Уус Алдан улууһугар “Туйма” кооператив үүт сыллааҕы былаанын 70%-нын толорбут

416

Суоттуга “Туйма” ас­тыыр-үөллүүр тэрилтэ салайааччытынан ветеринар идэлээх Мирослав Анатольевич Черкашин үһүс сылын ис сүрэҕиттэн ылсан үтүө суобастаахтык үлэлиир. ТХПК түөрт үлэһиттээх коллектива эйэлээх, бары биир өйүнэн-санаанан салайтаран үлэлииллэрэ ситиһиллибит.


Салайааччы Мирослав Черкашин хаһаайыстыба үлэтин-хамнаһын туһунан бу курдук билиһиннэрдэ:

– Былырыын бэс ыйыгар ас­тыыр-үөллүүр салаалар программаларыгар кыттан, тыа хаһаайыстыбатын минис­терствота олохтообут кыттыгас граныгар тиксибиппит. Ол курдук, бэйэ­бит счеппутугар 2,4 мөлүйүөннээх этибит, министерство 3,9 мөлүйүөнү укпута. Атырдьах ыйыттан ол үбү сыалынан туһанан барбыппыт. Сүрүн үлэбит таһынан үүт сыллааҕы былаа­нын толорор туһугар 60-ча кэтэх ыал­лар үүттэрин туппуппут. Манна астыыр-үөллүүр салаа хонтуоратыгар өрөмүөн үлэтэ күүскэ ыытыллыбыта. Сыах дьиэтэ төрдүттэн уларытыллан, саҥа бырайыагынан оҥоһуллубута. Муостатын көтүрэн өрө көтөҕөн, анныгар буор кутан “хара” муосталаабыппыт, аныгы ирдэбилинэн үрдүн саппыппыт, “евро” түннүктэри олордубуппут. Дьиэ ис бараанын саҥардан цеменнээн, штукатуркалаан, кафель тэлгэппиппит, ититии ситимин, уотун тардыы үлэлэрин тэҥҥэ ыыппыппыт. Бу күннэргэ Уфаттан специалистар кэлэн, сэппэрээтэри, сүөгэйи, арыыны оҥорор уустук оборудованиелары таҥан туруоруохтаахтар. Манна биири тоһоҕолоон этиэҕи баҕарыллар – биир мөлүйүөннээх сэппэрээтэр сүө­гэйтэн арыыны быһа оҥорор. Бу саҥа технология табылыннаҕына, суот­тулар биир бастакынан 200 грамм ыйааһыннаах арыы брикеттэрин оҥоруохпут. Оч­чоҕо үгүс киһи, дьааһыгынан ылар үбэ-харчыта суох өттө, сууламмыт дьоҕус арыыны атыылаһар кыахтаныа.

Миэстэтигэр сылдьан билис­тэххэ, үүт сыаҕар үлэ тигинэччи барар. Сыллааҕы былааннара – 500 тон­на. Билигин 70-ча хаһаайыстыба үүтүн сыахха туттарар эбит. Салайаач­чылара этэринэн, сорудахтарын 70-ча быры­һыанын номнуо толорбуттар. Сайылыктарга кэнчээри от өрө анньан, ферма үлэһиттэрэ сүөһүлэр тотоллорун, үүт-ас эбиллэн эрэрин туһунан этэллэр. Онон “Туйма” кооператив үлэһиттэрэ: “Быһа барыллаан ааҕыыбытынан, үүтү туттарыы сыллааҕы бы­лаанын 15 тоннанан аһары толоруох­пут”, – дииллэр.

