Үбүлүөйдээх “Манчаары оонньууларын” анал фондугар өргүөттэр биир бастакынан бүүс бүтүннүү биир күннээҕи хамнастарын биэрбиттэр. Бу сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан Өргүөт нэһилиэгэ 42800 солк., култуура киинэ — 24948 солк. 26 харч., олохтоох оскуола -198930 солк. киллэрбиттэр.
“Туллукчаан от” оҕо саадын үлэһиттэрэ эмиэ туора туран хаалбатахтар, ыҥырыыны биир киһи курдук өйөөбүттэр. Эбиитин саас оонньууга туттуллуохтаах чаппараах тигиитигэр кыттыбыттар. Маннык төрөөбүт дойдуларын иннигэр олус бэриниилээх тэрилтэ үлэһиттэрин кытта анаан-минээн көрсөн кэпсэттибит.
Билигин оҕо саада эргэ дьиэҕэ үлэлиир. Дэриэбинэ кытыытыгар турар буолан, улахан тымныыларга төрөппүттэр оҕолорун сырытыннарбаттар. Сорохтор “буранынан” халыҥ суорҕаҥҥа хороччу суулаан аҕалаллар.
Төһө да эргэ дьиэ буоллар, былыргы тутуу диэтэххэ, киэҥ-куоҥ. Онон анал спортивнай саала оҥостон, оҕолор эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар, сүүрэллэригэр-көтөллөрүгэр табыгастаах усулуобуйа олохтоммут. Үс бөлөх баар. Кырачааннары 1 саастарыттан ылаллар.
“Туллукчаан от” иитээччилэрэ оҕолору улуустааҕы тэрээһиннэргэ, интернетинэн күрэхтэһиилэргэ өрүү кытыннараллар.
Сыллата өрөмүөн ыыталлар, араас үөрэх-иитии тэриллэрин кыах баарынан ылаллар. Тыа дьыссаата диэтэххэ, түөрт робот-тиэхиньикэлээхтэрэ сөхтөрдө. Аныгы сиэринэн компьютердаахтар. Онон оҕолор сайдалларыгар бары усулуобуйа олохтоммут.
Оҕо доруобуйатыгар ас-үөл улахан суолталаах. Этинэн, үүтүнэн предприниматель Дмитрий Иванов хааччыйан абыраабыт. Онон барыта төрүт аһы аһыыллар. Күһүн аайы үлэһиттэр отоннууллар.
— Биһиги улууска буолар улахан тэрээһиннэртэн хаһан да туора турбаппыт. Кыахпыт баарынан бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрсэбит. Олус иллээх кэлэктииппит. Үөрүүбүтүттэн үллэстэр буоллахха, саҥа оҕо саадын дьиэтэ тутуллан эрэр. Бу күһүҥҥэттэн саҕалаан матырыйаала кэлбитэ. Халлаан сылыйдаҕына, үлэ саҕаланыаҕа. “Үтүө дьыала” чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата туттарар. Саҥа дьиэ бөһүөлэк хабыллар хаба ортотугар тутуллуоҕа, онон төрөппүттэр оҕолорун таһалларыгар табыгастаах буолуоҕа. Былаан быһыытынан 2017 сыл бүтүүтүгэр үлэҕэ киириэхтээх. Оҕо саадын үлэтигэр-хамнаһыгар олохтоох дьаһалтабыт өрүү көмөлөһөр. Ордук улуус киинигэр киирэрбитигэр-тахсарбытыгар тиэхиньикэнэн хааччыйаллар. 2012 с. суукканы эргиччи үлэлиир, хонуктаах бөлөҕү үлэлэппиппит. Ону баһаарынай өттүнэн сөбө суох диэн тохтоппуттара. Саҥа дьиэбитигэр киирдэхпитинэ, итини сөргүтэр киһи абыраллаах буолуо этэ. Төрөппүттэрбит өрүү көмөлөһөллөр. Методическай босуобуйалары оҥорууга, муус ылыытыгар кинилэрэ суох табыллыбаппыт, — диэн сэбиэдиссэй Ирина Адамова кэпсээтэ.