Олохтоох эт, үүт аһы астааһын-үөллээһин уонна батарыы сайдыытыгар өрөспүүбүлүкэбитигэр биллэр урбаанньыт Руслан Федотов бэйэтин уочараттаах дьоһун кылаатын киллэрдэ. Аллараа Бэстээххэ «Каракаан» диэн астыыр-үөллүүр сыахтаах маҕаһыыны үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда.
Былыр Алексей Каракаантан ууһаан-тэнийэн хаалбыт ыччаттан биирдэстэринэн Руслан Федотов буолар. Каракаан хаанын Алексеевтар, Матвеевтар, Максимовтар, Гуляевтар, Степановтар уо.д.а. аймахтар салгыыллар. Онон, элбэх омуктаах Аллараа Бэстээххэ саха биир былыргы аҕа ууһун аата ааттанар буолла.
Сыахха эти суулаан-хаалаан, ыыһаан аныгылыы табаар гына оҥорор кыахтаахтар. Сүөһү этиттэн, иһиттэн араас астары бэлэмниир уонна улуус соҕотуопкалыыр, бурдук аһы оҥорор тэрилтэлэрин бородууксуйаларын эмиэ атыыга таһаарар буолуохтара. Бу күн «Каракааҥҥа» киирэр лиэнтэ быһыллан, бастакы атыылаһааччылар маҕаһыыны ыы-быччары мустан, атыы-кутуу ыытылынна. Саҥа маҕаһыын кэлэктиибигэр алгысчыт, олоҥхоһут Петр Тихонов аал уоту оттон эттэ-тыынна.
«Каракаан» маҕаһыын аһыллыытын тэрээһинигэр өрөспүүбүлүкэттэн Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Семен Потапов, Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай харысхалга, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар уонна үлэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Корякин, улуус баһылыга Николай Старостин, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин баһылыга Юрий Колмаков, Майа сэлиэнньэтин баһылыга Дмитрий Тихонов, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Иван Аргунов кытыннылар итиэннэ эҕэрдэлээтилэр.
‒ Олохтоох оҥорон таһаарыы сылын биир түмүгүн быһыытынан бу маҕаһыын-сыах аһыллыбыта олус бэлиэ суолталаах түгэн, ‒ диэтэ Николай Старостин. ‒ Инникитин да бу идиэйэ тэнийэн, тарҕанан, улууспутугар астааһын-үөллээһин уонна батарыы салаалара сайдан иһэллэригэр былааннаах үлэ барыаҕа. Бу маҕаһыынтан бэйэбит улууспут эрэ олохтоохторо буолбакка, ыаллыы улуустар, ааһар айанньыттар атыылаах-тутуулаах барыахтара уонна бородууксуйаларын даҕаны аҕалан туттарыахтара. Руслан Федотов бэйэтин норуотун, дойдутун дьиҥнээх патриота буолар. Тыа хаһаайыстыбатын ис сүрэҕиттэн өйөөн, өссө биир дьоһун күүс-көмө буолар дьаһалын олоххо киллэрдэ.
Баһылык Руслан Еремеевичкэ итии-истиҥ эҕэрдэтин этэн туран, үгэс буолбут саха Харысхал бэлиэтин туттарда.
Юрий Колмаков эҕэрдэ тылыгар бөһүөлэк дьаһалтата соҕотуопкалыыр тэрилтэлэри кытта ыкса үлэлэһэр былааннааҕын иһитиннэрдэ уонна Махтал суруктары үлэһиттэргэ туттартаата. Семен Потапов тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар астааһын-үөллээһин салаата төһүү күүс уонна инники тутуллар салаанан буоларын бэлиэтээтэ уонна Руслан Федотов тэрилтэтин кылаабынай буҕаалтырыгар Анисия Федотоваҕа СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Петр Алексеев Махтал суругун туттарда. Бэйэтэ салайар кэмитиэтин Махтал суруктарын уонна Бочуотунай грамотатын Алексей Корякин кэккэ үлэһиттэргэ анаталаата.
