Саха сирэ бэйэтин географиятын балаһыанньатынан олус киэҥ сири тайыыр. Кытыы сирдэргэ массыына суола кыһынын эрэ баар. Сайынын уунан сырыы арыллар. Айаҥҥа үксүн айылҕа көстүүтэ, содула быһаарар оруолу ылар. Онон ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга таһаҕаһы тириэрдии биир тыын суолталаах боппуруоһунан буолар. «Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын суруналыыстара Сордоҥноох нэһилиэгэр тиийэн, олохтоох маҕаһыынын арыйан көрдүбүт. Ол туһунан «Өймөкөөн улууһун пааспарыгар» кэпсиибит.
Маҕаһыын атыыһыта Ольга Прудецкая сордоҥноохтор тарбахха баттанар убаастыыр киһилэрэ. Мин кинини кытта сирэй көрсөн кэпсэтэн, араас көрүҥнээх табаарынан баай маҕаһыыныгар сылдьан, чахчы бэйэтин дьыалатыгар бэриниилээх, үлэһит киһи эбит дии санаатым.
Ааспыт сыл түмүгүнэн Өймөкөөн улууһугар атыы-эргиэн үлэһиттэрэ бытархай атыыттан 1 млрд. 836 мөл. 065 тыһ. солк. үбү эргиппиттэр. Бу туһунан муниципалитет баһылыга Михаил Захаров сыллааҕы отчуотугар бэлиэтээбитэ. Улуустааҕы эргиэн үлэһиттэрин былааннарын 99,4 % толорууларыгар Сордоҥноох нэһилиэгин маҕаһыынын үлэһитэ Ольга Прудецкая сэмэй кылаатын эмиэ киллэрбитэ чахчы.
Тыа сирин маҕаһыына — Томтордооҕу «Сулус» киинэммит маҕаһыын филиала. Онон сүрүн табаар, ас-үөл, фрукта, оҕоруот аһа Томтортон аҕалыллар. Атыыһыт Ольга Прудецкая кыһыҥҥы суол баарына, суоппардары наймылаһан, промышленнай уонна ас табаарын киин куораттан аҕалан эмиэ атыылыыр.
— Маҕаһыын атыыһытынан үлэлээбитим үс сыл буолла. Хааччыллыыбыт олус үчүгэй. Нэһилиэккэ төһө да куораттааҕы сыананан ас бродууксуйатын сүрүн көрүҥүн атыылыыр «Уйгу» кэпэрэтиип лааппыта баарын иһин, биһиги маҕаһыыммыт аана сабыллыбат. Сыанабыт куорат сыанатыттан, айан төлөбүрүн учуоттаатахха, 50% үрдүк. Ити сөбүгэр дии саныыбын. Ас арааһа кэлэр. Дьон ордук фруктаны, халбаһыыны, үүт аһы атыылаһаллар. Табаарбытын куораттан аҕала турар буолан, күннээҕинэн сибиэһэйдии бүтэн иһэр. Олохтоохтор ас болдьоҕун тутуһаллар, икки-үс хонук ааста да, табаар барбат. Дьон ордук куораттан аҕалар үүт ас бородууксуйатын – кефири, иэдьэгэйи, йогурту кэлээтин кытта бүтэрэн кэбиһэллэр. Инньэ гынан, ас сиэнэр болдьоҕо кэмигэр тутуһуллар. Куораттан кэлэр үүт ас улуустартан аҕалыллар бэйэ бородууксуйата буолан, олохтоохтор олус сөбүлээн атыылаһаллар, — диэн кэпсиир Ольга Ксенофонтовна.
Атыыһыт Сордоҥноох нэһилиэгин төрүт олохтооҕо буолан, ким тугу күүтэрин барытын эрдэттэн билэр. Ол эбэтэр, холобур Ивановтар халбаһыыларын кэтэһэллэр, Петровтар үүт астарын хайаан да ыла кэлиэхтэрэ, Сидоровтар сибиэһэй фрукталарын ирдээбитинэн киириэхтэрэ диэн, Ольга Ксенофонтовна эрдэттэн бэлэмнии тоһуйар.
