Таатта уолаттара «Тарбаахаптыы астыыллар»

252

Тааттаҕа 2010 сылтан «Тарбаахаптыы астыахха» күрэс тиһигин быспакка ыытыллар. Ол тухары оскуола педагогическай коллектива, үөрэнээччилэр общественнай тэрилтэлэрэ, төрөппүттэр бары түмсэн үрдүк тэрээһиннээхтик үлэлээннэр, күрэстэргэ кыттар уолаттар, кинилэри салайар, иитэр-үөрэтэр учууталлар да сыл аайы билиилэрэ кэҥээн иһэр.


Таатта улууһугар үһүс төгүлүн саха аһын пропагандиһа, үйэтитээччи, биир дойдулаахпыт Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов кэлэн, уолаттарга, технология учууталларыгар элбэх сүбэни биэрдэ. Кинини кытта «Саха Ас» региональнай общественнай түмсүү толорооччу директора, саха аһын кинигэ, альбом оҥорон үйэтитээччи, Ытык Күөлтэн төрүттээх Светлана Ивановна Львова, СӨ Правительствотын 1№-дээх дьиэтин остолобуойун 6-с разрядтаах повара, Игидэйтэн төрүттээх Константин Васильевич Матаннанов жюри чилиэнинэн, «Ионова оскуолата» общественнай түмсүүгэ сахалыы астааһыны салайар, маастар-саламааччыт Мария Егоровна Бондарева, И.И.Тарбахов 2015 сыллааҕы куонкурсун кыайыылааҕа Валерия Николаевна Потапова үлэлээтилэр. Кинилэр уолаттар сатабылларын, билиилэрин, аска-үөлгэ сыһыаннарын билистилэр, сыаналастылар.

Тоҕус уол бары да астааһыҥҥа сыһыаннаахтарын, тутталлара-хапталлара ылбаҕайын, ыраастарын, бүгүрүлэрин, ас арааһын билэллэрин, сатабыллаахтарын көрдөрбүттэрин Иннокентий Иннокентьевич астына бэлиэтээтэ, жюри чилиэннэрэ ону бигэргэттилэр.

Күрэс ыытыллыытын кэтээн көрбүт дьон-сэргэ, учууталлар, Дьүлэй нэһилиэгин олохтоохторо да дуоһуйдулар, астыннылар. Гран-При үрдүк аатын Бартыһаан Дьөгүөрэп аатынан Хара Алдан орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Стас Варламов (учуутала Т.П.Сметанина) ылла. Никита Христофоров (Ытык Күөл 2№ОО 10-с кылаас, учуутала А.П.Петрова) 1-кы, Саша Иванов (Ытык Күөл 1№ ОО, 9-с кылаас, учуутала Н.А.Поисеева) 2-с, Алеша Иванов (Туора Күөл ОО, 11-с, учуутала А.П.Атасыков) 3-с миэстэлэргэ таҕыстылар. Уолаттар чулуу асчыт бэйэтэ илдьэ кэлбит кубоктарынан, анал бэлиэлэринэн, кинигэ-альбомнарынан наҕараадаланан үөрдүлэр, хаартыскаҕа түһүстүлэр.