Мындаҕаайыга тиийэн баран, манна, Бэс учаастагар олорор соҕотох Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнигэр, уоттаах сэрии кыттыылаахтарын, фронтовиктар ааттарын үйэтитиигэ үгүс сылларга сыралаһан үлэлээн кэлбит Иван Михайлович Павловка сылдьыбакка бардахха — табыллыбат. «Чурапчы улууһун пааспарыгар» бу Ытык киһи аныгы олоххо көрүүлэрин, санаатын ситимин кэпсиибит.
Тохсунньу 31 күнүгэр Иван Михайлович 97 сааһын туолла, улуустан, нэһилиэгиттэн кэлэн бэтэрээни эҕэрдэлээбиттэр, чиэстээбиттэр. Тыыннаах сибэккилэр дьөрбөлөрө билигин даҕаны вазаҕа тураллар. Биһиги фотограф Андрей Сорокинныын “Сахамедиа” 2018 сылга халандаарын уонна буруолуу сылдьар сип-сибиэһэй хаһыаттарбытын туттарбыппытыгар, бэтэрээн олус истиҥник үөрдэ.
Иван Павлов, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Чурапчы улууһун, Болугур, Чурапчы нэһилиэктэрин Ытык киһитэ:
— Мындаҕаайыбын олус сөбүлүүбүн. Бу дьиэбэр улуус баһылыга Андрей Тимофеевич “ТЭН” оһох аҕалан абыраабыта. Үс сыл тутуннум, аны билигин, ититэр ситимҥэ холбоотулар, онон эмиэ бэрт. Манна кыыһым Наталья Ивановнаны, күтүөтүм Дмитрий Михайлович Ноевтары кытта олоробун. Күтүөтүм аатырбыт тырахтарыыс, элбэх сыллаах оту үүннэрэн, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата буолбута. Сиэннэр, хос сиэннэр бааллар. Билигин бу куораттан, оскуолалар харантыыннааннар, хос сиэним Лия кэлэ сылдьар, сэргэхситэр. Манна Бэскэ медпууннаахпыт, урут дьыссаат баара, билигин 2 биэрэстэлээх сиргэ оҕолорун сарсыарда аайы ким салаасканан, ким массыынанан таһаллар. Чааһынай киһи маҕаһыын аһан үлэлэтэр. Хаһыаттары син аҕалаллар. Уонна өрөспүүбүлүкэм сонуннарын Саха араадьыйатыттан истэбин, бэрт үчүгэй. Мин бу кэлин хараҕым мөлтөөтө, уоннааҕыта этэҥҥэ. Ол эрээри, биир кыһалҕалаахпын – сааһырбыт дьон, бэйэм саастыылаахтарым баранан, кэлэн кэпсэтиһэр да киһим аҕыйаата.
Былырыын манна “Кыайыы скверин” арыйбыттара. Бу историческай суолталаах өйдөбүнньүк сир Иван Михайлович көҕүлээһининэн, үлэ бэтэрээнэ Николай Михайлов өйөбүлүнэн, көмөтүнэн олоххо киирдэ. Николай Григорьевич көһөрүллүүгэ аналлаах өйдөбүнньүгү эмиэ туттарбыта.
— Биир ааһан-араҕан биэрбэт санаабын этиим, — диэн салгыы кэпсиир бэтэрээн. — Аатырбыт артиллерист, Сталинград кыргыһыытыгар, Мамаев Кургаҥҥа хорсуннук сэриилэспит биир дойдулаахпыт Гаврил Протодьяконов Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойугар үстэ түһэриллэн баран, тоҕо эрэ кыайтарбат. Уоттаах сэрии толоонуттан генерал Вагин, маршал Чуйков курдук улуу полководецтар туруорсубуттара. Днепропетровскайга пушканы соһо сылдьан сэриилэспит, өстөөх хас да танкатын суоһарбыт, 4-5 артиллеристан собус-соҕотох тыыннаах хаалбыт, өстөөх 9 пулеметнай туочукатын, 4 блиндаһын, 2 пушкатын суоһарбыт буойун буоллаҕа, Гаврил Дмитриевич Протодьяконов! Кини – дьиҥнээх Дьоруой! Төһө даҕаны кэмэ ырааппытын иһин, хорсун буойун Гаврил Протодьяконовка Дьоруой аатын иҥэриини өссө да туруорсар наада. Эһиги, суруналыыстар, Ил Дархаммытыгар Егор Афанасьевичка, баһаалыста, хайдах эрэ тиэрдиҥ эрэ.
