Ыстаада табатын харыстыыр Булуҥ булчуттара

204

Кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сирин салалтата бөрөнү бултаһарга, ахсаанын аҕыйатарга көмө көрөр. Ол курдук адьырҕа кыыл элбээһинэ Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын салаатыгар хоромньуну аҕалара, таһаарара биллэр, көстөр. Бэлиэтээн эттэххэ, хас сыл ахсын Саха сиригэр 600-800 бөрө уодьугуннанар.


Биһиги Булуҥмут хас биирдии ыстаадата адьырҕа кыылтан көмүскүүр булчуттардаах. Ол курдук улуус киэҥ туттар бөрөһүт-булчуттара Ярослав Захаров уонна Сергей Стручков буолаллар.

Захаров Ярослав Петрович үлэтин 1983 сыллаахтан “Приморскай” МУТ-ка булчутунан саҕалаабыта. Үлэлиирин устата, бэйэтин дьыалатын таһыччы билэрин көрдөрбүт үлэһит буолар. Ол курдук, олоҕун таба салаатын сайдыытыгар анаабыт, туох баар күүһүн уурбут туруу үлэһит киһи буоларын бииргэ үлэлиир дьоно этэллэр. Бэйэ идэтин толору баһылааһын, билии-көрүү үлэ үчүгэй түмүктээх буоларын эрэ көрдөрөр. Таба эйгэтигэр, үлэтигэр-хамнаһыгар элбэҕи билэринэн, көрөрүнэн, улахан уопуттааҕынан улууска тарбахха баттанар.

Хас сыл аайы кини адьырҕа кыыл ахсаанын 6-7 төбөнөн аҕыйатар. Быйыл сыл саҕаланыыта номнуо биир бөрөнү бултаабыт. Былырыын бөрө ахсаанын аҕыйатыытын иһин “Приморскай” тэрилтэттэн «Ямаха” снегоходунан наҕараадаламмыта.

Биһиги улууспутугар биир биллэр бөрөһүт Бороҕон нэһилиэгэр олорор Стручков Сергей Софронович удьуор табаһыт дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Кини таба салаатыгар ыарахан үлэтин 15 сааһыттан саҕалаабыт. Сылга 12-13 адьырҕа кыылы суох оҥорор.

Хас биирдии ыстаадаҕа табаны адьырҕа кыылтан көмүскүүр, араҥаччылыыр дьон үрдүк таһымҥа сыаналанан эрдэхтэрэ.

“Бу икки булчут чугас эргин бөрө суолун көрдүлэр да, ир суолун ирдээн, сонордоон, эккирэтэн тиийэн бултаһаллар. Кинилэр ааттарыгар табаһыттартан бултааһын туһунан этии киирдэ да, бултаһыы үгэнигэр түһүнэллэр. Ярослав Захаров билигин Никитин Артем диэн эдэр уолу бэйэтин хараҕын далыгар илдьэ сылдьан булт араас албастарыгар үөрэтэр-такайар. Үчүгэй, таһаарыылаах үлэтин иһин Саха сирин Ил Түмэниттэн грамотанан наҕараадаламмыта. Аатырбыт бөрөһүтүнэн Стручков Сергей Софронович биллэр. Кини олоҕун устата 300-тэн тахса бөрөнү уодьуганнаабыт киһи буолар. Эмиэ таһаарыылаах үлэтин иһин Саха сирин Ил Түмэниттэн грамотанан наҕараадаланан турар”, – диэн Булуҥнааҕы тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Константин Слепцов кэпсиир.