Уус Алдан улууһун Өнөрүгэр алаас сирдэр үүнүүлэрэ мөлтөҕүнэн, сыл тахсар оту булунарга бэрт уустук балаһыанньа үөскээбит. Манна Виктор Яценко аймахтарын бары бииргэ кыттыһан оттоон эрэллэрэ хайҕаллаах дьыала. Эдэр киһи от үлэтигэр күүһэ-кыаҕа баарынан түсүһэн, сатабыла тиийэринэн кыттар.
“Быйылгы оттооһуҥҥа туох сэрбэйэри барытын имири охсон ылар санаалаахпыт. Сүөһү сиир күөх отун барытын охсуохпут, инньэ гыннахпытына эрэ сатанар курдук. Кураан дьыллар кэллилэр, биһиги үс алааһы кэрийэн, баара-суоҕа алта тонна оттоохпут. Алаастар ууларын кытыылара, уу тохтуур оҥхой сирдэрэ хотуур түһэр гына үүммүттэр. Ол эбэтэр тоҕустуу гектардаах алаас ходуһаларыттан биирдии эрэ оту ыллыбыт. Хайдах гынан сүөһүлэрбин, сылгыларбын сыл таһаарабын диэн толкуйга түспүтүм ыраатта”, — диир Өнөр нэһилиэгин оччута Виктор Яценко бэрт мунчаарбыт куолаһынан.
Виктор Викторович чугас аймахтарын кытары төрдүө буолан, техникаларын, күүстэрин холбоон оттообуттара уонча хонно. Бу күннэргэ ыаллыы сытар Тулуна бөһүөлэгин таһыгар баар Мылаадыйа диэн арендаҕа ылбыт 10 гектардаах оттуур алаастарыгар көһөн киирэн оттуу сылдьаллар.
“Бу да алааспыт отун үүнүүтэ быстар мөлтөх. Сирийэн оттоотохпутуна эрэ үс тоннаны ыларбыт буолуо. Аны халлааммыт да мэһэйдиирэ үксээн эрэр. Бэҕэһээ ардаҕы аннынан кэбиһэммит кыл-мүччү оппутун куоттарбыппыт. Толору механизациялаах буоламмыт бириэмэни сүүйэбит. Дьиҥэр өҥ дьыл эбитэ буоллар, сыл тахсар 60 тонна оппутун булуммут буолуо этибит. Мантан күһүн Төбүрүөн диэн үрэххэ өргө диэри сирийэн оттуохпут. Оччону-баччаны булуом, оттуом диэн этэргэ күчүмэҕэйдээх. Бэрт эрэйинэн булбут сүөһүлэрбитин, сылгыларбытын аччаппатах киһи диэн баҕа санаалаах оттуу сылдьабыт”, — диир бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Виктор Яценко.
Оччут кэпсииринэн, быйылгы дьылга оту бэлэмнээһин олус уустук усулуобуйаҕа ыытыллар. Мэччирэҥ даҕаны халтаҥнаан эрэрэ биллибит. Ону ол диэбэккэ, тыа дьоно бигэ эрэллээх от хампаанньатыгар, үрүҥ илгэ күрэһэр туруналлар.