Төрөөбүт нэһилиэгин ыччата үөрэхтээх, билиилээх-көрүүлээх буоларыгар бүтүн олоҕун анаабыт Мандаров Василий Захарович улахан дьиэ кэргэнигэр учуутал, иитээччи идэтин талбыт, олохторун ис хоһооно оҥостубут оҕолоро, аймахтара элбэхтэр. Мандаровтар учуутал династияларын кыргыттара СР үтүөлээх учуутала, нуучча тылын уонна литературатын уһуйааччы Любовь Васильевна Андросова, СР үөрэҕириитин туйгуннара, химия, биология учуутала Валерия Васильевна Дедюкина, иитээччи Вера Васильевна Попова, сиэннэрэ Туйаара Николаевна Андросова, Ньургустаана Николаевна Слепцова, Любовь Николаевна Захарова, Мария Прокопьевна Данилова, Василина Прокопьевна Игнатьева салгыыллар.
Нэһилиэккэ ытыктанар ыал аҕата Василий Захарович омос көрдөххө, кытаанах, дьиппиэн курдук эрээри, олус оҕомсох, аһыныгас санаалаах, көмөлөһөр баҕалаах киһи этэ. Кыргыттарын, соҕотох уолун Анатолийы кэргэнинээн Мария Ивановналыын бүөбэйдээн, улаатыннаран, тыа олоҕун, үлэтин таптыырга, үлэ киһитин ытыктыырга, сыаналыырга, үтүөнү оҥорорго, кэрэни кэрэхсииргэ үөрэппиттэрэ. Ол таах хаалбата. Оҕолор бары ытыктанар, бочуоттанар ыал дьон буоллулар.
Валерия Васильевна кыра сааһыттан кинигэ, кумааҕы кыбыныылаах буолара. Чөкө сири булан, оонньуурдарын кэккэлэтэн, оскуолалаах буола оонньуура, ийэтин курдук туттан олорон, кинилэргэ кинигэ ааҕара. Ол курдук оскуолаҕа киирэр кэм тиийэн кэлбитэ. Валерия оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан билиигэ-көрүүгэ тардыһан, бибилэтиэкэ кылааһыгар күннэтэ сылдьан, кинигэ уларсан, күнтэн күн, сылтан сыл билиитэ эбиллэн, хаҥаан испитэ. Оскуолаҕа ыҥырар ыллык суолунан күннэтэ үөрэ-көтө айанныыра.
Туйгун үөрэҕэ, сэмэй бэрээдэгэ, көхтөөх сыһыана «Бэлэм буол» хаһыакка «Володя Ульянов дневнигэр» тахсарыгар олук уурбута. Бары биридимиэттэргэ чаҕылхайдык үөрэммитэ, учуутала Александр Александрович Слепцов химия уруогар оҥорор опыттара, кэпсээннэрэ Валерияны билбэт, ол эрээри билэр эйгэтигэр умсугуппуттара. Дьэ итинтэн ыла химия биридимиэтигэр таптала саҕаламмыта. Саха государственнай университетын биолого-географическай факультетыгар химияны ымпыктаан-чымпыктаан туран, дууһатынан ылынан, сүрэҕинэн сөбүлээн, дьаныһан үөрэппитэ. Химияны үөрэтэр учуутал дипломнаах үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрбитэ. Учуутал быһыытынан Горнай Мытааҕар, Ленскэй Орто Наахаратыгар, Тааттаҕа – Уус Таатта, Харбалаах, Дьохсоҕон, Чөркөөх, Баайаҕа оскуолаларыгар айымньылаахтык үлэлээн, үгүс үөрэнээччи махталын, тапталын ылар. Төрөппүттэрэ Василий Захарович, Мария Ивановна сахпыт кыымнарын, сүрэххэ саһыарбыт тапталларын, кукка-сүргэ иҥэрбит үтүө санааларын Валерия Васильевна үөрэнээччилэригэр иҥэрэр, дьонун суолун салгыыр.
Учуутал буолуу айылҕаттан бэриллибит талаан, дьоҕур, сатабыл, үөрүйэх буолар. Ону сатаан сайыннарыахха, мүччү тутумуохха наада эбит. «Ийэҥ Мария Ивановна сайаҕас, сымнаҕас майгыта, тугу барытын ааҕан, бэрийэн, билэн, тиһэн иһэр үөрүйэҕэ эйиэхэ бэриллибит. Эн үгүс матырыйааллаах улахан педагогическай копилкаҥ – ол туоһута. Бу муспутуҥ, ааҕарыҥ, чинчийэриҥ – барыта үлэҥ араас хайысханан сайдан иһэригэр тирэх буолар», — диэн бастакы учуутала Марина Николаевна Тимофеева бэлиэтээн турар.
