Таатта улууһугар быйыл – Ыал сыла. Онон сиэттэрэн, Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр олорор түөрт оҕолоох Ньургустаана уонна Сергей Кириллиннэри «Улуус олоҕо» бырайыак чэрчитинэн «Улуус Пааспарыгар» билиһиннэрэбин. Эрдэттэн сэрэтэбин: кэпсэтээччилэрим кэмчи саҥалаахтар, онон ситэ эппэтэхтэрин хаартыскалар ситэриэхтэрэ.
Ыал ийэтэ Ньургустаана Петровна балыыһаҕа терапия отделениетыгар санитаркалыыр. Оттон Сергей Георгиевич бухгалтер идэтин ылбыт гынан баран, ИП тэринэн ыалларга сантехниканы уонна сайыҥҥы уу ситимин тардан биэрэр, кыһын сакаас аҕыйах кэмигэр тутууга үлэлиир. Кириллиннэр түөрт оҕолоохтор. Икки улаханнара Дьокуускайга үлэлииллэр: кыыс – медик, ожоговайга сиэстэрэлиир, уол – тутууга сылдьар. Икки кыралара – алта уонна түөрт саастаах кыргыттар.
Биэс сыллааҕыта улуус киинигэр дьиэлээх, 15 суотайдаах учаастагы атыыласпыттар. Сергей дьиэтин эркинин тас өттүттэн изовер хаттыктаан, ОСВ-нан бүрүйбүт уонна, биллэн турар, толору хааччыллыылаах гына оҥостубут. Тыа ыалын сиэринэн сайын куурусса иитэр буоланнар, күн аайы сымыыт киирэ турар. Куруолук ииттээри тэриммиттэрэ табыллыбатах: тыһы куруолуктарын ыт туппут, инньэ гынан тулаайахсыйбыт атыыр соҕотоҕун эргичиҥнии сылдьар.
Тэлгэһэҕэ оҕурсу, помидор үүннэрэллэр. “Кэлин оҕуруоттааҕар сибэккигэ ордук оҕуттум”, — диир ыал ийэтэ. Ол тоҕотун Ньургустаана Петровналаах кылгас кэпсээннэриттэн тута сэрэйдим. Кинилэр былырыын “Тупсаҕай оҥоһуулаах тиэргэн” куонкуруска кыттан, үһүс миэстэни ылбыттар. Быйыл эмиэ киирсэ сылдьаллар. Маны элбэх оҕолоох ыаллар кииннэрин үлэлэтэр Ионовтар оскуолалара көҕүлээн тэрийэр эбит.
Уһаайба штакетнигыттан саҕалаан ыал аҕатын уус тарбаҕынан айыллыбыт-тутуллубут. Сергей иллэрээ сылтан саҕалаан кыргыттарыгар оонньуур дьиэ туппут уонна араас кыыллары мастан уһанан оҥорбут. Оҕолоро сайын сөтүөлээн сөрүүккүүллэригэр улахан бассейн атыылаһан туруорбуттар. Аллара аһаҕас туран уулусса буоруттан киртийэрин иһин, үрдэтэн уонна үрүттээн оҥорбуттар. “Иккиэн сүбэлэһэн, былааннаан оҥостобут. Идиэйэ эрэ наада”, — диир хаһаайын.