«Улуус олоҕо»: Киинэ алыбар ылларбыт айар куттаах Харысхан

2794

“Улуус олоҕо» бырайыак суруналыыстарын суруйар биир сүрүн тиэмэбит уһулуччу айдарыылаах, талааннаах оҕолор тустарынан буолар. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ, ханна да сырыттаргын, оскуола аайы оннук оҕону дөбөҥнүк булаҕын. Ол эрээри Ньукулай Чысхаан аатынан орто оскуола 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Харысхан Бурнашовы кытта билсэн баран: «Хайдах маннык айылҕаттан айдарыылаах оҕо баар буолуон сөбүй?» — диэн испэр үөрэ санаатым.


Марсем Харысхан буолуута

Уолу эбэлээх эһэтин ааттарынан Мария уонна Семен диэни холбоон, Марсем диэн ааттаабыттар. Уол итинник ааттаах былырыын күһүҥҥэ диэри сылдьыбыт. Онтон эдэр киһи аатын Харысхан диэн уларыппыт. Тоҕо бу маннык санааҕа кэлбитин сэһэргэһээччим бу курдук быһаарар:

— Миэхэ кырдьаҕас дьон: «Икки киһи аата холбоммут аат олоххор суолу биир хайысханы тутуһаргар мэһэйдиэҕэ. Икки ааттан холбоммут аат киһини икки аҥы тарда сылдьыаҕа. Онон бигэ тирэхтээх киһи буолар инниттэн ааккын уларыт», — диэн сүбэлээбиттэрэ. Ол иһин мин Харысхан диэн ааты ылыммытым. Ол аата «Харыстыыр хааннаах» диэн суолталаах аат. Ааппын уларытыыбар төрөппүттэрим бопсубатахтарыгар махтанабын. Бэйэҥ бил диэбиттэрэ. Кырдьык, ааппын уларытыахпыттан ыла олоҕу көрүүм, анаарыым биллэ уларыйда. Тирэхпин булбут курдукпун.

Варвара Потаповаттан саҕыллыбыт айар саҕах

Харысхан оҕо эрдэҕиттэн ону-маны толкуйдуур, айар дьоҕурдааҕын биир дойдулаахтара этэллэр. Улаатан баран, киинэ устуутугар ылларбыт. Оҕо сылдьыаҕыттан киинэ устуутун, телевидениенэн биэриилэри олус интэриэһиргиир буолбут. Уолчаан ис кыаҕа биир түбэлтэттэн саҕыллан төлө көтөн тахсыбыт.

Биирдэ саха тылын учуутала Евдокия Гаврильевна Харитонова биһиэхэ поэт Варвара Потапова хоһоонноруттан талан ылан, нойосуус үөрэтэн кэлэҕит диэн сорудахтаата. Мин үөрэтиэхтээх хоһооммун көрөн баран, наһаа сүрэҕэлдьээтим: «Аата уһунун!» — дии санаатым. Учууталбар: “Мин хоһоон үөрэппэкэ эрэ, бэйиэт туһунан киинэ-презентация оҥорон аҕалыам”, — диэтим. Кылааһынньыкпын Иван Бушуевы кытта документальнай киинэ оҥорорго ылыстыбыт. Ваня матырыйаал хомуйарбар көмөлөспүтэ, диктор оруолун толорбута. Учууталбыт Мария Поликарповна Бояроваттан, Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэрэ Розалия Тимофеевна Дягилеваттан интервью ылан, алта мүнүүтэлээх Варвара Потапова туһунан видеоролик оҥорон таһаарбытым. Киинэбит хаартыскалардаах, анимациялаах этэ. Учууталым үлэбин наһаа сөбүлээбитэ, үөрбүтэ уонна соһуйбута. Оскуолабыт иһинэн айар холбоһугу тэрийбиппит. Евдокия Гаврильевна бэйэ оҥорон таһаарар киинэ куонкурустарыгар кыттарбар миигин көҕүлээбитэ. Бастаан төлөпүөнүнэн уста сылдьыбыт дьон аны камераҕа көспүппүт. Сорукпут, былааммыт да кэҥээбитэ. Араас сонун сүүрээннэри олоххо киллэрии саҕаламмыта, — диэн кэпсиир кини.