Суоттулар эрэллэрэ – арыы отугар

Улуус дьаһалтатын оробуочай бөлөҕө, Суотту нэһилиэгэр оттооһуҥҥа ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитинэн, “Лена” тэрээһиннээх хаһаайыстыба салайааччыларын, кэтэх хаһаайыстыба отчуттарын мунньахтарыгар кыт­тыы­ны ылла. Мунньаҕы нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Василий Иванов саҕалаа­та.
Кини: “Алаас, үрэх сирдэр ходуһаларын кэрийэн көрдүбүт. Курааннаан от үүнүүтэ быстар мөлтөх, уутун кытыыларыгар эрэ ханнык эмэ оттоох. Үп-харчы кырыымчык буолан, тэрээһиннээх да, кэтэх да хаһаайыстыбалар атын сиргэ баран оттуур кыахтара суох. Онон миэс­тэҕэ күүскэ оттуохха диэн быһаарынан олоробут. Ол быһыытынан, былааннаах 2900 тонна оппутуттан 1700-н толоруох­путун сөп. Улахан эрэлбит – өрүс арыыларыгар. Ити гынан оттуур арыыларбытыгар техниканы киллэрэрбитигэр суол суоҕа уустук балаһыанньаны үөскэттэ. Жатайдартан баржаны кэпсэппиппит. Бу күннэргэ кэлэрин кэтэһэбит. Киргиэлэй, Эмэлдьэй арыыларыгар бэлэмнэммит оту бука барытын чааһынай ыаллар сүөһүлэригэр биэрэбин. Оттооһуҥҥа бэрт уустук балаһыанньа үөскээбитинэн итинник быһаарыыны ылынным. Айылҕа бииртэн биир күчүмэҕэйдэри оҥорон иһэр буоллаҕа, аны өрүспүтүгэр улахан уу кэлэн эрэр. Күнү-дьылы билгэлээччилэр этэллэринэн, 4-5 миэтэрэ үрдүктээх уу кэлэрэ сабаҕаланар. Оччотугар кырдал сирдэрбит ууга бараллар, олох да ытыспытын соттор курдук балаһыанньалаахпыт” – диэн баар балаһыанньаны быһаарда.

Оттон “Лена” ТХПК директорын солбуйаач­чы Мирослав Черкашин: “Кырдьык, быйыл талах, үөт төрдүн хаал­ларбакка, барытын оттоотохпутуна сатанар буол­ла. Оннук сирийэн оттоо­тохпутуна сыллааҕы былааммыт 60 быры­һыанын толоруохпутун сөп. Күн бүгүн баара-суоҕа 20 тонна оттоохпут. Толору механизациялаах отчуттары кэпсэтэн, өрүс арыыларыгар киирэргэ бэлэмнэнэбит. Уопсайа арыыттан 500 тонна от кэлиэн сөп”, – диэн хайдах-туох дьаһаммыттарын иһитиннэрдэ.

Салгыы Сергей Бурнашев улууска от­тооһун уопсай балаһыанньатын ту­һунан иһитиннэриини оҥордо. Кини улуус үрдүнэн ходуһаларга 1324 отчут, 690 араас маркалаах техника тахсыбытын, 4774 гектар ходуһа сирэ ох­суллан, 1508 тонна от кэбиһиллиби­тин билиһиннэрдэ. “Ордук ыарахан ба­лаһыанньалаах Курбуһах, Өлтөх, Байаҕантай, Бэрт Ууһун нэһилиэктэрэ от үлэтигэр күүстээх санаалаах туруннулар. Оттон Суотту нэһилиэгэр уу кэлэр түбэлтэтигэр, балаһыанньаҕыт өссө ыарыыр туруктаах. Онон ис кыаххытын өссө ааҕы­нан көрүөххүтүн наада. Арыыга тахсаргытыгар баржа өҥөтүн төлүөхпүт”, – диэ­тэ.

Мунньах кэнниттэн өрүскэ улахан уу кэлэн, суоттулар ходуһаларын ылбыт, техника киирэр суолун быспыт. Инньэ гынан оттуур усулуобуйа өссө уустугурбут. Билигин нэһилиэк отчуттара бука бары алаас, үрэх сирдэргэ оттуу сылдьаллар, оттон арыыларга нэдиэлэ курдугунан киирэр былааннаахтар.