‒ Сахалар бэйэбит төрүт аспытын аныгы кэм ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн астанан-үөллэнэн, аһыахтаахпыт. Итиэннэ тас дьайыылартан, тастан киирэр мөлтөх хаачыстыбалаах бородууксуйа тарҕаныытыттан көмүскэнэр гына дьаһаныахтаахпыт. Бу санаа мин сыах, маҕаһыыны тэрийэрбэр олук буоллулар, ‒ диэн санаатын үллэһиннэ Руслан Федотов. ‒ Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин кытта сүүрбэччэ сыл үлэлэһэн кэллим. Билигин бородууксуйа хаачыстыбатыгар ирдэбил күүһүрдэ. Өрөспүүбүлүкэбит уонна улууспут салалталара тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ыытар бэлиитикэлэрэ сөптөөҕүн үлэ-хамнас түмүктэрэ бигэргэтэллэр. Маннык дьыаланы тэринии биһиги, урбаанньыттар, тыа дьонугар биир көмөбүтүнэн буолар. Инникитин да улууспут салалтатын, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин, хаһаайыстыбалары кытары өссө күүскэ аттаран үлэлээн маннык сыахтары, буойуналары элбэтэн иһиэхтээхпит. Барыгытыгар байылыат олоҕу баҕарабын, ‒ диэн туран, символическай күлүүһү маҕаһыын сэбиэдиссэйигэр Лада Кривошапкинаҕа туттарда.
«Лээги» түмсүү уонна Каракаан аймах ааттарыттан эҕэрдэ тылын «Якутскэнерго» хампаанньа пресс-сулууспатын үлэһитэ Алексей Матвеев эттэ.
«Каракаан» сыах-маҕаһыын үлэһиттэрэ, үгэс курдук, бары даҕаны сыыдам, түргэн туттуулаах-хаптыылаах эдэр дьон. Мантан инньэ «Сиибиктэ» маҕаһыыҥҥа сыста тутуллубут саҥа тэрилтэҕэ үлэ күөстүү оргуйуоҕа. «Каракааны» сэргэ, «Тайга», Руслан Федотов бэйэтэ ааттыырынан «Аар Тайҕа» маҕаһыын аһыллан, булт-алт, балыктааһын алыбар ылларбыт дьону наадалаах малларынан хааччыйа туруоҕа.
Бу күн «Каракаан» маҕаһыын аһыллыытыгар сөп түбэһиннэрэн, бастакы улуустааҕы «Идэһэ» быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллан, тыа хаһайыстыбатын бородууксуйатын бэлэмнээччилэри, оҥорон таһаарааччылары саҥа маҕаһыын иннилэригэр түмтэ.
Бааһынай хаһаайыстыбалар, биирдиилээн ыал, «Хоту», «Лена», «Павловскайдааҕы үүт собуота» кэпэрэтииптэр, «Майатааҕы үүт кэмбинээтэ» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба дьаарбаҥкаҕа кыттаннар, эт, үүт, бурдук ас атыыга таҕыста. «Тумул» кэпэрэтиип бэйэтэ үүннэрбит, мэлийбит бурдугуттан бурдук аһа баар. Сүөһү, убаһа этэ миэстэнэн уонна эрбэммитинэн атыыланна. Сыаналара ырыынак сиэринэн буолла.
Түмүккэ, анал ааттарга тиксибиттэри ааттаталаатылар. Номинациялар хаһаайыттарынан буоллулар: «Халыҥ хаһа» ‒ Хорообуттан Семен Андреев, «Сыа-сымса эт» ‒ Павловскайтан Власий Петров, «Эмис эт» ‒ Төҥүлүттэн Елена Баишева, «Бастыҥ үүт ас» ‒ Павловскай собуота (дириэктэр Елена Оконешникова), «Бастыҥ бурдук ас» ‒ Аллараа Бэстээхтэн Амгаяна Бандерова, «Бастыҥ эт ас» ‒ Аллараа Бэстээхтэн «Мясной дом» тэрилтэ (салайааччы Светлана Павлова).