Александр Уаров Сунтаарга сырытта

375

Ил Түмэн Хонтуруоллуур сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Уаров олунньу 6-с күнүттэн 11 күнүгэр диэри Сунтаар улууһугар командировкаҕа баран кэллэ. Биһиги Александр Сергеевиһи көрсөн отчуот хайдах ааспытын, дьон ордук тугу туруорсарын, туох кыһалҕалаахтарын, миэстэтигэр үлэни-хамнаһы быһаарсыылары, о.д.а. кэпсииригэр көрдөстүбүт.


«Сырыым сыала-соруга икки түһүмэхтэн турара. Ол курдук, бастакы түһүмэххэ төрөөбүт нэһилиэгим кыһалҕатын миэстэтигэр быһаарыы. Иккиһинэн, СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотун кытта тэҥҥэ сылдан, дакылаат оҥоруу.

Алтыс чыыһылаҕа сарсыарда эрдэ көтөн тиийбитим. Онтон күн аҥаара улуус салалтатын кытта үлэлээбитим. Ол кэннэ төрөөбүт нэһилиэкпэр Бордоҥҥо тахсан, тэрээһин боппуруостарын быһаарсыбытым. Сарсыныгар Саха сирин биир биллэр тустуугун, уопсастыбаннай деятелин, тириэнньэри, учууталбын Василий Данилович Федоровы кулууптан тиһэх суолугар атаарбыппыт. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев эмиэ сылдьыбыта.

Бордоҥ нэһилиэгин баһылыга Наталья Егорова кэккэ биричиинэн иккис ыйын Дьокуускай куоракка баар. Баһылык эбээһинэһин толорооччу суох буолан, 2017 сыллааҕы бүддьүөтү олохтоох депутаттар ылбакка олороллор. Ол иһин сарсыныгар Бордоҥ нэһилиэгин депутаттарын мунньаҕын ыыттаран, бүддьүөт ылылынна, итиэннэ баһылык солбуйааччыта куоластааһын түмүгүнэн ананна. Инньэ гынан, бу нэһилиэккэ үлэ-хамнас саҕаланна.

Сэрэдэҕэ СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотун бөлөҕө, быһа холоон 20-чэ киһи, Сунтаарга кэлбитэ. Үс бөлөҕүнэн улуус 26 нэһилиэгин барытын кэрийдибит. Мин бөлөхпөр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын миниистирэ Владимир Тихонов, үп миниистирин солбуйааччы Иван Алексеев уонна да атын эппиэттээх министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, оройуон дьаһалтатын үлэһиттэрэ киирбиттэрэ. Сунтаары ааҕан, биһиги бөлөхпүт барыта 10 нэһилиэккэ сырытта.

Улаханнык сөхпүтүм диэн, төһө даҕаны дьон-сэргэ кыһалҕалаахтык олорордор, ким даҕаны киҥэ-наара холлон, хом санаалаах саҥарбытын истибэтим. Сунтаардар урут-уруккуттан бииргэ үлэлээн ыарахаттары туоратарга кыһаллаллар. Уон нэһилиэккэ буолбут көрсүһүүлэр атах тэпсэн олорон, эн-мин дэсиһэн олус иһирэхтик аастылар.

Дьону иһиттэххэ, сонун, иһитиннэрии тута үчүгэйдик тиийбэт эбит. Ордук Ил Түмэн ыытар үлэтин туһунан бэрт кыраны билэн олороллор. Инньэ гынан, сылдьыбыт бары нэһилиэктэрбэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын туһунан сиһилии кэпсээтим, ханнык сокуоннар ылыллыбыттарын, билигин ханнык хайысхаҕа үлэ барарын сырдаттым. Ил Түмэн V ыҥырыылаах мунньаҕа улахан болҕомтотун Федерация Сэбиэтин уонна Судаарыстыбаннай Думаны кытта бииргэ үлэтигэр уурарын тоһоҕолоон бэлиэтээтим. Судаарыстыбаннай Думаҕа Ил Түмэн 25 сокуону киллэрбититтэн, 6 сокуон Владимир Путин илии баттааһыннаах федеральнай таһымнаах буолбута. Холобур, тохсунньу 18 күнүгэр РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев 24 №-дээх уураахха илии баттаабыта. Бу уураахха хоту оройуоннарга уонна онно тэҥнэниллибит, кылгас болдьоххо таһаҕас тиксэриллэр сирдэригэр РФ субъектарын бюджетыттан бэриллэр кредит суотугар атыылаһыыллар уонна тириэрдиллэр ас-үөл испииһэгэ бигэргэммитэ.