Министр Улахан Төбүрүөн отчутунаан сэһэргэстэ

Республика тыа хаһаайыстыбатыгар, ас-үөл политикатыгар министрэ Петр Алексеев бурдук үүннэриитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар үлэлэрин хаамыытын билсэн баран, быыһыгар кэтэх хаһаайыстыбалаах Иннокентий Бурнашев оттуур ходуһатыгар сырытта, сэһэргэстэ. Мантан министр улууска от үүнүүтүн, тыа киһитин санаатын, үлэҕэ сыһыанын, дьулуурун биллэ.

Бэттиэмэ кырыстаах Улахан Төбүрүөн алаас харах көрүүтүгэр уутун кытыыта балачча үүммүт. Оттон үрдүк кырдала уһун уот кураантан хотуур түһэр кыаҕа да суох гына халтаҥнаабыт. Буолумуна даҕаны, балтараа ый устата алаастарга, сайылыктарга, буолактарга үүнээйи ханарын курдук сиик түспэтэ. Сайыҥҥы күн итии сыралыттан алаас сир ходуһата хайыта барбыта – киһи хомойо көрөр хартыыната. Ону ол диэбэккэ, отчут Иннокентий Бурнашев соҕотоҕун харса суох оттуу сылдьарын сэргии көрдүбүт. Өбүгэлэрбит бэттиэмэ от бэрдин сайын устата илиинэн оттоон, ынахтарын, сылгыларын этэҥҥэ сыл таһаараллара. Үтүө дьылларга бу алаастан 30-ча тонна от кэлэрэ эбитэ үһү.

Кырдьык, от үүнүүтэ мөлтөх эбит. Төһө оту ылыахпын сөп дии саныыгын? – диэн министр алаас сүрүн ходуһата үүммэтэҕин көрөн ыйытар.

Бу баар-суох оттуур алааһым. Үчүгэйдик үүммүт сылыгар сүнньүнэн иитэр сүөһүлэрбин, сылгыларбын сыл тахсалларын быһаарар этэ, бэрт кыратык эрэ эбинэрим. Быйылгы дьылга 15 гектардаах алаастан баара-суоҕа 5 тоннаны ыллахпына махтал буолсу. Быйыл улуус үрдүнэн от үүнүүтэ ханан да мөлтөһүөр. Атын сиргэ көһөн оттуур санаам да, кыаҕым да суох. Миэстэҕэ, тирбэҕэлээн да буоллар, хойукка диэри оттуур былааннаахпын. Күһүн бу алааһым хомуһун баайыам – аҕабыттан үөрэттэрэн хаалбыт нэһилиэстибэм буолар. Күөхтүү бааллыбыт хомуһу сүөһү олус сөбүлээн сиир. Урукку сут сылларга хомус баайан улаханнык өрүһүнэн турардаахпын. Маны таһынан ыаллыы сытар Баатаҕай нэһилиэгиттэн Тиргэлиир диэн алааһы арендаҕа ылан оттообутум 20-чэ сыл буолла. Ол алаас үүнүүтэ быйыл эмиэ мөлтөх, дуона суох оту ыларым буолуо.

Иннокентий Васильевич, бааһынайгын дуу, кэтэх хаһаайыстыбаҕын дуу? – диэн министр ыйытар.

– Уруккута бааһынай хаһаайыстыба этим. Нолуоктан босхолоноору кэтэх хаһаайыстыба буолбутум. Сааһым да ыраатта – 63-пүн туоллум. Билигин да үлэлиир санаалаахпын, үүт харчыта эбиллибитэ санаабытын көтөхтө. Быйылгы дьылга киирэн баран үүтү туттаран 115 тыһыынча солкуобайы ааҕыстым, – диэн хаһаайыстыбатын соҕотоҕун тутан олорор киһи хардарда.

Кырдьык, быйылгы кураан дьылга соҕотоҕун оттуох, сүөһүнү, сылгыны иитиэх-көрүөх диэтэххэ, бэрт ыарахан, түбүктээх үлэ буоллаҕа. Чэ кытаатыҥ, оттооҥ-мастааҥ, санааҕытын түһэримэҥ, – диэн министр Петр Алексеев бүтэн-оһон биэрбэт үлэлээх тыа сирин дьонугар ситиһиилэри баҕарда.