Кини бэлиэтииринэн, сирэй харчы кырыымчык буолан, дьон ылбыт табаарын үксүн наар иэс суруйар. Уу харчынан, биллэн турар, биэнсийэлээхтэр төлөһөллөр – харчылара да кэмигэр кэлэр, иэстээх сылдьалларын да сөбүлээбэттэр. Өссө учууталлар эмиэ өрүү кэмигэр төлөһөллөрүн бэлиэтээн туран: «Атыттар, бэйэ дьоно буолан, син биир иэс биэрэбин. Онон сүрүннээн биэнсийэ уонна хамнас кэнниттэн эрэ табаарбын саҥардабын», — диир. Олохтоохтор бэйэлэрэ үп-харчы эргийиэн наадатын өйдөөн, иэстэрин уһаппат буола сатыыллар.
Сордоҥноох маҕаһыынын атыыһытын үлэтин саамай уустук кэмэ – сайын уонна күһүн уу кэлиитэ. Томтору уонна Орто Балаҕаны ситимниир Куйдуһун муостата сайын, күһүн алдьанар буолан, дьону эрэйдиирин ааһан, ас-үөл бородууктатын таһыыга харгыстары үөскэтэр. Бу маннык түгэҥҥэ ас бородууктатын тиэйиэхтээҕэр, дьон да сырыыта тохтуур.
— Ханнык да уустук кэмҥэ табаарбытын саҥардарбытын тохтоппоппут. Олохтоохтор ким көлөнөн, ким куруустаһан көмөлөһөн, аспытын кэмиттэн кэмигэр тиэнэ олоробут, — диэн кэпсиир олохтоох эргиэн үлэһитэ.
Сордоҥноох олохтоохторо маҕаһыыннарын атыыһытын туһунан бэрт иһирэх тылынан кэпсииллэр:
— Ольга Ксенофонтовна төрүт олохтоох киһи буолан, ким туох интэриэстээҕинэн, дьарыктааҕынан наада буолуо диэбит табаарын хайаан да атыылаһан аҕалар. Ол курдук, иистэнньэҥнэр ордук абыраннылар – маҕаһыыҥҥа сап, иннэ, миэтэрэлээх таҥас, оҕуруо арааһа кэлэр. Асчыттар сөбүлээбит астарын, иһиттэрин-хомуостарын эмиэ бу маҕаһыынтан үөрэ-көтө атыылаһаллар. Төрөөбүт күннээхтэри эмиэ билэ сылдьан сөптөөх табаары аҕалар. Онон саастаах да киһиэхэ, оҕоҕо да киһи олохтоох маҕаһыынтан бэлэҕи бэрт дөбөҥнүк булар.
Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, Ольга Ксенофонтовна олохтоох балыксыттары кытта кэпсэтэн, сибиэһэй балыгы атыылыыр. Онон балыксыта суох дьон дьарҕааны, быраҥааттаны төһө баҕарар амсайыахтарын сөп.
Олус хаһаайыстыбаннай, онон айан суола сабыллыан иннинэ күннэтэ туттар наадалаах табаары эрдэттэн тиэйэн хаһаанан кэбиһэр. Онон ордук сайын уу кэлэр кэмигэр суола суох эрэйдэнэр дьон сүрүн табаарынан быстарбаппыт. Суол сабыллыбытын билбэккэ да хаалабыт. Ол курдук бары барыта баар буолар. Онон биһиги, олохтоохтор, кыыспытыгар биир дойдулаахтарыгар кыһамньытын иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит, — диэн санаатын үллэстэр култуура бэтэрээнэ Ирина Цыренова.
Тымныы Полюһа Өймөкөөн Сордоҥнооҕор олохтоох нэһилиэнньэни күннээҕи эрэ бордууктанан буолбакка, киһи санаабыта барыта баар баай-талым тыа сирин маҕаһыынын илэ харахпытынан көрдүбүт. Уопуттаах урбаанньыттар тыа сирин дьонун кыһалҕатын билэр буолан, барытын эрдэттэн дьаһанан, олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ ылсаллара — кинилэргэ ирдэбил.