата”, — диир. Ол быһаарыыта эмиэ сокуоҥҥа сытар: регистрацияланан, көҥүл ылан сүүрэ сылдьар такси сокуону кэстэҕинэ – 50 тыһ. солкуобайга тиийэ, оттон көҥүлэ суох суоппар 5 мөһөөхтөн 1,5 тыһыынчаҕа эрэ диэри ыстарааптанар. Биллэн турар, дьон ханна халымырын, “тараҕайдааҕын”, сокуону тумнар суолу талаллар…
Суолга ГАИ эрэ тойон буолбатах
Үгүс киһи массыыналаахтары ГАИ эрэ дьаһайыахтааҕын курдук саныыр. Саҥа сокуонунан, регион бэйэтин быһаарыытыгар биэрэр боломуочуйатынан туһанан, таксилары сүрүннээһин боппуруоһа Суол хаһаайыстыбатын уонна тырааныспар министиэристибэтигэр сүктэриллибит эбит буоллаҕына, “В” категорияҕа киирэр чэпчэки таксины Ил Дархан 2016 сыл кулун тутар 9 күнүнээҕи Ыйааҕар олоҕуран Гостехнадзор анал отдела сүрүннүүр буолбута. Оттон улахан таксиларга, оптуобустарга (“Д” категориялаах) лицензияны үөһэ ыйыллыбыт Судаарыстыбаннай массыына суолун кэтээн көрүү федеральнай сулууспатын Илин Сибиирдээҕи регионнар икки ардыларынааҕы управлениета (нууччалыы кылгатан УГАДН) биэрэр.
Ити управление начаалынньыгын тырааныспар эйгэтигэр кэтээн көрүүгэ солбуйааччы Николай Шадрин министиэристибэ илиитэ, кыаҕа тиийбэтэҕин, Гостехнадзор оннуттан хамнаппытын бэлиэтээтэ. Ол курдук, Гостехнадзор, УГАДН уонна ГИБДД холбоһуктаах 20 рейдэни оҥорбуттарыгар 16 административнай дьыаланы көбүппүттэр, 13 предприниматели уонна суоппары эппиэтинэскэ тардыбыттар. Баҕар, тоҕо сэмэйэй дии саныаххыт: УГАДН ыйга биирдэ эрэ рейдэ оҥорор.
Оттон Гостехнадзор управлениетын салайааччытын солбуйааччы Егор Егоров: “Дьонтон сайабылыанньа ылабыт эрэ, ирдиир, суолга тохтотор кыахпыт суох. Үлэлиэхпититтэн 6802 көҥүлү биэрдибит”, — диэтэр даҕаны, 294-с №-дээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, 2017 сылга ГИБДД үлэһиттэрин кытта бииргэ 255 рейдэни оҥорон, 61 административнай дьыаланы көбүтэннэр, кэһээччилэргэ 347 тыһ. солк. кээмэйдээх ыстараабы төлөтөргө ууруллубут.
Үүннүүр-тэһиинниир үлэ өссө үөтэлиэҕин, ИП-лэргэ каникул биллэриллибитэ атахтыыр. Холобур, Гостехнадзор ааспыт сылга сокуоҥҥа ыктаран, 6 былааннаммыт бэрэбиэркэни ыытта. Иккиһинэн, көҥүлэ суох таксист сокуон хараҕынан көннөрү суоппар курдук көрүллэр. Тохтоппут “таксиһыҥ” үбүлүөйгэ, урууга “аймахтарын” тиэйэн иһэр аатырар. Ону маннык чахчы даҕаны бигэргэтэр: 2017 с. такси кыттыылаах 19 суол быһылаана бэлиэтэммититтэн 9-һа көҥүллээх, 10-на көҥүлэ суох. Дьиҥэр, уопсай статистика сыыппаратын кэтэҕэр төһөлөөх элбэх көҥүлэ суох таксист саһан сылдьара буолуой?..
Сокуону тутуһарбыт – буруйбут курдук
Аны бу дьыаланы кытта күннэтэ алтыһар дьон – такси сулууспаларын салайааччыларын санааларын истиэҕиҥ. Дьокуускай иһигэр сүүрэр “Дабаан” таксомоторнай сулууспалаах Валерий Степанов үлэтин 2006 с. саҕалаабытын, 2012 с. салгыы саҥа сокуонунан үлэлээри лицензия ылбытын этэр. “Ол эрээри сокуону тутуһар дьону самнарар, күлүккэ сылдьааччылары биһириир сокуон ылыллыбытыттан хараастабыт, — диир Валерий Критикеевич. – Судаарыстыба таһымыгар кыайан сүрүннээбэтин көрдөрдө. Мин курдук такси сулууспалаах куорат иһигэр 6-9 хаалла, урут 40 этибит. Биһиги суоппардарбытын, ирдэбили барытын толорон, суолга куттала суох сылдьалларын хааччыйабыт, хонтуруоллуубут. Индрайвер киириэҕиттэн адьас мөлтөөтүбүт. Аны ыстараап бөҕөнү төлүүбүт. Онон нэһиилэ тыын былдьаһан мөхсөбүт эрэ. ГАИ сокуону тутуһуннарыахтааҕын өйдүүбүт, биһиги балаһыанньабытын билэр буоланнар, ардыгар харахтарын симэллэр. Сокуону тутуһааччылары өйүү-убуу сатааталлар…”
Дьокуускай уонна Нам икки ардыгар сылдьар ИП-лаах, 2001 с. үлэлиир Байдам Мардьа Марха Уола маннык санаалаах: «Такси – бу, бастатан, дьон олоҕун иннигэр эппиэтинэс». Нам таксистара биирдиилээн сүүрүмээри, түмсүүлээх-тэриллиилээх буоллахха кыайыылаах буолуо диэн санааттан, коммерческайа суох партнерство тэринэн үлэлииллэр эбит. Сыананы бэйэлэрэ быспыттар: 7 сыл тухары 3 мөһөөххө дьону илдьэллэр-аҕалаллар. Ити кэмҥэ 200-тэн тахса киһи Индрайвер нөҥүө өҥө оҥорор.
