Александр Уаров Сунтаар улууһугар сылдьан олоҕу-дьаһаҕы билистэ

294

Ил Түмэн Хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Уаров кулун тутар 18-19 күннэригэр Сунтаар улууһугар командировкаҕа сырытта. Улуус дьонун-сэргэтин, үлэ хайдах баран иһэрин илэ хараҕынан көрдө. 


Депутат сыала-соруга икки түһүмэхтэн турар. Ол курдук, бастакытынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Инвестиционнай сайдыыга уонна урбааҥҥа миниистирин Антон Сафоновы Сунтаар дьонун-сэргэтин кытта көрсүһүннэрдэ. Иккиһинэн, Н.Н. Тарскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах көҥүл тустуу күрэхтэһиитигэр сырытта.

«Миниистир Антон Александрович тас дойдуга – Сингапурга уонна АХШ-га уонча сыл кэриҥэ олорбут буолан, ураты толкуйдаах аныгы кэм ыччата диэн сыаналаатым. Сунтаар улууһун бөдөҥ урбаанньыттарын кытта анаан-минээн көрүһүннэрдим, улуус улахан тэрилтэлэрин эбийиэктэригэр — Бүлүү эҥэр киэҥник биллэр «Татыйыына» фирмаҕа, «Тещин язык» спортивнай туристическай кииҥҥэ, «Крона» маҕаһыыннарыгар сырыттыбыт. Бу үс тэрилтэ бюджет дотационнай чааһыттан ураты оройуон бюджетын дохуотугар 30%-нын киллэрэр. Холобур, «Татыйыына» фирма килиэби, бурдук аһы оҥоруунан дьарыктанар, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Мииринэйгэ 30-ча маҕаһыыннаах, 20-чэ бэкээринэлээх уонна тутуу матырыйаалларын Москваттан аҕалтаран атыылыыр биир бөдөҥ тэрилтэ. Миниистир кыахтаах улахан фирматтан сөҕүөн сөхтө. «Тещин язык» спортивнай туристическай кииҥҥэ олох эрдэттэн суруйтаран, Бүлүү эҥэртэн барытыттан кэлэн дьиэ кэргэнинээн, хампаанньанан хайдах сынньанан баралларын Антон Александрович көрдө-иһиттэ. Комплекс дьыл кэминэн арахсан, барыта үс бырагырааманан үлэлиир: ресторан, сауна, кыыллардаах паарка, сырылыыр, хатыыскалыыр сирдэр уо.д.а. киһи сынньанар усулуобуйатын бэртээхэйдик тэрийбиттэр«, — диэн кэпсээтэ Александр Уаров.

Өрөбүл күн барыта 52 урбаанньыты мунньан, икки чаас устата бу хайысха сайдар кэскилин туһунан кэпсэтиини ыытта. Манна улуус салалтата эмиэ кытыыны ылла.

Көрсүһүү саҕаланыытыгар миниистир Сафонов тас дойдуга үлэлээбит баай уопутун үллэһиннэ, министиэристибэ инники соруктарын билиһиннэрдэ, урбааҥҥа сыһыаннаах туох уларыйыы-тэлэрийии тахсыаҕын, тугун-ханныгын быһаарда, үгүс ыйытыыларга эппиэттээтэ. Кини лоп-бааччы саҥатын дьон олус сэргии иһиттэ. Билиҥҥи балаһыанньаны чопчу билэриттэн, санаата-оноото аныгы кэм ирдэбилигэр толору сөп түбэһэриттэн сөхтүлэр. Инньэ гынан, миниистири кытта биир тылы булан, үлэлэһиэххэ сөп эбит диэн сыанабыл биэрдилэр. Ыам ыйыгар Антон Александрович Сунтаар улуһугар өссө барыах буолла.

