Улуус олоҕо: Кытыы сир суолун-ииһин кыһалҕалара

376

Кытыы сир кыһалҕата элбэх. Саамай тыын суолталааҕынан айан суола, тиэйии-таһыы үлэтэ буолар. Бу күннэргэ «Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын чэрчитинэн суол-иис тула кэпсэттибит.


Суола суох — сайдыы суох

Үөһээ Бүлүү – Туобуйа хайысхатынан сылдьар айанньыттар аара суолга массыыналара алдьаннаҕына, 4×4 иэннээх тутуллубут дьоҕус дьиэлэргэ киирэн быыһаналлар. Туобуйа сэлиэнньэтэ Үөһээ Бүлүүттэн 250 килэмиэтир тэйиччи сытар. Онон улуус кииниттэн ыраах олорор, суоллара-иистэрэ быста мөлтөх нэһилиэктэр туобуйалар курдук, эмиэ маннык дьоҕус дьиэлэри аара суолга тутуохтарын сөп.

Бүлүүлэр «Ирбиһи» туруорсаллар

Дьиҥэр, кырыы сытар учаастактарга суол-иис кыһалҕата суоҕа эбитэ буоллар, ыраах тыаҕа дьиэлэри тутан үгүс харчыны матайдыа, күүстэрин халтайга ыытыа суох этилэр. Туобуйа нэһилиэгин баһылыга Степан Алексеев биир дьиэни бэйэтин, оттон атыттары улуустааҕы резервнэй фондаҕа көрүллэр үп-харчы суотугар туттарбыт. Туобуйаттан саамай чугас нэһилиэк Быракаан 160 килэмиэтирдээх сиргэ баар. Урут Быракааҥҥа диэри массыынанан кэлэн баран, сатыы Туобуйаҕа түһүнэллэрэ. Аны сирдэрэ хайалаах буолан, массыына сырыыта харгыстардаах эбит.

Бу Үөһээ Бүлүү улууһугар эрэ баар кыһалҕа буолбатах. Улуус ахсын кэриэтэ баар. Холобур, Үөһээ Бүлүүнү кытары ыаллаһа олорор Бүлүү улууһун түөрт нэһилиэгэ, ол иһигэр I Күүлэт, II Күүлэт, Тылгыны, Үгүлээт Өлөөнү, Эдьигээни кытта быысаһа сыталлар. Сайыҥҥы суол суох буолан, ­олохтоохтор өрүһүнэн сылдьаллар. Бэс ыйыттан саҕалаан алтынньыга диэри уу суола эрэ баар. Онон олохтоохтор улуус киинигэр киирэллэригэр-тахсалларыгар улахан эрэйи көрсөллөр. Сааскы, күһүҥҥү ыйдарга ас-үөл кэмигэр тиэллибэккэ, быстарыы да баар буолар. Инньэ гынан, киин сири кытары сылы эргиччи сибээстэрин быспат сыалтан, сымнаҕас сыттыктаах суудунаны, судургутук эттэхэ, «Ирбиһи» туруорсубуттара ыраатта.

«Полярные авиалинии» социальнай суолталаах хайысхаларынан көтү­тэр рейстэрэ ыйга биирдэ-иккитэ оҥоһуллар. Расписание суох. Дьон төһө элбэҕит­тэн көрөн рейс оҥоһуллар эбит. Бүлүүттэн Тылгыныга диэри чэпчэтиилээх билиэт сыаната быйыл 2404 солк., оттон Бүлүүттэн Күүлэкээҥҥэ диэри 2955 солк. олохтоммут.

Уу тырааныспарын туһунан эттэххэ, билигин суудунанан хааччыйыыга бастакы уочарат болҕомто Арктика уонна хоту улуустарга ууруллар. Онон атын улуустар олохтоохторо бу туһунан ыраланалларыгар эрэ тиийэллэр. Дьиҥэр, хоту, арҕаа, соҕуруу диэн араарбакка, кытыы сытар, айанныырга ыарахаттардаах нэһилиэктэргэ тэҥ сыһыан олохтонуо эбитэ буолуо. Иккиһинэн, муниципалитет бэйэтин кыһалҕата эрэ диэн этэр эмиэ сыыһа дии саныыбын. Дьоҕус бүддьүөттээх улуус туораттан көмөтө суох сыаналаах тиэхиньикэни атыылаһар кыаҕа суох. Холобур, Арктика уонна хоту улуустары вездеходунан хааччыйаллар эбээт.

Куһаҕан уматыктан сылтаан бөртөлүөт көппөтө

Бүгүҥҥү туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ салгын аалын пааркатыгар сүүстэн тахса сөмөлүөт уонна бөртөлүөт араас көрүҥэ баар. Ол гынан баран, мантан аҥаара эрэ көтөр кыахтаах. Аны улуус иһинээҕи көтүүнү тарбахха баттанар ахсааннаах эрэ көтөр аал хааччыйар.

