Усуйаанаҕа төрөөбүт дойдуларын таптыыр ыччат талаһан баран үлэлиир

545

Усуйаанаҕа олорор Виталина Никаноровна Аммосова дойдутун дьонугар улаханнык убаастанар, улууска ытыктабылынан ааттанар эмчит.


Хаһан эрэ, кыра Биитэ куукулаларын эмтии оонньуура, өйүгэр-санаатыгар үрүҥ халааттаах эмчит буолан, бэйэтин оҥорон көрөрө. Ол оҕо эрдэхтэн иитиэхтээбит ыра санаата туоларыгар ийэтин Галина Прокопьевна Аммосова иитиитэ-такайыыта улахан оруоллаах. Галина Прокопьевна үгүс сыллар устата олоҕун эргиэҥҥэ анаабыта. Отуттан тахса сыл бастаан Силээннээх райпотугар, онтон араас чааһынай тэрилтэҕэ, эргиэҥҥэ үлэлээн, РСФСР потребительскай кээпэрээссийэтин туйгуна буолбута. Галина Прокопьевна бэйэтэ да хорсун дьахтар, соҕотоҕун 4 оҕотун атахтарыгар туруоран үөрэхтээтэ, олох киэҥ аартыгар киллэрэн чиҥник үктэттэ. Үс кыыһа бары үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэр. Ол курдук улахан кыыс Лена Дьокуускай куоракка баан үлэһитэ, Битэлиинэ аннынан кыыс Динара Силээннээх оскуолатыгар ахсаан учуутала. Оттон мурун бүөтэ, соҕотох мааны уол Кинээс ХИФУ-га, хайа институтугар «Техносфераҕа куттала суох буолуу» идэтигэр үһүс кууруска үөрэнэр.

Онтон Битэлиинэ дьоҥҥо амарах сыһыаннааҕар, ыарыһахтар кыһалҕаларын өйдөөн истэригэр, кэпсэтэригэр кырдьаҕас эбэтэ Кэтэриинэ Охонооһойобуна Оруоһуна такайыыта, сүбэтэ-амата эмиэ элбэҕи биэрбит буолуохтаах. Кэтэриинэ эмээхсин, бэйэтэ олох ыарахаттарын элбэхтик билбит буолан, соҕотоҕун хаалан баран, кыргыттарын киһи гынан олоҕу олус сыаналыыр. Сиэннэриттэн киһиэхэ туһалаах, болҕомтолоох буола, дьон санаатын истэ уонна ырыҥалата улааталларын ирдиирэ. Билигин даҕаны 89 хаарын уулларбыт эмээхсин сиэнигэр, Виталинаҕа олорон туһата элбэх.

Үөрэҕэр үчүгэй Вита Силээннээх орто оскуолатын 7 кылааһын ситиһиилэхтик бүтэрэн баран, улуус киинигэр Депутатскайга, физматоскуолаҕа кэлбитэ. Манна интэринээккэ олорон, Силээннээхтэн кэлсибит дьүөгэлэрин кытта үөрэммиттэрэ, өй-санаа өттүнэн сайдыбыттара, билиилэрин хаҥатыммыттара. Интэринээт сэбиэдиссэйэ Ыстапаан Дьөгүөрэбис Күөлэһэп, иитээччилэр элбэх өрүттээх үлэни ыыталлара, сайдыыга улахан олук буолбута. Хаһан, ханна да сырыттар Виталина билии аартыгын арыйбыт Силээннээхтээҕи да, Депутатскайдааҕы да учууталларын умнубат. Ол курдук кини үтүө өйдөбүлүгэр бааллар Мария Васильевна Дьячковская, Альбина Гусимовна Аммосова, Татьяна Михайловна Якубова, Валентина Владимировна Прокопенко, Яна Пахомовна Веревкина, Николай Яковлевич Похил о.д.а.