Хоту таһаҕаһы тириэрдии олох кылгас кэмҥэ оҥоһуллар уонна элбэх үбү эрэйэр. Бу судаарыстыба өйөбүлэ суох кыаллыбат. Туһааннаах сокуон барылын көрүллүүтэ улахан уустуктары көрсүбүтэ. РФ Бырабыыталыстыбатын сөбүлэһиитин ылар кыаллыбатаҕа. Александр Жирков салалтатынан Ил Түмэн уһун, кичэллээх үлэни ыыппыта, Госдума депутаттарын өйөбүлүн ылары ситиспитэ. Саха сирин этиитин атын регионнар өйөөбүттэрэ. Инньэ гынан, тустаах сокуон ылыллан, РФ Бырабыыталыстыбата билиҥҥи уурааҕынан испииһэккэ 14 табаары киллэрдэ. Маныаха субъектар, ол иһигэр Саха сирин этиилэрэ аахсылыннылар. Ол курдук испииһэккэ бурдук, мокоруон оҥоһук, үүт кэнсиэрбэтэ, эт, балык кэнсиэрбэтэ, гречка, пшено рис, хаппыыста, хортуоппуй, эриэппэ луук, моркуоп, сахар, чэй, туус уо.д.а. киирбит.

Итиэннэ Уһук Илиҥҥэ 1 га сири түҥэтиигэ Россия үрдүнэн биһиги Ил Түмэммит, ордук чуолаан спикер Александр Жирков уонна сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев саамай көхтөөхтүк кыттыбыттарын, оруннаах этиилэри киллэрбиттэрин туһунан улуус олохтоохторугар тоһоҕолоон бэлиэтээтим. Билиҥҥитэ Судаарыстыбаннай Думаҕа өссө 9 сокуон барыла көрүллэ сылдьар, үгүстэрэ бастакы ааҕыыга ылылыннылар. Онон Россия 85 субъегыттан сокуону кытта ситимнээх үлэҕэ Ил Түмэн инники күөҥҥэ сылдьар, оттон спикер Александр Жирков Сокуону таһаарар Мунньахтар бэрэссэдээтэллэрин рейтиҥин түмүгүнэн 6-с миэстэлээх. Биллэн турар, бу Ил Түмэн таһаарыылаах үлэтин түмүгүн көрдөрөр.

Маны тэҥэ, Сунтаарга бүддьүөт боппуруостарыгар тэҥҥэ үлэлэстибит. Итиэннэ дьон үгүс ыйытыытыгар хоруйдаатыбыт. Нэһилиэнньэ ордук Саха сиригэр, Россияҕа уонна аан дойдуга ыытыллар бэлиитикэни ыйыталаста: доллар кууруһун, ньиэп сыанатын, экономика хаамыытын, ол иһигэр улуус иһинээҕи кыһалҕалаах боппуруостар эмиэ тарылыннылар. Улууска билигин 500 тонна от тиийбэтэ чуолкайданна. Инньэ гынан, оту тиэнэргэ (тырааныспарка ороскуотугар) бырабыыталыстыба эбии харчыны көрүөн сөбүн-суоҕун токкоолостулар. Маны таһынан, хачыгаардар, техническай үлэһиттэр хамнастара кыратын туһунан элбэхтэ этилиннэ. Дьон-сэргэ «Земскай фельдшер» бырагыраама хоту улуустарга эрэ буолбакка, Саха сирин үгүс оройуоннарын хабара буоллар диэн санааларын үллэһиннилэр. Биллэрин курдук, үгүс нэһилиэктэргэ фельдшердэр олох суохтар. Нэһилиэнньэ иһэр уу боппуруоһун күүскэ туруоруста. Ууттан сылтаан элбэх киһи искэн ыарыытынан ыалдьара бэлиэтэннэ.

