Улуус олоҕо: Тааттаҕа Баайаҕа Араҥастаах сайылыгар саха ынахтара маҥырыыллар

588

Таатта улууһун Пааспарын суруйууну салгыыбыт.  Баайаҕа нэһилиэгэр баар “Байаҕантай” кэпэрэтиип өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “Тускул” генофонда тэрилтэтин кытта биир сүбэни тобулан, төрүт баайбытын – саха сүөһүтүн туспа кииннээн иитиигэ, ахсаанын элбэтэн тарҕатыыга утумнаахтык үлэлиир. Бу туһунан Сахамедиа «Улуус олоҕо» бырайыагар кэпсиибит.


“Тускул” ГТ уонна “Байаҕантай” ТХПК хардарыта дуогабарга олоҕуран, саха сүөһүтүн ахсаан өттүнэн элбэтиигэ үлэни тэрийэр туһунан сөбүлэһии түһэрсибиттэрэ. Аан маҥнай 27 сүөһүнү аҕалан, Мөҥүрүөн диэн сиргэ туруоран көрбүттэрэ. Салайааччы Семен Николаевич Андросов бары ирдэниллэр усулуобуйаны сөптөөхтүк тэрийэн, үлэни саҕалаабыттара. Бастакынан сүөһүнү көрүүгэ-истиигэ сыстаҕас, сүөһү майгытын-сигилитин эндэппэккэ билэр Софрон Петрович Винокуровы анаан туруорбуттара. Сыыйа ахсаан өттүнэн эбиллэн барбыттарыгар, иккис үлэһитинэн Павел Юрьевич Чаховы сыһыарбыттара.

Саха сүөһүтэ тоһуттар тымныыны тулуйар айылгылааҕынан, хаппырыыһа, талымаһа суоҕунан, дьиэмсэҕинэн уратылааҕын көрөр-истэр уолаттар наар чорботон бэлиэтииллэр.

Дьэ, ити курдук Баайаҕа сиригэр-уотугар төрүт сүөһүбүт дьиэтийэн, төрүөҕүн биэрэн эрэр. «Тускуллар» үстэ төхтүрүйэн, саха ыччат сүөһүтүн КамАЗ массыынанан тиэйэн илтилэр, итиннэ 70-80 кэриҥэ сүөһү барда. Билигин питомникка балачча сүөһү иитиллэн турар.

Аҕыйах хонуктааҕыта Араҥастаах алааска саха сүөһүтүн көрөр-истэр Егор Петрович Бурнашев дьиэ кэргэнигэр бара сырыттыбыт. Егор бэйэтэ идэтинэн суоппар, сопхуос баарын саҕана автоколоннаҕа айаннаабыт уопуттаах суоппарынан үлэлээбитэ биллэр. Кини 2012 сылтан 11 саха ынаҕын тутан, төрөтөн, ньирэйдэрин бүөбэйдээн улаатыннарар.

Биһиги тиийэрбитигэр Егор ынахтарын киэһээ ыамҥа хомуйан аҕалбыта. Алта муннуктаах бабаарына титиик иһигэр-таһыгар ынах маҥырааһынынан, ньирэй мэҥирээһининэн ньиргийэ-ньаргыйа түспүтэ. Ньирэйдэрин эмтэрэн, этэттээн ыан баран, ынахтары тэлгэһэҕэ таһаарбыттарыгар холку бэйэлээхтик кэбинэ турдулар.

Саха ынаҕын киһи сүрэҕинэн-быарынан ордук чугастык ылынар буолар эбит.
Егор Петрович бэйэтэ сахалыы сиэринэн олохтоохтук оҥостон олорор. “Хаһаайын хайдаҕа — тиэргэниттэн биллэр” дииллэрэ Егорга үүт-маас сыһыаннаах. Кэргэнэ Анна Иннокентьевналыын сахалыы балаҕан туттан, күөстэнэр дьиэлэнэн, туспа тусаһаланан, быр-бааччы олороллор. Киирбит ыалдьыты сүөгэй үүттээх хойуу итии чэйинэн, ыһаарыламмыт собонон, дагданан, араҕас арыынан, сөрүүн суоратынан күндүлүүллэр. Бу сылаас холумтаннаах дьиҥ сахалыы куттаах ыалтан тахсан барыаххын баҕарбаккын. Кинилэртэн өбүгэ ситимэ-утума саҕылларга дылы. Бурнашевтар дьиэлэрин-уоттарын, тутууларын көрө олорон, былыр өбүгэлэрбит маннык дьаһанан олорбуттара буолуо диэн бүтэйдии көхсүгүнэн сэрэйэҕин. Барыта сахалыы: түптэ сытынан тунуйар сайылык сыта, налыччы олорон сэһэргэһии, сылааһынан угуттуур көмүлүөк.

Анна Иннокентьевна Баайаҕа отделениетыгар зоотехнигынан уһуннук үлэлээбитэ, Егор Петровиһы өйөөччү, көҕүлээччи кини буолар. Анна ааҕан-суоттаан көрөрүнэн, саха сүөһүтүн ахсаанын элбэтэргэ өссө уонунан сыллаах сыралаах үлэ эрэйиллэр. Ону кытта тэҥҥэ бородууксуйаны дэлэтиигэ күүскэ турунуллуохтаах. Саха ынаҕа сөптөөх аһылыкка турдаҕына уонна оҕотун арааран баран ыатахха, күҥҥэ 5-6 киилэҕэ тиийэр үүтү биэрэр кыахтаах. Үүтүн сыата улаханынан хайа да боруода ынахха тэҥнээҕэ суох, сүөгэйэ, арыыта минньигэһинэн таһыччы турар.

Саха сүөһүтүн ахсаанын элбэтэргэ биһиги “Байаҕантай” кэпэрэтииппит сөптөөх суолу тутуста”, — диэн Анна Иннокентьевна астынан бэлиэтиир. Саха дьоно “байаҕантайдары” батыһан, былыр-былыргыттан Дьөһөгөй айыы таҥаралаах, сүөһү холумтаннаах олохпут-дьаһахпыт укулаатын, материальнай сыаннаспыт ситимин быспат туһугар өлбөт-сүппэт сүбэбитин тобулабыт.


Саха киһитигэр сайылык ураты суолталаах. Сүөһүтүн иитэригэр туһунан оруоллаах. Саха сиригэр саас харалдьык таҕыста даҕаны, сайылыкка көһүү үөрүүлээх сүпсүлгэнэ саҕаланар. Улаханныын-кыралыын ох курдук оҥостон, сүөһүлэрин батыһыннаран, ахтылҕаннаах алаастарыгар күөххэ көччүйэ, көҥүлгэ дьаарбайа, үрүҥ илгэни үрүлүтэ айаҥҥа туруналлар. Өбүгэ саҕаттан үгэскэ кубулуйбут сайылыктааһын билигин даҕаны көдьүүһэ балысхан.