Виталина орто үөрэҕи бүтэрэригэр онон ким буолуохха, ханна үөрэниэххэ диэн ыйытык турбатаҕа. Уруккуттан иитиэхтээбит ыра санаатынан быраас идэтигэр туттарса дьоллоох Дьокуускай куоракка барбыта уонна улаханнык эрэйдэммэккэ сөбүлүүр идэтигэр, СГУ медицинскэй факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Алта сыл устудьуон кыыска, эдэр саас эрчимнээх олоҕо университекка үөрэнэр сылларыгар биллибэккэ, түргэнник ааспыта. Врач-невролог идэтин бигэргэтэр дипломнаах эдэр исписэлиис Депутатскайга ананан кэлбитэ уонна үлэ үөһүгэр түспүтэ. Онтон ыла быстах кэмнэргэ тохтуу сылдьыбытын аахпатакка, улуус балыыһатыгар невролог бырааһынан үлэлии сылдьар. Ол быстах кэмнэргэ тохтообута да диэн, интернатураҕа үөрэнэр уонна ийэ дьолун билэр кэмнэригэр этэ.

Олоҕун аргыһын, тапталлаах кэргэнин, оҕолорун аҕатын кытта интернатураҕа үөрэнэ сылдьан, Дьокуускай куоракка билсибитэ. Маҥнайгы көрсүһүүлэрэ улахан хампаанньаҕа, ыччат «тусовкатыгар» этэ. Кэргэнэ Володя билинэринэн, кини Виталинаны хара маҥнайгыттан сөбүлүү көрбүт уонна сэмэй кыыска туһулаан эппит: «Мин кэргэним буолуоҥ» диэн. Биирдэрэ «Ээс, хайдах буоллуҥ» диэн хоруйдаан хаалбыт. Дьэ ол кэнниттэн өр соҕус ухаасыбайдаан, элбэх сибэкки бэлэхтээн, кыыс сөбүлэҥин ылан Мегежекскэйдэр-Аммосовтар диэн саҥа саха ыала баар буолбута.

Бастаан Вита Володяны Мегежекскэй диэн араспаанньатыттан сылтаан поляк төрүттэрдээх дуу дии санаабыт. Хантан инник араспаанньа кэлбитэй диир буоллахха, ол эмиэ туспа остуоруйалаах. Владимир эһэтэ Михаил Васильевич Ксенофонтов Ньурба улууһугар, Маалыкай нэһилиэгэр Мэгэдьэк диэн түөлбэҕэ 19-20 үйэ ыпсыытыгар төрөөбүтэ. Кини, оччотооҕу кэмҥэ, сөбүгэр үөрэхтээх, кэлин Саха сирин хомсомуолун акылаата буолбут «Эдэр коммунист» куруһуогу тэрийбитэ, саха саарыннарын, революционердарын М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, С.В. Васильев кытта биир хамаанда этилэр. Кини Мегежекскэй диэн «подпольнай» аатын кэлин, 1919 сыллаахха официальнай араспаанньа гыммыта. М.В. Мегежекскэй 1926-27 сылларга Саха сирин Киин Толоруулаах Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ буола сылдьыбыта.

Болуодьа бэйэтэ Сунтаарга төрөөбүтэ, улааппыта. Оҕо сылдьан бэйэтин саастыылахтарыгар холоотоххо оонньуулаах, имигэс этэ. Ол иһин оскуоланы бүтэрэн баран, биир сыл Сунтаар профтехучилищетыгар үөрэнээт, Дьокуускайга култуура колледжыгар эстрада-циркэ салаата аһыллыбытын истэн, онно киирэр баҕалаах барбыта. Талааннаах уол улахан күрэҕи ааһан колледжка киирбитэ. Онно үөрэнэ-эрчиллэ сылдьан, Силээннээхтэн төрүттээх Владислав Голиковы кытта билсибитэ уонна доҕордоспута. Киниттэн, аан бастаан истибитэ Силээннээх диэн дойду баарын. Владик наар ыҥырара, хайдах курдук дойдута үчүгэйин кэпсиирэ. Хомойуох иһин эдэр дьон ыра санаалара ол кэмҥэ туолбатаҕа…. Дьиҥинэн Владимир Владиктыын Москваҕа цирковой училищеҕа үөрэнэ барыахтаахтара, ону ол кэмҥэ эчэйии ылан, артыыс буоларыгар аан сабыллыбыта. Дьэ туһугар кыһыы этэ. Володя билигин даҕаны ол кэмнээҕи преподавателлэрин Ростислав Лебедевы, Александр Березкины, Валентина Якимеһы, бииргэ үөрэммит доҕотторун Аскалон Павловы, Байбал Сэмиэнэби, Айаал Аммосову истиҥник саныыр, билигин да алтыһар.