Дьэ, маннык кэпсээннээх буолла, буойун-учуутал, сэрии бэтэрээнэ Иван Павлов. Кини – дойдутун дьиҥнээх патриота, ону тылга эрэ буолбатах – дьыаланан дакаастыыр ытык кырдьаҕаспыт, итинтэн атыннык саныан, этиэн сатаммат.
Иван Михайлович Павлов 1921 сыллаахха Чурапчы улууһун Мындаҕаайы сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Чурапчытааҕы педагогическай училищеҕа үөрэммитэ. Фроҥҥа 1942 сыллаахха бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта, саа-саадах тутан сэриилэһэн, Илиҥҥи Пруссияҕа тиийбитэ. Хотугулуу-Арҕааҥы, Степной, 3-с Прибалтийскай, 2-с Белорусскай фроннарга хорсуннук сэриилэспитэ, Курскай Дугаҕа алдьархайдаах кыргыһыыга кыттыбыта, Белоруссияны, Литваны, Латвияны, Польшаны уонна Кенигсберг куораты босхолоспута. Бойобуой “Албан аат” III истиэпэннээх уордьан, “За боевые заслуги”, “За взятие Кенигсбера” мэтээллэр кавалердара. Ыараханнык бааһырбыта, фронтан 1946 сыллаахха дойдутугар Чурапчыга эргиллэн кэлбитэ. Кини уопсайа 44 сыл устата история, география, физкультура учууталынан эҥкилэ суох үлэлээбитэ, алын сүһүөх байыаннай бэлэмнэниигэ уруоктары ыыппыта. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран Иван Павлов өрөспүүбүлүкэтээҕи “Память” мемориал-кинигэ сүрүн эрэдээктэрэ, сэрии бэтэрээннэрин, кыттыылаахтарын испииһэктэрин чопчулуурга үгүс үлэни ыытар. Иван Михайлович ыччаты патриотическай иитиигэ сүҥкэн кылаатын киллэрэр. Кини 4 оҕо аҕата, 10-тан тахса сиэннээх, хос сиэннэрдээх.
Иван Михайлович идиэйэтинэн, нэһилиэктэргэ пааматынньыктар, комплекстар тутуллубуттара, тутуллаллар. Улуу кыайыы 70 сылыгар бэтэрээн Иван Палов “Хотугу Сулус” уордьанынан наҕараадаламмыта. Боотур Уус стадиоҥҥа туттарааттарын кытта, кини бу үрдүк наҕараадатын биир дойдулаахтарыгар – чурапчыларга анаабыта.
Чурапчылыыр аартыгы тутуһан иһэн, ыраах, үөһээ, айан суолун кытыытыгар, обелиск турарын көрдүбүт. Бу эмиэ буойун-учуутал Иван Павлов көҕүлээһининэн туруоруллубут пааматынньык. Мантан күөх Амма хайалаах кытыла, ытыска уурбут курдук, үчүгэйдик көстөр. Мантан Мындаҕаайы дьоно – саха саллааттара, үгүстэрэ бүтэһик төгүлүн тапталлаах дойдуларын диэки өссө биирдэ хайыһан көрөөт, бырастыылаһан, сэриигэ барбыттара. Онон бу – Ытык сир. Саа-саадах тутан, Ийэ дойдубутун фашистартан көмүскүү фроҥҥа ыҥырыллыбыт тапталлаах кэргэттэрин, аҕаларын, уолаттарын, убайдарын-бырааттарын мындаҕаайылар, субу, билигин обелиск турар сиригэр диэри кэлсэн, атаараллара.