“Намҥа 38 ИП-тэн төрдүө буолан хааллыбыт, — диир Байдам. – Биһиги эмиэ “Индрайвер таксистарын” курдук дьону дьиэлэригэр диэри илдьэбит, ылабыт. Сокуону тутуһан дьиҥнээхтик үлэлии-хамныы сылдьар таксистарга убаастабыл баар буолуохтаах. Биһиэхэ суолга тохтотор барыта – тойон. Билиҥҥи балаһыанньаҕа биһиги саһа-куота сылдьар курдукпут. Пассажир эмиэ ирдиэхтээх, билиэхтээх – регистрацията, көҥүлэ суох таксист туох да эппиэтинэһи сүкпэтин.”
Айанньыт, өйдөө!
Регистрацияламматах, көҥүлэ суох таксига олорсон иһэн суол саахалыгар түбэһэн оһоллонноххуна — страховой төлөбүр оҥоһуллубат.
Таһаҕаһа, оҕото суох айаннааҥ!
“Рикша” такси биир кэлим сулууспатын коммерческай дириэктэрэ Александр Ксенофонтов Индрайвер, Нон-стоп, “Максим” таксиларга үтүрүйтэрэн, улуустар икки ардыларыгар дьону, таһаҕаһы тиэйиигэ хайысхаламмытын, наймылаһар таксиларыттан ирдэбили барытын толорторорун, бэрэбиэркэлиирин билиһиннэрдэ. Дьиҥэр, Александр Васильевич этинэрэ элбэх: муляж-тахограф, путевой лиис, багажник… Миэстэ кыараҕаһынан, багажник кыһалҕатыгар эрэ тохтуубут.
“Омук микро-оптуобуһугар салон иһэ олус кыараҕаһын билэҕит. Дьон куораттан мал-сээкэй бөҕө ылынан барар. Суоппары тохтотон, багажнигыттан сылтаан ыстарааптаатахтарына, билиэтин ыаратар. Инньэ гынан, суоппар уонна пассажир икки ардыгар өйдөспөт быһыы-майгы үөскүүр. Багажник – туһалаах тэрил. Федеральнай сокуон норуоту утары үлэлиир”, — диэн санаалаах “Рикша” салайааччыта.
Ыалдьыппыт, “Амма олоҕо” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Наталья Бубякина таксистар саҥа ирдэбилинэн багажниктарын устан кэбиспиттэрэ айанныырга эрэйдээх буолбутун, ону тэҥэ, “треугольнигы” суох гынан, оҕо кириэһилэтин ирдиир буолбуттара моһуоктааҕын эттэ. Хайа таксист дьон оннугар кириэһилэ бөҕөнү хаалаан сылдьыай. Онон таһаҕаһа да, оҕото да суох айанныырга тэҥнээх балаһыанньа үөскээбит.
А.Ж.Оросин быһаарарынан, Таможня сойууһа 2016 с. собуоттан оҥоһуллан тахсар тиэхиньикэҕэ “туох да уларытыллыа суохтаах” диэн ирдэбил киллэрбит. Онон собуоттан оҥоһуллубуттан ураты уларытыы, эбии оҥоһуктары киллэрэр буоллахха, холоон көрүүнү ааһыллыахтаах. Саха сиригэр манан, сүрүннээн, “Эксперт” тэрилтэ дьарыктанар. Бу тэрилтэттэн сертификаттаах буоллаххына, суолтан иҥнибэккин. “Суоппардар сертификаттаах дьонтон быстах уларсан көрдөрөллөр уонна төттөрү бэйэлэрин киэнин олордоллор. Онон мантан ыла хонтуруолу өссө күүһүрдүөхпүт”, — диир өрөспүүбүлүкэ ГИБДД-ын начаалынньыгын солбуйааччы.
Түмүктээн эттэххэ
Такси туһунан сокуон уларытылыннаҕына, эбилиннэҕинэ эрэ суолга куттала суох сылдьарбыт хааччыллыаҕа көстөн турар. Госдуумаҕа уларытыы киллэриллэн, өссө 2014 с. бастакы ааҕыытын ааһан, иккис ааҕыыга сытар сураҕа иһиллэр. Дьэ, төһө өр күүттэрэр…