Педагогическай копилкатын туһанан, эдэр учууталларга баай ис хоһоонноох быыстапкалары тэрийэр, опытыттан үллэстэр. «Типы и формы интегрированных уроков», «Использование педагогических технологий на уроках естественного цикла», «Развитие интеллектуальных способностей», «Использование технологии АСО на уроках и во внеурочное время как фактор развития индивидуальных способностей учащихся» научнай-чинчийэр дакылааттара улуус, республика таһымынан биһирэммиттэрэ.
Кылааһын салайааччыта Татьяна Михайловна Ильина учуутал туһунан бу курдук этэр: «Өскөтүн оҕолор учууталларыгар эрэммэт буоллахтарына, учуутал хаһан да профессионал буолбат. Эһиги бары кыратык да, бэйэ-бэйэҕитигэр маарыннаспат этигит, ол эбит этэ – үлэҕэ улахан интэриэс, күн аайы хас биирдиигитигэр саҥаттан саҥаны арыйыы үөрүүтэ».
Валерия Васильевна хас биирдии оҕотун ситиһиититтэн үөрэр, ийэлии истиҥ сыһыаннаах, хас биирдии оҕо дууһатын кылын таарыйар күлүүс тылы булар, киниэхэ саҥаны, солуну арыйар. Туора киһи көрдөҕүнэ, баҕар уруога кыратык суугуннаах да буолуо, ким эрэ кимиэхэ эрэ тиийэн сүбэлиэ, бэйэтэ ыйытыа, мөккүһэн да туруо. Бу Валерия Васильевна биир таптыыр ньымата – «адаптивная система обучения», түмүгэр үөрэнээччи барбыт тиэмэтин лоп билбит буолааччы. Кэккэ сылларга бииргэ үлэлээн биллэхпинэ, Валерия Васильевна букатын эрдэттэн «кууһан олорон үөрэтии» ньыматын күүскэ баһылаабыт эбит, ол түмүгэр үлэлээбит оскуолаларыгар быраас, биолог, химик, технолог, ветврач, генетик, охотовед курдук идэлэри баһылаабыттар үгүстэр, махтал тылларын төрөппүттэр, оҕолор аныыллар.
«Кыра оҕобут Володя Луковцев 9-11 кылаастарга Валерия Васильевнаҕа химияҕа үөрэммитэ уонна бу уустук биридимиэти сөбүлээбитэ. Валерия Васильевна наһаа кыһамньылаах, сүрэхтээх, ирдэбиллээх. Химияны интэриэһиргиир оҕолорго эбии дьарыктары ыытара, опыттары оҥоттороро. 1995 сыллаахха уолбут химия олимпиадатыгар улууска иккис миэстэни ылбыта, республикаҕа кыттыбыта. Оскуола кэнниттэн Санкт-Петербург куоракка лесотехническай академия химико-технологическай факультетыгар киирбитэ», — диэн кэпсииллэр төрөппүттэр Зоя, Егор Луковцевтар.
«Мин оҕом Данилова Айта 1984, 1985 сылларга Валерия Васильевнаҕа химия биридимиэтигэр үөрэммитэ. Химия олимпиадатыгар кыттыбыта, оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Хабаровскайдааҕы медицинскэй институту, кэлин ординатураны бүтэрбитэ. Москваҕа үөрэнэн, генетик-врач идэтин ылбыта. Химия курдук уустук биридимиэти Валерия Васильевна үчүгэйдик үөрэтэн, идэтин таларыгар көмөлөспүтэ», — этэр төрөппүт В.Данилова.
«Мин 11 кылааска Валерия Васильевна сүбэтинэн, көмөтүнэн химияҕа БКЭ бэлэмнэммитим. Оскуолаҕа уруоктар быыстарыгар, уруок кэнниттэн дьарыктанарбыт. Олус элбэх литератураны уларсыбыта, бириэмэни харыстыыр инниттэн, үөрэтиэхтээх матырыйаалым кылгас схемаларын оҥорбута. Үлэбит түмүктээх. Оскуолабын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрэн, медицинскэй институкка үөрэнэбин», — диир үөрэнээччитэ Нюргустана Васильева.
Валерия Васильевна олоххо олус көхтөөх киһи. Тыа ыалын сиэринэн кэргэнинээн Григорий Трофимовичтыын сүөһү-ас туталлар, оҕуруот олордоллор, оҕолорун улаатыннардылар, сиэннэрин бүөбэйдииллэр. Дьиэ-уот түбүгүттэн быыс-соло булан, хаартыскаҕа түһэрэр, литературнай викториналарга кыттан миэстэлэһэр, скандинавскай хаамыынан дьарыктанар, бэтэрээннэр спортивнай хамаандаларыгар теннискэ, хаамыскаҕа, хабылыкка оонньуур. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор, ким кыһалҕалаах кэлэн көмөлөс диэбиккэ, химияҕа, биологияҕа консультация биэрэр, сүбэлиир-амалыыр.