Таатта улууһун нэһилиэктэригэр уопсастыбаннай тэриллии элбэҕэ сөхтөрдө. Оҕотуттан оҕонньоругар, эһээхэйиттэн эмээхсинигэр тиийэ түмсүүлээхтэр. Чуолаан, Амма өрүс эҥээрдээх нэһилиэктэргэ дьахталлар баһылаабыттар, быһаччытын эттэххэ, былааһы ылбыттар. Таатта уопсастыбанньыктарын, көхтөөх дьонун туһунан «Улуус пааспарыгар» ааҕыҥ.
Харбалаахха дьахталлары түмэр улахан сүбэни Елена Баишева салайар. «Миигин нэһилиэк дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн быйыл тохсунньу ыйга талбыттара, — диэн саҕалыыр Елена Алексеевна. – Сэбиэккэ 20 буолан үлэлиибит. Сүрүн сорукпут: дьиэҕэ олорор ийэлэри, дьахталлары нэһилиэк уопсастыбаннай, култуурунай уонна спортивнай олоҕор кытыннарыы, түмсүүлээх, дьарыктаах буолууну тэрийии. Ону тэҥэ кэргэннии олохторугар табыллыбатах эбэтэр олох-дьаһах күчүмэҕэйдэригэр түбэспит биир түөлбэлээхтэрбитигэр илиибитин уунан таба суолга үктэнэллэригэр сүбэ-соргу биэрэбит. Биллэн турар, чөл-чэбдик олох сиэрин тэнитиини урутатан тутабыт. Ол даҕаны иһин, түмсүүбүтүн “Сардаҥа” диэн ааттаабыппыт. Нэдиэлэҕэ биирдэ хайаан даҕаны мустан сүбэлэһэбит, инники тугу үлэлиэхтээхпитин торумнуубут. Сэбиэппит иһигэр түөрт бөлөххө – асчыттарга, иистэнньэҥнэргэ, үҥкүүһүттэргэ уонна култуура өттүгэр арахсабыт. Дьиэҕэ-уокка, күннээҕи олоххо-дьаһахха сүбэ биэрэрбитин сэргэ нэһилиэнньэ бары араҥатын хабан, араас дьаһаллары тэрийэн ыытабыт. Нэдиэлэҕэ биирдэ босхо маастар-кылаастары биэрэбит».
Елена Алексеевна бэйэтэ алта оҕолоох ыал ийэтэ. Кэргэнэ Павел Константинович – предприниматель, таһаҕас тиэйэр массыынатынан ыраах рейстэргэ сылдьар эбит. Кыра кыыстара биэс саастаах Павлена Баишевтар сиэннэрин кытта тэҥҥэ сүүрэн сэрбэкэччийэ сылдьар. Бу олоххо көхтөөх, сырдыкка тардыһыылаах ыал Харбалаахха бастакынан толору хааччыллыыны оҥостубуттарын кэрэхсии көрдүм. Нэһилиэк дьахталларын сүбэтин хотунунан мээнэҕэ талбатахтар, бары өттүнэн холобур буоларыгар киһи саарбахтаабат.
«Сардаҥалар» быйыл икки улахан куонкуруһу тэрийбиттэр. Дьахтар күнүгэр оскуола үөрэнээччилэрин ортолоругар “Сардаҥа Куо” диэн Айылҕа харыстабылын сылыгар анаан, оҕо оонньуур былаһааккатын бырайыагын оҥорууга куоталаһыннарбыттар. Кыайбыт бырайыагынан Харбалаахха былаһаакка тутуллар. Иккистэрэ — оскуола орто сүһүөх кылаастарын үөрэнээччилэрин ортолоругар “Поваренок” диэн аһымал акциялаах куонкуруһу ыыппыттар. Оҕолор астаабыт астарын тута аукциоҥҥа атыылааннар, ол киллэрбит харчыларын мунньан, үс оҕолоох аҥаардас аҕаҕа туттарбыттар.