Кини эппитинэн, Саха сирин сорох улуустарын урбаанньыттарын кытта көрүстэххэ, «бачча үп тиийбэт, итиччэ харчы суох» диэн буолар, көмө, идея көрдүүллэр, оттон сунтаардартан биир да урбаанньыт ити туһунан саҥарбата, санаан да ылбата диэтэ. «Ол оннугар нолуокка чэпчэтии, сокуоннары уларытыы, балаһыанньалары тупсарыы тула кэпсэтии таҕыста. Булугас-талыгас, сытыы өйдөөх, кыахтаах урбаанньыттар эбит, сунтаардар. Инньэ гынан, улуус экономикатыгар улахан кылааты киллэрэ олороллорун тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада. Кырдьыга да, итинник дохуоту биэрэр улуус суох. Төһө да ыраах олорбуттарын иһин, Сунтаар урбаанньыттара олох тэтимиттэн хаалсыбакка, туораттан көмө күүппэккэ, иннин хоту түһүнэ турбуттарын, билиҥҥитэ Бүлүү эҥэр ырыынагы баһылаан олороллорун сөхтүм«, — диэн бэлиэтээһиннэри оҥордо Антон Александрович.

Маны таһынан миниистир улуус суолун-ииһин, дьиэлэр толору хааччыллыларын көрөн астынна. «Тыа сирэ маннык дьаһанан олоруохтаах», — диэн санаатын эбэн эттэ.

Александ Уаров салгыы көҥүл тустууга Н.Н. Тарскай аатынан өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар анаан-минээн сырытта. Өрөспүүбүлүкэ чемпионата Сунтаарга 60 сыл буолан баран, быйыл саҥа ыытылынна. Манна Тустуу федерациятын саҥа президенэ Семен Березин урукку Россия чөмпүйүөннэрин, бэтэрээннэри, Сунтаарга аҕалан, күрэхтэһиигэ сырытыннарда. Ол иһигэр Россия чөмпүйүөннэрэ Альберт Захаров, Петр Попов, Владимир Данилов, Николай Яковлев, Олимпиада үрүҥ көмүс призерэ Александр Иванов.

«89 саастаах, мин учууталым, тириэнньэрим, дириэктэрим, Ленинград куорат гимнастикаҕа уонна көҥүл тустууга чөмпүйүөнэ, Николай Тарскай чугас доҕоро, үөлээннээҕэ Семен Зедгенидзев курдук аатырбыт спортсменнар, бочуоттаах бэтэрээннэр кыттыыны ылбыттарыттан олус үөрдүм«, — диэтэ Александр Уаров.

Күрэхтэһии түмүгүнэн Сунтаар хамаандата бастаата, иккис миэстэҕэ Чурапчы улууһун хамаандата таҕыста, үһүс – М.К. Аммосов аатынан ХИФУ хамаандата. Сунтаар сириттэн улахан тустууктар, Сэбиэскэй Союзка, Россияҕа биллэр дьиҥнээх маастардар тахсыбыттара, онон эдэр көлүөнэ ону салгыыһы диэн эрэх-турах санаммытын туһунан Ил Түмэн депутата иһитиннэрдэ.

Күрэхтэһиини 700-800 кэриҥэ киһи кэлэн көрдө, нэһилиэктэртэн, ыаллыы улуустартан дьон бөҕө тоҕуоруста, дьиҥнээх тустуу бырааһынньыга буолла. Бу курдук, Тустуу федерациятын президенэ Семен Березин үлэтин олус бэртээхэйдик саҕалаата диэн дьон-сэргэ сыаналаата. Итинник кырдьаҕас көлүөнэ спортсменнарын ытыктаан, ыччакка холобур быһыытынан илдьэ сылдьар суолтата улахан. Бу үгэс бары улууска тарҕанарыгар санаалар этилиннилэр.

Маны таһынан, Сунтаарга Александр Уаров Бордоҥ нэһилиэгэр сылдьан актыыбы кытта көрүстэ, итиэннэ биэс-алта кыһалҕалаах дьону кытта кэпсэттэ.

Бу нэдиэлэҕэ Сиэйэ нэһилиэгин орто оскуолата 125 сыллаах үбүлүөйүгэр сылдьыахтаах, ол кэннэ улуус киинигэр оскуола дириэктэрдэрин кытта көрсөн кэпсэтиэхтээх.

Оттон өрөбүллэргэ оҕолорго Уаров бэйэтин бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи көҥүл тустуу күрэҕин ыытыахтаах.