«Улуус олоҕо»: Тымныы полюһун урбаанньыттара дьарыктаах буолууга араас хайысханы тутуһаллар

1190

Өймөкөөн улууһун пааспарын суруйуубутун салгыыбыт. Бырайыак суруналыыстара “Мамонтенок” оҕо киинигэр сылдьан, олохтоохтор бэйэлэрин баҕа өттүнэн дьоҥҥо наадалаах анал хайысха булунан үлэлиири баһылаабыттарын сэргээтибит.  Уус-Ньара оҕолоро сөбүлээн сылдьар дьиэлэрэ ырай олоҕор тэҥнээх: сылаас, ыраас, киһи кута-сүрэ тохтуур.


Урбаанньыт Магомет Бохпоев уон сыллааҕыта улуус киинин оҕолоругар Оонньуур паарканы тэрийбит киһи диэн баҕа санаалааҕа.

— Ыраах куораттарга тиийдэхпинэ, Оҕо оонньуур пааркаларын, кииннэрин анаан кэрийэн көрөр, үөрэтэр этим. Хоту дойду оҕолоро төрөппүттэрин уоппускаларын кэмигэр ханна эрэ күүлэйдии бардахтарына биирдэ улахан пааркаларга күүлэйдиир, араас аттракционнарга оонньуур кыахтаахтар. Хаста да Оҕо киинин аһан көрөөрү соруммутум да, кыаллыбатаҕа. Ити эрээри, дьолго, ”Ээ, чэ син биир туолбат” диэн баран, баҕа санаабын умнан кэбиспэтэҕим. Биирдэ “Хаҥалас” артыал салайааччыта Александр Караська ити бүччүм санаабын эппиппэр, бэрт болҕомтолоохтук истэн баран, бырайыакпын өйөөбүтэ, — диэн кэпсиир Магомет Ахметович.

“Мамонтенок” Оҕо киинин салайааччыта “дьолго” диэн мээнэҕэ эппэтэҕэ. Александр Карась курдук төрөөбүт дойдутун социальнай сайдыытыгар дууһатынан ыалдьар бырамыысаланнас тэрилтэтин салайааччыта оҕолорго анаммыт бырайыактары өрүү өйүүрүнэн биллэр. Сотору буолаат, уруккута кафе буолан турбут икки мэндиэмэннээх эргэрэн эрэр дьиэни өрөмүөннээн, Магомет Бопхоев Оҕо киинин дьэндэтэн таһаарбыта.

Кыараҕас дьиэҕэ хаайтаран олорор, оҕо саадыгар уонна оскуолаҕа режиминэн эрэ сүүрэр-көтөр оҕолор, биллэн турар, “Мамонтенокка” кэлэн, биир чаас устата тыыннарын таһаараллар, дуоһуйа сүүрэллэр-көтөллөр. Аттракционнара элбэх. Биир чааска төрөппүттэр 250 солк. төлүүллэр.

Магомет Ахметович, эн оҕо тэрилтэтин тутуутун бары быраабыланы тутуһан оҥордоҕуҥ дии?

— Биллэн турар. Ростов-на-Дону, Краснодар куораттарга, Москваҕа маннык Оҕо кииннэригэр сылдьан, уруһуйдаан, хаартыскаҕа түһэрэн, анал исписэлиистэри кытта сүбэлэспитим. Онон бары ирдэбили тутуһан оҥорбутум.

— Тоҕо “Мамонтенок” диэн ааттаатыгыт? 

Кыра эрдэхпинэ абаҕам Эдьигээҥҥэ олорбута. Кини миигин өрүү онно ыҥырар, хоту дойду тымныытын олус интэриэһинэйдик кэпсиир этэ. Онтон ыла мин
сэлиини Саха сирин кытта ыкса сибээстиир буолбутум. Ол оҕо сааһым өйдөбүлүнэн уонна хоту дойдуга олорорбутунан сибээстээн, Тымныы полюһун оҕолоругар арыйбыт кииммин “Мамонтенок” диэн ааттаабытым.

