Аллыҥаҕа «Уостан түспэт ырыалар» байаанынан ырыа күрэһэ буолла

661

Аллыҥатааҕы Х.Н.Николаева аатынан култуура киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлаах  «Уостан түспэт ырыалар»  байаанынан ырыа күрэһэ бэрт сэргэхтик буолан ааста.


Манна хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи кытынна. Бу күрэспитигэр СӨ култууратын туйгуна, байаныыстар регионнааҕы куонкурустарын хас да төгүллээх кыайыылааҕа, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыт, ыҥырыыга, былдьаһыкка сылдьар Александр Прокопьевич Харитонов байааҥҥа доҕуһуоллаан, байаан истиҥ тыаһынан дьон-сэргэ сүрэҕин сүүйэн, нарын иэйиигэ куустарда. Ол курдук, күрэспитигэр олохтоох дьаһалта, Аллыҥатааҕы орто оскуола үлэһиттэрэ, “Үрүйэчээн” дьааһыла саад кэлэктиибэ кытыннылар. Саамай сүрүнэ, хаһан да сыанаҕа тахсыбатах дьон ыллаан дьону сөхтөрдүлэр. Ол курдук, олохтоох дьаһалтаттан эр дьон триота Н.В.Спиридонов, К.К. Данилов, П.Р.Титов, дьааһыла саадтан П.П.Иванов, В.Л.Анёха, Э.Е.Жирков, оскуолаттан Е.Н.Васильев, Н.С.Сергучев, К.В.Лукин ырыа ылбаҕайын бэлэх уунан, ытыс дохсун тыаһынан арыалланнылар.

Биир ураты дьоро киэһэни бэлэх ууммут туох баар кыттааччыларбытыгар, байаныыспытыгар Александр Харитоновка барҕа махталы тиэрдэбит.