Сергей Егоров «Ыллыгыттан» — айар ыллыкка

2016 с. Арассыыйаҕа Киинэ сыла буолан, ол дьыл кыраайы үөрэтээччи, суруналыыс, улуустааҕы сахалыы тыллаах “Хотугу сардаҥа” хаһыаты төрүттээччи Сергей Егоровка аналлаах Төрүт нэһилиэгин орто оскуолатыгар ыытыллыбыт “Егоровскай ааҕыыларга” суруналыыс айар үлэтин туһунан «Ыллык» диэн документальнай киинэ устубуттар. Үлэлэрэ биһирэнэн, “Сергей Егоров айымньыларынан киинэ устуута” номинацияҕа бочуоттаах 1-кы миэстэни ылбыттар. Бу мантан кынаттанан, Евдокия Харитонова үөрэтэр оҕолорун өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн ыытыллар видеоролик күрэҕэр кытыннарбыт. Онно ГУЛАГ тиэмэтигэр Варвара Белолюбская-Аркук «Ынчык буолан иһиллэр», Иван Готовцев «Эбэ хайата» хоһоонноругар олоҕуран, киинэ устубуттар. Манна таҥыы, устуу үлэтин Харысхан бэйэтэ оҥорбут. Айар куттаах уол доҕорунаан Иван Бушуевтыын иккиэн табыллан үлэлииллэр. Ванята – диктор уонна артыыс. Уолаттар киинэ сценарийыгар тиийэ иккиэн суруйаллар, матырыйаал хомуйуутугар тэҥҥэ үлэлииллэр. Үлэлэрэ улам ситиһии көтөллөнөн барбыт. Ол курдук, Төрөөбүт тылга анаммыт III өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха хоһоонноро-2017» диэн видеороликтары оҥоруу куонкуруһугар анал дипломунан наҕараадаламмыттар. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр Аркадий Новиков аатынан киинэ күөн күрэһигэр кыттан, 30 тыһ. солк. суумалаах грант хаһаайыннарынан буолбуттар. Былырыын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ бэстибээлигэр уолаттар биир дойдулаахтара, суруналыыс Сергей Егоров суруйбут «Тирэх — олоххо тирэн» диэн айымньытынан киинэ устан, «Киинэ ураты тыла-өһө» диэн анал номинацияҕа бэлиэтэммиттэр. Бу киинэ бэстибээлигэр уопсайа 50 үлэттэн 19 эрэ киинэни талан ылбыттарыттан, Харысхан Бурнашов үлэтэ киирбитэ кэрэхсэбиллээх.

Айар үлэ куруутун ситиһиини эрэ аҕалбата чахчы. Ол курдук, уолаттар «Мин нэһилиэгим» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонукурска биэс мүнүүтэлээх киинэлэрэ бириистээх миэстэҕэ тиксибэтэх. Ол эрээри 20-чэ үлэттэн 6-нан ааттанан испииһэккэ киирбититтэн, оҕолор олус үөрбүттэр. Киинэ устар кэмнэригэр олохтоох дьаһалта салалтата уонна кулууп үлэһиттэрэ командировкаларга баран турар кэмнэрэ буолан биэрбит.  Ол иһин «Арааһа, сүрүн тэрилтэлэри киллэрбэтэхпит, үлэбитин сыппаппыта буолуо», — диэн кэпсиир Харысхан.

Киинэ устуутун ымпыгар-чымпыгар уолаттар интернеттэн үөрэнэллэр. Сибээс мөлтөх буолан, интернет быстар бытаан. Онон үгүһү кыайа-хото тутуох дьон ыарырҕаталлара да баар буоллаҕа.

«Мааппа» киинэни араастаан сэҥээрэллэр

Уолаттар сулустаах чаастарынан Н.М. Заболоцкай-Чысхаан ааҕыыларыгар суруйааччы “Мааппа” айымньытыгар олоҕуран, аныгылыы ис хоһоонноох киинэлэрэ буолар. Бу үлэлэринэн Үчүгэй нэһилиэгэр ыытыллыбыт айар куонкуруска кыттан, иккис бочуоттаах миэстэҕэ тиксибиттэр. Хомойуох иһин, үлэлэрин ханна да көрдөрө иликтэр.

Кылаабынай оруолу толорооччуну булууга эрэйдэммэтэхпит. Литература сылыгар кылаастарынан испэктээх туруорбуттара. Онно Мааппа оруолун Оля Егорова оонньообутун бэлиэтии көрбүтүм. Итиннэ олоҕуран, киинэ устарга быһаарыммыппыт. Күһүн «Чубукулаах» диэн сиргэ учууталбытын Евдокия Гаврильевнаны кытта тиийэн, сирбит иччитин аһатан баран, киинэбитин устан барбыппыт. Онно биир көрүдьүөс түгэн өйбүтүгэр хаалбыт. Биһиги камуфляжтаах буолан, таҥаспыт өҥө ыраахтан көстүбэт. Арай булчуттар массыынанан ааһан иһэн көрдөхтөрүнэ, ырааһыйаҕа үрүҥ халадаай ырбаахылаах кыыс сылдьар үһү. Куттанан сүрэхтэрэ хайда сыспыт. Ол сиртэн куотан, дьонноох сиргэ тиийэн, кэпсээбиттэригэр, ыччаттар киинэ уста сылдьаллар диэн уоскуппуттар. Биллэн турар, нэһилиэкпит дьонугар көрдөрбүппүтүн олус сөбүлээбиттэрэ. Ол эрээри ис хоһоонун аныгылыы истиилгэ уларыппыппытын өйдөөбөтөхтөрө. Классическай айымньыны уларытан оонньоомоҥ диэн сэмэлээбиттэрэ. Үөлээннээхтэрбит, төттөрүтүн, бэркэ ылыммыттара. «Сонун баҕайытык көһүннэ», — диэн сыаналабыттара, — диэн кэпсиир Харысхан.


Харысхан Бурнашов оскуолатын бүтэрдэҕинэ, биллэн турар, киинэ режиссера буолар баҕалаах. Онон оскуола сааһыттан ыллыктаах айар үлэҕэ ылларбыт эдэр киһиэхэ ылсыбыт дьыалата барыта туолан иһэригэр баҕарабыт.