21 үйэ духуобунай сыаннастарын тула ыраахтан-чугастан Үөһээ Бүлүүгэ мустан кэпсэттилэр

336

ХХ-с үбүлүөйдээх Манчаары оонньууларыгар аналлаах «21 үйэ инновационнай сайдыытыгар саха норуотун духуобунай сыаннастара» республикатааҕы форум Кулун тутар 1-2 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ ыытылынна.


Икки күн устата М.А.Алексеев аатынан лицей-интернаакка араас хабааннаах семинардар, маастар-кылаастар ыытылыннылар. Итиэннэ культура, библиотека, бэчээт үлэһиттэригэр, саха тылын уонна литературатын учууталларыгар аналлаах үрдэтинэр куурустар буоллулар. Форум бастакы күнүгэр Үөдүгэйдээҕи сынньалаҥ киинигэр М.П.Алексеев-Дапсы 80 сааһыгар аналлаах биһирэм көрсүһүү ыытылынна, манна Ньурба, Сунтаар, Бүлүү улуустарын талба талааннаахтара кэнсиэр көрдөрдүлэр.

Е.Ярославскай аатынан история уонна хотугу норуоттар культураларын государственнай музейа, национальнай художественнай музейа, Үөһээ Бүлүүтээҕи история уонна этнография музейа «Раритеты Якутии» диэн олус интэриэһинэй быыстапканы дьон көрүүтүгэр таһаардылар. Олохтоох музей Оҥхой, Мэйик, Нам, Тамалакаан, Боотулуу, Кэнтик о.д.а. нэһилиэктэртэн 1901-1906 сыллааҕы 10 ыҥыыры туруорда. Кэргэн сүктэн кэлбит баай ыаллар кыргыттарын ыҥыырдарын дьон сэргии көрдө. Үлэни уус Михаил Семенович Корякин-Бэйбириэт оҥорбутун билиһиннэрдилэр. «Үгүс ыҥыыры дьонноруттан уларыстыбыт, кинилэр сүдү раритеттары өбүгэлэрин туһунан үтүө өйдөбүл гынан кэриэстээн уура сылдьаллар. Быыстапка инникитин да ыытыллыаҕа диэн бигэ эрэллээхпит», — диэн тэрийээччилэр иһитиннэрэллэр.

Форумҥа республика ааттаах-суоллаах ытык дьоно кыттыыны ыллылар, санаа атастастылар. Ол курдук, культура миниистирин солбуйааччыта Н.А.Макаров, филологическай наука кандидата, «Ийэ тыл» общественнай хамсааһын чилиэнэ М.П.Алексеев-Дапсы, философскай наука доктора, ХИФУ философияҕа кафедратын профессора В.Д.Михайлов, Олоҥхо институтун директорын солбуйааччыта Р.Н.Анисимов, филологическай наука доктора В.Б.Окорокова, педагогическай наука доктора Е.М.Поликарпова о.д.а. кытыннылар.