Билигин үгүс киһи кыттыгас тутууга киирэн, нууччалыы эттэххэ, долевой тутуу көмөтүнэн саҥа кыбартыыра атыылаһар кыахтанна. Бу аҕыйах харчылаах, тутатына улахан сууманы ууран биэрэр кыаҕа суох дьоҥҥо олус табыгастаах ньыма.
Ааспыт нэдиэлэҕэ «Улуус олоҕо» бырайыак чэрчитинэн, «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрика иһинэн, кыттыгас тутуу тула кэпсэттибит. Төгүрүк остуолга СӨ архитектуратын уонна тутуу комплексын миниистиэристибэтин олорор дьиэ бэлиитикэтигэр отделын салайааччытын солбуйааччы Алексей Миронов, эмиэ бу министиэристибэ кылаабынай исписэлииһэ, юрист Муза Винокурова, Тутууну уонна дьиэни-уоту кэтээн көрүүгэ судаарыстыбаннай управление кыттыгас тутууну хонтуруоллааһын уонна кэтээн көрүү салаатын салайааччыта Намина Дураева, Ил Түмэн дьокутаата Петр Аммосов, «Россельхозбаан» Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ, Ил Түмэн депутата Василий Тимофеев, «Стройкон» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Иван Полушкин кыттыыны ыллылар.
Төгүрүк остуол саҕаланыытыгар суруналыыс Анивера Акимова кыттыгас тутууга мөкү өрүттэр эмиэ баалларын бэлиэтээн туран, дьиэ наһаа уһуннук тутулларын таһынан, күннээҕи ороскуот элбиирин эттэ.
Ыйытыы: Дьон тоҕо кыттыгас тутууга киирэриттэн куттанарый?
Хоруй:
СӨ архитектуратын уонна тутуу комплексын миниистиэристибэтин олорор дьиэ бэлиитикэтигэр отделын салайааччытын солбуйааччы Алексей Миронов:
– Кыттыгас тутууга киирэр киһи, бастатан туран, дуогабары сиһилии үөрэтиэхтээх. Пууннары барытын көрүөхтээх. Хомойуох иһин, үгүс дьон дуогабары үчүгэйдик аахпакка эрэ илии баттаан кэбиһэр. Ол да үрдүнэн, дуогабар пууннарын тутуспат тутааччылар бааллар. Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүнэн 18 кыһалҕалаах эбийиэк баар. Бу дьиэлэргэ кыттыгас тутуу дуогабарын түһэрсэн, харчыларын укпут 268 киһи албыннаппыттар реестрдэригэр киллэриллибит. Үксэ куоракка баар. Бу этиллибит эбийиэктэртэн сорохторо үрдүк бэлэмнээх тураллар. Холобур, «Теплосервис» ХЭУо Покровскайдыыр суол 7-с килэмиэтиригэр баар 20 уонна 24 кыбартыыралаах, «Северная строительная компания» ХЭУо 69 кыбартаалга Каландрашвили уулуссатыгар тутулла турар 9 мэндиэмэннээх, «Стерх» ЖСПК Дьокуускайга Пекарскай уулуссатыгар 47 кыбартыыралаах уонна Чурапчыга тутулла турар дьиэлэр.
Ыйытыы:
Ленскэй улууһунааҕы хаһыат эрэдээктэрэ Мария Олесова:
– Ленскэй куорат Якутская уулусса 54 нүөмэригэр тутулла турар 24 кыбартыыралаах дьиэ 2014 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх этэ. Дольщиктар харчыларын барытын төлөөбүттэрэ. Ол эрээри дьиэ үлэҕэ киллэриллэ илик. Дольщиктар тутар хампаанньаларын СК «Монолит» диэҥҥэ көһөртөрбүттэрэ. Билигин дьиэ от ыйын 31 күнүгэр киириэ диэтилэр даҕаны, хойутуур чинчилээхтэр.
Хоруй:
Тутууну уонна дьиэни-уоту кэтээн көрүүгэ судаарыстыбаннай управление кыттыгас тутууну хонтуруоллааһын уонна кэтээн көрүү салаатын салайааччыта Намина Дураева:
Ити эбийиэги «Севертеплостройсервис» диэн тэрилтэ ылан турар. Дьиэни тутан үлэҕэ киллэрэллэригэр олус кылгас болдьоҕу туруорбуттар. Саҥа тутааччы тутуу болдьоҕун уларытыахтаах. Сокуон быһыытынан, тутуу үлэҕэ киирэр болдьоҕун уларытыахтарын сөп.
Ыйытыы:
Саҥа тутуллар дьиэ кыбартыыратыгар биир кв.м. билигин 65-70 тыһ. солк., куорат киинигэр өссө 75 тыһ. солк. тиийэр. Бу туохтан тутулуктааҕый?
Хоруй:
«Стройкон» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Иван Полушкин:
— Биһиги тутуунан дьарыктаммыппыт сүүрбэ, оттон кыттыгас тутууга үлэлээбиппит уон сыл буолла. Сайпытыгар хаһан, туох эбийиэги туппуппутун, билигин тугу үлэлиирбитин мэлдьи сырдатабыт, дольщиктарбытын эбийиэги кэлэн көрөллөрүгэр ыҥырабыт. Саҥа саҕаланар эбийиэккэ киирэртэн сэрэхэдийэр дьоҥҥо тутуллан бүтэн эрэр дьиэлэртэн кыбартыыра ыларга сүбэлиибин.
Оттон сыананы ыарахан дииргэ сөбүлэспэппин. Сыана тутуу, матырыйаал сыаналарыттан таһаарыллар. Холобур, эргэ дьиэлэри көтүрэн, олохтоохторун көһөрөн баран, онно саҥа дьиэни тутар түбэлтэҕэ ол үлэ ороскуота барыта эбиллэн, сыана ыарыыр. Оттон ыраас сиргэ тутуллар эбийиэк сыаната арыый удамыр буолар. Ити эрээри, ырыынак наадыйыытынан сирдэтэн, куорат киинигэр баар дьиэ сыаната үрдүүрэ мэлдьэһиллибэт.