Улуус олоҕо: Таатталар сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэргэ күргүөмүнэн оттоон, былааннарын толороллор

255

“Сахамедиа” холдинг суруналыыстара “Улуус олоҕо” анал бырайыак чэрчитинэн тыа сиригэр сайыҥҥы үлэлэри билсэ Таатта оройуонугар тахса сырыттылар. Сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэргэ саха киһитэ тоҕус ыйдаах томороон тымныылаах кыстыкка бэлэмнэнэр. Социальнай объектарга өрөмүөн үлэтэ, хочуолунайдары сөргүтүү, дьиэ тутуута, дьон күннээҕи олоҕор туттар табаары, бородууктаны тиэйии-таһыы – маны барытын бэрт кылгас кэм иһигэр тутуттумахтаан эрэ хааллахха, кыайыллар. 


Таатта сиригэр-уотугар саас эрдэттэн бэлэмнэнэн, от ыйыттан кыралыын-улаханныын сүөһү тыйыс тымныылаах кыһыны туоруур аһын бэлэмнээһиҥҥэ туруммуттара.

Таатта улууһун окко былаана быйыл даҕаны баһырхай: 36531 туонна от сүөһү-сылгы кыстыгар кыбыыга киириэхтээх. Атырдьах ыйын 31 күнүнээҕи туругунан, былааннаммыттан 93 бырыһыана туолбут. “Онон хаалбыт кэмҥэ – балаҕан ыйынааҕы кураан күннэргэ хайа баҕарар аһара оттуур кыах баар”, — диэн кэпсииллэр таатталар.

Таатта улууһун кылаабынай агронома Евгения Пинигина биирдиилээн бааһынайдар, улахан хаһаайыстыбалар атыыга оттуу сылдьалларын кэпсиир. Ол курдук, бэлиэр, хаһаас фондаҕа оттуохтаах хаһаайыстыбалар 1800 туоннаны бэлэмнээбиттэр. Таатталарга курааннаабыт, ууга барбыт улуустарга анаан 1,5 тыһ. туоннаны оттуулларыгар, атыыга бэлэмнииллэригэр сорудах үөһэттэн бэриллибитэ. Онон 15 хаһаайыстыба Өймөкөөн, Үөһээ Дьааҥы, Абый уонна ыаллыы Уус Алдан улуустарыгар оту бэлэмниир.

Таатта улууһугар от үлэтигэр нэһилиэктэр бары эриэ-дэхси балаһыанньалаахтар, сүөһүлэрэ кыстыгы туоруур отун булуналлар. Арай, Алдан нэһилиэгэ (Уус Таатта) курааннаан, тоҕус мобильнай биригээдэни тэриммититтэн, 7-тин нэһилиэк ыраах сирдэригэр оттото ыыппыт. Уолбаҕа уонна Дьохсоҕоҥҥо биирдии биригээдэ кэлэн оттуу сылдьар.

Улахан хаһаайыстыбалартан чычымахтар тэрээһинигэр бытааран, окко хойутуу туруммуттар. Төттөрүтүн алаас сирдээх чөркөөхтөр нүөл соҕустар. Ол курдук, сыччах Октябрьскай нэһилиэгиттэн «Кэскил» ХЭУо үөһээ дьааҥыларга 400, «Дьолуо» ТХПК өймөкөөннөргө 300 туонналыыны бэлэмниир былаан ылыммыттар. Бу нэһилиэккэ бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлиир Халгаевтар былырыын 20-лии рулон оту ылар сирдэриттэн быйыл сайын икки бүк элбэҕи ыла сылдьалларын кэпсииллэр. Ол – урукку уулаах, сииктээх сирдэр куураннар, уолбалар тахсыбыттарыттан диэн хаһаайыттар быһаараллар.

Тааттаҕа былааннарын аһары толорбут отчуттар оту хаһаанар санаалаахтар. “Эһиил хайдах дьыл буолара биллибэт. Айылҕа көстүүтэ уларыйа турар”, — дииллэр.

Биһиги Таатта улууһугар командировкаҕа тиийэ сылдьар кэммитигэр — атырдьах ыйын 9-10 күннэригэр — ардах атахтаан, отчуттары отууга, ходуһаҕа көрсөр былааммыт кыайан туолбатаҕа. Онон мантан аллара СИА уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ бэлэмнээбит матырыйаалын билиһиннэрэбит.

Кыыс Амма кытылын удьуор отчуттара

Чычымах орто оскуолатын алтыс кылааһын үөрэнээччитэ Харысхан Малышев быйыл үһүс сайынын ийэлээх аҕатын Иванна, Георгий Малышевтары, эбэлээх эһэтин Валентина уонна Валентин Кривошапкиннары кытта тэҥҥэ сылдьан оттосто. Харысхан «Синтай» тыраахтары аҕатын кытта пааралаһан талбытынан ыытыан сөп. Дьоҕус тимир көлөнөн оту мунньарга, кэбиһиигэ оту таһарга төһүү үлэһиттэрэ кини.

Валентин Кривошапкин Амма кытылыгар Буолумаҕа, бэйэтэ оҕо эрдэҕиттэн оттуур ходуһатыгар, өрүү буоларын курдук, оттуур. Хоһуун киһи кыратыттан аҕата Иван Сергеевич ыйыытынан-такайыытынан убайдарын, бырааттарын кытта от үлэтигэр миккиллэн улааппыта. Быйыл эмиэ биир күнү мүччү туппакка, кыргыттарын, күтүөттэрин, сиэннэрин кытта сирдэрин барытын сирийэн оттоотулар. Орто кыыһа Лариса кыратыттан түсчүт бэрдэ буола улааппыта. Аны утуму салҕаан, оту кэбиһиигэ сиэн кыыс Сайаана өссө биир тутаах отчут буолан, от тэпсээччинэн, түскэ күүстээх үлэни көрүстэ, улаханнык көмөлөстө.

Улахан күтүөт Георгий Малышев эмиэ кыратыттан тыа сирин хара үлэтигэр эриллибит буолан, уолун Харысханы хайа баҕарар үлэҕэ тэҥҥэ илдьэ сылдьар, бэйэтин холобурунан уһуйар. Харысханы эһэтэ: «Оҕом барытын бэйэтэ, киһи ыйыыта-кэрдиитэ суох оҥорор буолла. Биллэрдик улааппыт», – диэн астынан, сиэнин хайҕаан кэпсиир.

Бу курдук туруу удьуор отчуттар харыларын ньыппарынан туран үлэлээннэр, Амма эбэ өҥ хочотугар хас да кэбиһии туруордулар. Онон Таатта биир сис ыалын сүөһүтэ быр-бааччы кыстыыр оттонно.

Маннык кыралыын-улаханныын дьиэ кэргэнинэн бары саба түһэн, түмсэн, көмөлөөн үлэлиир буоллахха, ыарахан да чэпчиир, ыраах да чугаһыыр.