Сахамедиа “Улуус олоҕо” бырайыагын суруналыыстара Төлөйгө “Азаана” бааһынай хаһаайыстыбатын сүрүн баазатыгар сырыттыбыт. Фермаҕа киирэн кэлээппитин кытта, күөх от сыта муннубутугар саба биэрдэ. Ынах-сүөһү күнүскүтүн аһыы турар. Ыраас, сылаас, ханна даҕаны уу-хаар, инчэҕэй суох. Хаһаайыстыба туһунан сиһилии «Чурапчы улууһун пааспарыгар» кэпсиибит.
Биэс сыллааҕыта “Саха сирэ” хаһыат тэрийбит “төгүрүк остуолугар” Чурапчы улууһугар биир бастакынан тэриллибит “Азаана” бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта Егор Адамов кыттыыны ылбыта. Кини онно: «Үлэлиир усулуобуйаны тэрийэ сатыыбыт да, ыччат тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр тардыстыбата мунчаардар«, — диэбитэ. Оччотугар, экэниэмикэ бу салаатын салгыы ким сайыннарар? Ыйытыы бэйэтэ күөрэйэн тахсыбыта. Онуоха, туһааннаах министиэристибэ үлэһиттэрэ, уопуттаах исписэлиистэр, эмиэ ити кэпсэтии кэмигэр, “Тыа хаһаайыстыбата дьиэ кэргэн бизнеһигэр кубулуйдаҕына эрэ, бааһынай солбуга үүнэн тахсыаҕа», — диэн эппиттэрэ. Билигин санаатахха, ити саамай сөптөөх бэлиэтээһин эбит.
Дьиэ кэргэн үтүө үгэһинэн салайтаран
«Төгүрүк остуолга» этиллибит санаа олоххо киирдэ диэххэ сөп. Холобур, бу билигин “Азаана” бааһынай хаһаайыстыбатын Адамовтар уоллара Артур Егорович салайар. Аҕалара Егор Егорович настаабынньык быһыытынан, биллэн турар, көмөтө, сүбэтэ үгүс. Ийэлэрэ Татьяна Афанасьевна оскуолаҕа учууталлыыр. Ыал 3 уол, 1 кыыс оҕолоохторуттан, чуолаан, Артур фермер буоларга быһаарыммыт. Кини бэйэтэ идэтинэн инженер-мэхээнньик, онон, тиэхиньикэни да кыайа-хото тутара чахчы.
«Азаана» хаһаайыстыба 2012 сыллаахха Германия технологиятынан толору хааччыллыылаах хотону туттарбыта. Олохтоохторго үлэ миэстэтин таһааран, үүтү ыаһыҥҥа идэтийэн дьарыктанан, өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар ортолоругар киирбитэ. Оччолорго уопут атастаһа Саха сирин араас муннуктарыттан кэлэллэрэ да, элбэҕи туоһулуур.
Билигин эдэр Адамов хаһаайыстыбатын биэс сыллаах сайдыытын торумнаан олорор. Сүөһүтүн ахсаанын 200-кэҕэ тиэрдэн, үрдүк төлөһүтүүнү ылан, сүрүннээн эккэ хайысхалыыр былааннаах.
— Күҥҥэ иккитэ аһатабыт. Сарсыарда 8 чааска уонна күнүс 3-кэ. Оһохпутун чоҕунан оттобут, онон сылаас. Манна билиҥҥитэ 40 төбө турар. Онтон икки ынах төрөөтө, ыан эрэбит. Маннык сыыйа төрөөн иһиэхтэрэ. Биһиги, биллэн турар, үүтү эмиэ үрүлүтүөхпүт. Уопсайа 20-тэн тахса ынаҕы ыахпыт. Бу тохсунньу 7 күнүгэр төрөөбүт ньирэйбит турар, аата — “Ороһооспо”, оттон бу “Саҥа Дьыл” диэн ньирэй, — Артур Егорович, сүөһүлэригэр от биэрэ-биэрэ, хаһаайыстыбатын билиһиннэрэр.
Биир күҥҥэ 1,5 рулон, ол аата 3 центнер курдук оту биэрэллэр. Онон, билиҥҥи туругунан, хаһаайыстыбаҕа 50-ча рулон от тиийбэт.
— Оккут тиийбэт кыһалҕатын хайдах быһаарар былааннааххыт?
— Атыылаһыахпыт. От тиийбэтин сүрүн төрүөтүнэн, оттуур сирбит аҕыйаҕа буолар. Дэлэйэ эбитэ буоллар, киһи 200-300 төбөнү төһө баҕар көрүө этэ.