Ыам ыйыгар малы-салы атастаһыы, чэпчэки сыанаҕа атыы, бэйэ оҥорбут тэрилин, аһын атыылааһын дьаарбаҥкатын тэрийбиттэр. Саас бэйэлэрэ олордубут рассадаларын атыылаабыттар. Спартакиадаларга, күрэхтэһиилэргэ, ыһыахха ас астаан, хорчуоппаҕа кыттыбыттар. Олорго киллэрбит үппүтүн элбэх оҕолоох ийэҕэ уонна астма ыарыылаах пенсионер дьахтар тыынар аппараат атыылаһарыгар көмө быһыытынан биэрбиттэр.
Эбэн эттэххэ, “Сардаҥалар” нэһилиэк, улуус таһымнарыгар ыытыллар дьаһаллары көтүппэттэр, үҥкүүлүүллэр-ыллыыллар уонна туохха кытталлар даҕаны, бириистээх миэстэлэртэн түспэттэр. Ол курдук, улуустааҕы “Автоледи” күрэхтэһиигэ бастаабыттар, Ньукуолун саламаатыгар 1-кы, Ньукуолун куһугар 3-с миэстэлэри ылбыттар, “Төрөөбүт тыл” ток-шоуга төрдүстээбиттэр.
Харбалаах бөһүөлэгэ таас чоҕу хостооһуну сайыннарар сыаллаах 1963 сыллаахха тэриллибитэ. Онон атыттарга тэҥнээтэххэ, саамай эдэрдэрэ. Быйыл оскуола 50 сааһын өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээбиттэрэ. Орто Амма дэнэр нэһилиэк олус сэргэхтик олорор. “Ыллык” диэн литературнай түмсүүгэ айар-суруйар куттаах 16 киһи сылдьар. Үбүлүөйдээх суруйааччыларга ток-шоулары тиһигин быспакка ыыталлар. “Тыа сирин дьоно духуобунай өттүнэн байарга олус баҕалаахтар”, — диир саха тылын учуутала, “Сардаҥа” дьахтар сэбиэтин биир көхтөөх чилиэнэ Валентина Семеновна Кривошапкина.
“Ыллык” түмсүү салайааччыта Акулина Атосьевна Федорова, арыы сыаҕын хотуна Акулина Ивановна Корякина, иитээччи, оскуолаҕа үөрэнэр оҕолордоох төрөппүттэр кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Оксана Михайловна Андреева, 5 оҕолоох эдэр ийэ Ирина Гаврильевна Васильева – бу бары дьахтар Сүбэтигэр тутаах дьон.
Холобур, Акулина Корякина дьиэтин тиэргэнэ маннык тупсаҕай көрүҥнээх. Киһи үөрэ-көтө сынньанар, үлэҕэ сэниэ-күүс мунньунар сирэ. «Дьоҥҥо үтүөнү баҕарар киһи, бастатан туран, бэйэтэ бары өттүнэн кэрэ буолуохтаах дии саныыбын. Биһиги сүбэбит кыттыылаахтара бары сырдыкка-үтүөҕэ талаһабыт. Биир дойдулаахтарбытыгар бэйэбит үлэбитинэн, олохпутунан-дьаһахпытынан холобур буоларга дьулуһабыт«, — диир кини.
Харбалаахха тиийиэхпит иннинэ Чымынаайыга сылдьан, “Күндүүнэ” диэн Уус Амма нэһилиэгин эдэр ийэлэрин түмсүүтүн үлэтин билсибитим. Онно РФ үтүөлээх учуутала Мария Петровна Прокопьева кэпсэтиигэ кыттан: “Кийииттэрбит нэһилиэги тутан олороллор”, — диэн бэрт муударайдык этэн кэбиспитэ. Бу ыллыктаах этии Харбалаах ыалларын ийэлэригэр эмиэ үүт-маас сыһыаннаах. Тыа сиригэр эр дьон хамнастаах үлэ оннугар хотоҥҥо симиллибит эбэтэр ыраах айан суолун тутуспут кэмнэригэр “Ыал – ийэтинэн” диэн өбүгэбит өс хоһооно өссө дуорааннанан иһиллэр буолбута илэ.