Кэлин Володя Мегежекскэй, СГУ-га историческай факультекка үөрэнэн историк идэтин ылбыта уонна түөрт сыл устата, Дьокуускай куоракка «Фемида» кулуупка оҕо общественнай хамсааһынын бырагырааматын координаторынан үлэлээбитэ. Кэргэнэ интернатураны бүтэрбитин кэнниттэн, 2010 сыллааха эдэр ыал Депутатскайга көһөн кэлбиттэрэ. Владимир кэлээт, эпиэкэ уонна попечительство исписэлииһинэн улуус дьаһалтатыгар үлэлээбитэ. Биир сыл буолаат, «ДЕЗ» МУТ тэрилтэни салайбыта. Билигин улуус дьаһалтатын иһинэн үлэлиир «Физкультура уонна спорт салалтатын» исписэлииһэ.

Виталина уонна Владимир тапталларын кэрэһиттэрэ 3 уоллаахтар. Бастакы уол Левушка быйыл Депутатскай орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска киирдэ. Игирэлэр Роберт уонна Коля номнуо икки саастаахтар. Саас буолла да ыалынан Силээннээххэ көһөн тиийэн сынньаналларын наһаа астыналлар. Владимир балыксыт бэрдэ, ол үлүһүйүүтүгэр кэргэнин эмиэ «сыһыарда». Онон саас Силээннээх үрэҕэр Мегежекскэйдэри элбэхтик көрүөххэ сөп.

Билигин Виталина Никаноровна 8 сыл невролог-бырааһынан үлэлээбитин тухары элбэх бочуотунай кырааматаларынан наҕараадаланна. Дьон, пациент билиниитин бөҕө ылла.

Виталина Никаноровна: «Кыах уонна күүс баарынан барыларыгар көмөлөһө сатыыбын. Үлэлиир кэллэктиибим наһаа үчүгэй. Хас биирдии ыарыһахпар кыһаллан «ыалдьабын» аҕай. Инсууллаан киирбит ыарыһах бэттэх кэллэҕинэ, аргыый күллэҕинэ олус үөрэбин. Мин кэтээн көрөрбүнэн, биһиги бөһүөлэкпитигэр соҕотох хаалбыт дьон элбээн эрэр, олортон сорохторо наһаа кырдьаҕас дьон буолбатах. Итинник дьон биһиэхэ, балыыһаҕа киирдэхтэринэ, санааларын өрө көтөҕө, көмөлөһө сатыыбыт. Сороҕор экстреннэй консультация наада диэтэхтэринэ түүн-күнүс диэбэккэ, өрөбүллэри сүүрэҕин. Ити барыта сүрэхпинэн сөбүлээн ылбыт идэм кэтэх өттө да буоллар үлэбин олус астынабын. Ардыгар ыраах нэһилиэккэ да көтөр да түгэннэр бааллар. Хата, үлэбинэн сибээстээн, мин биир баҕа санаам туолла, Дьүкээгиргэ сырыттым уонна уйаара-кэйээрэ биллибэт туундараны дуоһуйа көрдүм. Ити холкутук, нус-хас үлэлии сылдьарбар, барытыгар эрэллээх эркиним, кэргэним Владимир Николаевич Мегежекскэй өйөбүлэ сүҥкэн суолталаах. Кини ханна да үлэлээтэр, сырыттар бэйэтин хаһан да түһэн биэрбэт, чиэһинэй, дьоҥҥо аламаҕай, куруук көмөлөһө сылдьар. Дьон да санаата оннук, мин онтон үөрэбин. Миигин арай биир санаа үүйэ-хаайа тутар, ол төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэкпэр көмөм кыра дуу диэн. Онон баҕар, табылыннаҕына Силээннээҕим сиригэр баран үлэлиэххэ дуу диэн санаа кииртэлиир. Чэ олох көрдөрүөҕэ», — диир кэпсэтиим түмүгэр мин ыстатыйам сүрүн геройа. Оттон биһиги, оннук эрэ буоллун диибит.