Быйыл Аллараа Халымаҕа мөлтөх хаа­чыстыбалаах, ГОСТ ирдэбилигэр эппиэт­тээбэт уматыгы аҕаланнар, бөртөлүөт хас да ый көппөтөх. Тырааныспар министиэристибэтин салгын суолун салаатын начаалынньыгын солбуйааччы Алексей Борисов манна туһаайан: «Уматыктара баарынан баар эрээри, ГОСТ ирдэбиллэригэр эп­­пиэттээбэтэ билиннэ, онон бөртөлүөт са­­таан сапараапкаланар кыаҕа суох. Урут «Саханефтегазсбыт» аҕалар уматыгын сас­тааба үчүгэй этэ», – диэн этэр. Куһаҕан уматыктан сылтаан, улуус олохтоохторо ханна да айаннаабакка олороохтообуттар. Дьиҥэр, итини салалта быһаарар кыһалҕата буолуо ээ.

Халыма улуустарын биир эрэ көтөр аал хааччыйар

«Полярные авиалинии» Баатаҕайдааҕы филиалыгар Ми-8Т, Ми-8МТВ-1 бөртөлүөт­тэрдээх. Оттон Зырянкатааҕы филиал биир соҕотох суудунаны үлэлэтэр эрээри, Халыма улуустарын итиэннэ Муоманы, Аллайыаханы, Абыйы хааччыйар.
Күн бүгүн Уһук Хоту үлэлиир кыах­таах, сертификаттаах олохтоох көтөр ааллар ­суохтарын кэриэтэ. Арай аҕы­йах сылтан бэттэх швейцарскай «Пилатус» сөмөлүөтү көтүтэн эрэллэр. Эбии хас даҕаны «Пилатуһу» атыылаһыы былаана чугастааҕы кэмҥэ турар. Ол эрээри бу көтөр аал миэстэтин ахсаана аҕыйах буолан, уон иһинэн киһини ылар.

II Күүлэт баһылыга Светлана Игнатьева икки-үс миэстэлээх сөмөлүөтү кырыы сытар нэһилиэктэргэ көтүтүөххэ сөбүн этэр. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын отчуотун кэмигэр хаста даҕаны туруорсубута.

«Арктика суоллара» үлэ хайысхатын кэҥэтэр былааннаах

Быйыл хоту улуустарга кыһыҥҥы суол хаһааҥҥытааҕар даҕаны хойутаан аһыллан, сорох нэһилиэктэргэ күн бүгүнүгэр диэри уматык тиэллэ илик. Аны бу күннэргэ буурҕа түһэн, Уус Куйга – Депутатскай хайысхатынан массыына суола букатын да сабыллан турар.

Икки сыллааҕыта 80-ча тиэхиньикэлээх, сүүстэн тахса үлэһит­тээх «Арктика суоллара» казеннай тэрилтэ тэриллэн, билигин номнуо 125 тиэхиньикэлэнэн 3700 км уһуннаах кыһыҥҥы суоллары көрөр-ис­тэр. Хоту дойду суоллара күн ахсын көрүүнү-харайыыны эрэйэн, омуннаабакка эттэххэ, үлэһиттэр күнүстэри-түүннэри түбүгүрэллэр. Тэрилтэ Белай Гора бөһүөлэгэр базаланан олорор. Итиэннэ Дьааҥыга, Эбээн Бытантайга, Муомаҕа, Усуйаанаҕа учаастактардаах. Халыма улуустарын суоллара тэрилтэ көрүүтүгэр киирбэттэр. «Арктика суоллара» генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Николай Попов этэринэн, Халыма суолларын чааһынай тэрилтэлэр тендери кыайан, хааччыйаллар. Судаарыстыбаттан бэдэрээт ылан үлэлииллэр. Сыыйа, бу хайысханы бэйэлэригэр ылар былааннаахтар. Оччотугар быйылгы быһыы-майгы инникитин хатыламмакка, суол-иис эрдэттэн оҥоһуллан, таһаҕаһы тиэйии кэмигэр ыыттыллыаҕа.

Эксперт санаата

Василий Чин-Фю, «Поляр­ные авиалинии» генеральнай дириэк­тэрин солбуйааччы:
Холобур, Эбээн Бытан­тайы ылан көрүөххэ, манна авиабилиэт сыаната 20 000 солк. Мантан авиахампаанньаҕа 6000 солк. кэлэр. Атына барыта — уматык, аэропорт хомуура, метео өттүнэн хааччыйыы төлөбүрэ, аэронавигация өҥөтө. Онон биһиги кыччатар буоллахпытына, бэйэбит алта тыһыынчабытыттан эрэ сарбыйар кыахтаахпыт. Холобур, 3000 солк. түһэрдэхпитинэ да, дьон улаханнык кыччаата диэ суоҕа. Уматыгы антах «Саханефтегазсбыт» таһар. Сылга 100 тоннаны эрэ илдьэр кыах баар. Ол иһин мантан элбэҕи куттан барарга күһэллэбит, 15 пассажиры көҕүрэтэн туран. Биһигини «Бурятские авиалинии» хампаанньанан сирэй-харах анньааччылар. Кинилэр сайыҥҥы эрэ өттүгэр көтөллөр, муус устартан балаҕан ыйыгар диэри. Ороскуоттара кыра, билиэттэрэ 13-16 тыһ. солк. Биһиги кыһыннары-сайыннары, пассажир баар буоллун, суох буоллун көтөбүт. Ол иһин барыспыт кыччаан тахсар. «Занятость кресел» диэн өйдөбүл баар, биһиэхэ онтубут 50% эрэ, кинилэргэ лаппа үрдүк. Күһүн хомунан баран хаалаллар, кыһыҥҥытыгар кыһаллыбаттар.