Итиэннэ дьон интернет бытаанын тоһоҕолоото. Мантан да атын араас хабааннаах ыйытыыларга биһиги бөлөхпүт толору хоруйдаата. Сылдьыбыт бары нэһилиэктэрбитигэр биир санаанан Ил Түмэн, Бырабыыталыстыба үлэтин биһирииллэрин, өйүүллэрин биллэрэн үрдүктүк сыаналаатылар. Дойдум нэһилиэктэригэр кэлэ-бара сылдьан мэлдьи көмөлөһөр, кыһалҕаларын быһаарарга дьулуһар буоламмын, үгүстэр тус бэйэбэр махтаннылар. Ити миэхэ салгыы үлэлиирбэр күүһү биэрэр, сырдык санааны саҕар. Билигин даҕаны элбэх үлэ күүтэр, онон хорутуулаахтык, таһаарыылаахтык дьаһанар кэм кэллэ.

Биири бэлиэтии көрдүм – дьон дьадайыыта элбээн эрэр. Сыспай сиэллээх, хороҕор муостаах ахсаана лаппа аччаан, хаһаайыстыба суох буолан, аһыыр-аһаабат икки ардынан олорор ыал элбиир чинчилээх. Маннык балаһыанньаны суох гынар инниттэн, улуус салалталара үлэлиэх тустаахтар. Ыччат дойдутугар үлэтэ суох сылдьар. Сорохтор Мииринэйгэ, Ньурбаҕа баран бырамыысалыннаска үлэлииллэр.

Саба быраҕан эттэххэ, Сунтаар курдук 26 нэһилиэгэр кутуу суоллаах-иистээх оройуон өрөспүүбүлүкэҕэ суоҕун кэриэтэ. Итиэннэ 3500 ыал уокка холбонон олороро, уута-хаара дьиэҕэ баара – ситиһии. Интернет бытаана сотору кэминэн быһаарыллыаҕа. Ол Мииринэйтэн оптоволокно тардыллан, 2017 сыл бүтүүтэ Сунтаарга кэлиэхтээх. Маны таһынан, тутуу үлэтэ күүскэ барар. Хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ улууспут өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы миэстэҕэ тахсан эрэр. Нэһилиэктэргэ социальнай суолталаах эбийиэктэр: саҥа оскуолалар, уһуйааннар, кулууптар тутуллаллар. Спорду, култуураны улуус урут-уруккуттан өрө тутан кэллэ. Ол курдук, кулун тутар ыйга Николай Николаевич Тарскай бирииһигэр өрөспүүбүлүкэ чемпионата ыытыллыахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, түмүктүүр мунньахха тыл эппит саастаах дьон «аныгы дьалхааннаах үйэҕэ оройуон духуобунай сайдыытыгар, ыччат майгытыгар-сигилитигэр саамай улахан болҕомтону ууруохха» диэбиттэрин сэргии иһиттим.

Түмүккэ, эһиил сайын «Элгээйи» сопхуос 60 сылын, «Тойбохой», «Бордоҥ» сопхуостар 50 сылларын бэлиэтиэхпит. Онон бу бэлиэ күнү-дьылы үрдүк тэрээһиннээхтик ыытарга сорук турда. Сопхуоска үлэлии сылдьыбыт, бэйэтин дьоһун кылаатын киллэрсибит хас биирдии киһи туһунан суруйан, ахтыы кинигэҕэ киллэрэр сыаллаахтык-соруктаахтык үлэлииллэригэр туһаайдым.

Олох салҕанар, онон иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыаҕыҥ», — диэн Ил Түмэн Хонтуруоллуур сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Уаров түмүктээтэ.