Эдэр Адамовтар дойдуларыгар Төлөйгө дьиэ-уот туттан, хаһаайыстыба тэринэн, олохсуйан олороллор. Тыа сирин ыалын сиэринэн, массыына, тыраахтыр да баар. Артур Егорович кэргэнинээн Айталина Александровналыын икки оҕолоохтор: кыыстара Айсена 2-с кылаас үөрэнээччитэ, уоллара Тимур 5 саастаах. Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска төрөппүттэриттэн үтүө холобур ылаллар.
“Азаана” бааһынай хаһаайыстыбата 2017 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бырагырааматынан, «Дьиэ кэргэн гранын» ылары ситиспитэ. Онон билигин, хаһаайыстыба иккис тыына диэххэ сөп. Көрөрбүт курдук, хаһаайыстыбаҕа дьиэ кэргэн үтүө үгэһин салҕыы кэлбит эдэр салайааччы, саҥа хайысхалары, технологиялары тутуһан, үлэлии-хамсыы сылдьар.
250 саастаах Төлөй кэскилэ — эдэрдэргэ
Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ Төлөй ньиргийэн ахан олорбута – 2000 нэһилиэнньэлээҕэ. Уоттаах сэрии саҕаламмытыгар эр дьон чулуута фроҥҥа барбыта, оттон оҕо-дьахтар, кырдьаҕас үксэ хоту күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ утаарыллыбыта. Бу дьалхааннаах дьаһал кэнниттэн нэһилиэккэ баара-суоҕа 100-чэкэ киһи хаалбыта. Манна даҕатан эттэхпитинэ, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Егор Борисов бу, 250 саастаах, баай историялаах Төлөй сириттэн силис тардар.
1990 сыллаахха диэри Төлөй – Мугудай учаастагынан билиниллэрэ. Оччолорго манна 140 киһи олороро. Оттон 20-чэ эрэ сыл буолан баран, Төлөй нэһилиэнньэтэ 540-ча киһи буолбута, оҕо-уруу элбээбитэ. Билигин манна 5 түөлбэлээхтэр: “Чэчир”, “Төрүт”, “Тускул”, “Сарыал” уонна “Чараҥ”. Дьон уопсастыбаннай олоххо көхтөөх. Түргэн интэриниэт, суотабай сибээс баар. Оҕо былаһаакката тутуллуохтаах. Суол баар. Быйыл Чурапчыга диэри асфалланыахтаах. Арай, сирдэрэ кыараҕас, сүөһү сиир аһа тиийбэт. Онон, төлөйдөр, бырайыак быһыытынан, ССРС кэмнэрдээҕи бааһыналарын сөргүтэр былааннаахтар. Итиэннэ, Чурапчы наар эт-үүт хайысхалаах үлэлээн кэлбит буоллаҕына, төлөйдөр онно эбии, холобур, сыыр оҥоруута, тигээйини иитии курдук сонун хайысхалары киллэриэхтэрин баҕараллар.
— Тыа сиригэр дьон олоҕо тупсар, дьон дойдутугар тардыһар, төрөөбүт түөлбэтигэр олоруон, үлэлиэн-хамсыан баҕарар. Билигин төлөйдөр 796 ынах-сүөһүлээхпит, 671 сылгылаахпыт. “Олокоос”, “Азаана” бааһынай хаһаайыстыбалар, фермердэр үлэлииллэр. Аҕа саастаахтартан эстэпиэтэни тутан, эдэрдэр солбуйан иһэллэр, дьиэ кэргэн дьыалатын салгыыллар. Сыл ахсын ыччаппыт, эдэр ыалбыт ахсаана улаатар, оҕолоноллор. Үчүгэй оскуолалаахпыт, дьыссааппыт 2019 сылга саҥа дьиэлэниэхтээх, ФАП-таахпыт. Ыал 80 бырыһыана киин ититэр ситимҥэ холбонон олорор, 2-3 сылынан гаас кэлиэҕэ. Мин өрөспүүбүлүкэ дэлэгээссийэтигэр киирэн, Европаҕа стажировкаҕа бара сылдьыбытым, үгүс сонуну көрдүм, саҥа идиэйэлэр киирдилэр. Холобур, үлэни чэпчэтэр сыаллаах, дьоҕус хотон бырайыагын оҥордум. Тус бырайыагым. Хоту дойду усулуобуйабытыгар табыгастаах өрүттэрин эбэн-сабан биэрдим. Бэйэ киэнин эбии киллэрэн, үчүгэй уопуту ылынан иһиэхпитин наада. Мантан да атын толкуйдар бааллар, — диир нэһилиэк баһылыгын эбээһинэһин толорооччу эдэр салайааччы Дмитрий Захаров.
250 саастаах Төлөй – сэргэх көрүүлэрдээх дьонунан-сэргэтинэн, олоххо саҥаны-сонуну киллэрэн иһэринэн эдэр, кэскиллээх нэһилиэк. Ону бу Адамовтар курдук үлэһит дьиэ кэргэттэр эмиэ ырылхайдык туоһулууллар.