Оҕо киинэ бэйэтэ остолобуойдаах. Дьиэтээҕи аһы аҕалар көҥүллэммэт. Төрөөбүт күннээхтэр күннүүллэр. Төрөппүттэр тэрилтэ остолобуойугар ас сакаастаан, оҕолорун төрөөбүт күнүн ылаллар. Инньэ гынан кырачааннар тото-хана аһаан баран, доҕотторун кытта дуоһуйа оонньууллар. Оҕолор саамай таптыыр оонньуулара – лабиринт. Оҕо манна 6х4 иэннээх икки мэндиэмэннээх лабиринт устун сүүрэкэлээн, араас “моһоллору” ааһан, атын ооньууларга тиийэр. Дэлэҕэ да, киэһэ оҕо саадыттан кэлэн иһэн, төрөппүттэр кырачааннарын “Мамонтенокка” хайаан да сырыттанаран ааһаллар. Биллэн турар, саамай былдьаһык күн – өрөбүл. Манна 30-ча оҕо биирдэ тоҕо анньан кэлэр. Ол иһин эрдэттэн сурутуу быраабылатын олохтообуттар.

Оҕо киинин иһигэр киирдэххэ, ураты сырдык араас өҥ киһи сүргэтин көтөҕөр. Бу туһунан Магомет Бопхоев маннык быһаарар:

— Оҕо дьиэтэ сырдык, ыраас өҥнөөх буолуохтаах. Биирдэ Дьокуускайга ханнык эрэ кафеҕэ киирэн аһыы олорон, истиэнэ өҥүн олус сөбүлээбитим, олох дууһабар киирбитэ. Хаһаайыны кытта билсэн, маннык кэрэни оҥорор маастары булбутум. Онон Оҕо киинин бары силигэ ситэн, билигин оҕо аймаҕы үөрдэр дьиэнэн буолла.

Кырдьыга да оннук, сыл аайы өрөмүөннээбэккин. Төрөппүттэр оҕолорун аттыгар тэҥҥэ сылдьаллара кытта учуоттаммыт. Оҕолорго уонна кинилэр төрөппүттэригэр анаммыт икки туалеттаах. Кырачааннар киин аттракционнарыгар киирэллэригэр анал бахила кэтэллэр. Онон ырааһы тутуһуу манна кытаанахтык ирдэнэр.

Урукку кафе саҕана гардероб буолан турбут саалаҕа оҕо оонньуурдарын маҕаһыына баар. Манна улуус киинин маҕаһыыннарыттан икки төгүл намыһах сыанаҕа Арассыыйа фирмалара оҥорон таһаарар анал сертификаттаах оонньуурдар атыыланаллар. Табаара саҥардыллан иһэр буолан, бу маҕаһыын кырачааннарга олуһун сөбүлэтэр.

Урбаанньыт Магомет Бопхоев уонча үлэһиттээх тэрилтэтин былаана киэҥ. «Москваҕа мамонтенок көстүүмүн сакаастаан тиктэрбиппит. Онон сотору кэминэн кииммитигэр анал сценарийынан бырааһынньыктары тэрийэр буолуохпут», — диэн былаанын билиһиннэрэр “Мамонтенок” аҕалаатар аҕата.

Магомет Ахметович киин бастакы этээһин өрөмүөннээн баран, аны обургу оҕолорго анаан анал саататар киин аһаары бэлэмнэнэр. Киин сүрүн соруга – чөл олоххо көҕүлээһин. Тиэргэни эмиэ киһи билбэт гына оҥорор санаалаах. Ол эбэтэр дьиэ тула араас маһы, сибэккини олордуоҕа. Киһи сынньанар остуоллардаах ыскаамыйаларын тутуоҕа.

Онон Уус-Ньараҕа аһыллыбыт “Мамонтенок” Оҕо киинэ улуус сайдыытын кэрэһэлиир биир бастыҥ социальнай эбийиэк буолан, атын урбаанньыттарга холобурунан буолла.


«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.