Бүлүүгэ төрүт оҕунан ытыыга саҥа балаһыанньа быһыытынан күрэх ыытылынна

240

Саха сиригэр оҕунан ытыы өрөспүүбүлүкэтээҕи федерацията, судьуйалар, энтузиастар икки сылы быһа төрүт оҕунан ытыыга күрэхтэһии балаһыанньатын толкуйдаан, ырытыһан оҥорбуттарын түмүгэр, Бүлүүгэ бастакы улахан күрэхтэһии буолан ааста.


Кулун тутар 18-19 күннэригэр Бүлүү к. саҥа спорткомплексыгар “Бүлүү улууһа (оройуона)” МТ дьаһалтатын баһылыгын бирииһигэр төрүт оҕунан ытыыга бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан күрэхтэһии бэрт сэргэхтик ааста.

Балаһыанньа быһыытынан “Байанай күрэҕэр” дьахталлар 20 миэтирэттэн, эр дьон 25 миэтирэттэн кус, куобах, тииҥ кээмэйдэринэн оҥоһуллубут сыаллары уһуга суох бөлтөҕөр төбөлөөх оноҕоһунан ытыалыыллар.

Күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыытыгар 13 улуустан 17 хамаанда 87 спортсменын Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров, оҕунан ытыы спордун өрөспүүбүлүкэтээҕи федерациятын салайааччы Нина Шарина, улуустааҕы федерация салайааччыта, Бөкчөҥөө нэһилиэгин баһылыга Иван Евсеев, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Борис Олесов эҕэрдэлээтилэр, саҥа көрүҥҥэ күрэхтэһиигэ кыайыыны баҕардылар.

Улуус баһылыга бастакынан төрүт оҕунан сыал ытан, күрэхтэһиини үөрүүлээхтик арыйда.

Дьокуускай, ХИФУ, орто анал үөрэх кыһаларын, киин, Бүлүү, Мирнэй, ыраах Өлөөн улууһуттан тиийэ хамаандалар кэлэн кытыннылар. Бүлүүлэр уонна үөһээ бүлүүлэр иккилии хамаанда туруордулар.

Бастакынан кыргыттар сатабылларын көрдөрдүлэр, онтон уолаттар, эр дьон, дьахталлар икки күнү быһа саҥа киэҥ-куоҥ саалаҕа ким бэргэнин, тулуурдааҕын быһаарыстылар. Күрэхтэһиигэ барыта 23 маастар, ол иһигэр биир аан дойдутааҕы кылаастаах маастар кыттан күүстэрин холостулар.

Кыргыттарга 15 кыттааччыттан бастакы миэстэни Сайаана Корнилова (Бүлүү — 1) , иккис миэстэни Марина Федорова (Дьокуускай), үһүс миэстэни Аида Степанова (Бүлүү — 2) ыллылар.

Уолаттарга 13 спортсментан соҕотох маастар Максим Аммосов (Чурапчы) тэҥнээҕин булбата, иккис миэстэҕэ Дмитрий Черепанов (Мирнэй), үһүскэ Алексей Михайлов (СПО) таҕыстылар.

Дьахталларга бэргэнник ытыалаан Валерия Толстухова (ХИФУ) бастаата, Мирнэйтэн Лилия Подрясова уонна Бүлүүттэн Валя Евдокимова иккис, үһүс миэстэлэри үллэһиннилэр.

Эр дьоҥҥо 9 маастар кытынна. Роман Рязанскай (Мирнэй) бастыаҕын бастаата, иккискэ – Александр Филатов (СПО), үһүскэ – Балдан Балданов (Мирнэй) таҕыстылар.

Бэтэрээн дьахталларга 4 маастар сыал ытта. Манна Өлөөнтөн Марианна Винокурова тэҥнээҕин булбата, иккискэ Үөһээ Бүлүү спортсменката Сардана Харитонова таҕыста, үһүскэ — Галина Павлова (Таатта).

Бэтэрээн эр дьоҥҥо 7 маастар кииристилэр. Егор Соловьев (Бүлүү) турнир рекордун олохтоон, көмүс мэтээл хаһаайына буолла, иккис — Александр Сыромятников (Таатта), үһүс — Дьулустаан Федоров (Дьокуускай) буоллулар.

Хамаанданан күрэхтэһиигэ 28 очколаах Чурапчы хамаандата бастаата, иккискэ – 29 очкуолаах Дьокуускай хамаандата таҕыста, үһүс – 35 очкуолаах Мирнэй хамаандата буолла. Бүлүү хамаандата биир очкуонан хаалан төрдүс миэстэҕэ тигистэ.

Муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыыга дьахталларга Мэҥэттэн Маргарита Захарова бастаан, улуус баһылыга Сергей Винокуровтан 30 тыһ. солк. ылан кыайыы-үөрүү өрөгөйүн биллэ. Эр дьоҥҥо Дьокуускайтан Балдан Балданов бэрт эриһиилээх киирсиигэ бастаабытыгар, улуус баһылыга МР-155 полуавтомат саа сертификатын туттарда.

Оҕунан ытыы спордун өрөспүүбүлүкэтээҕи федерациятын салайааччы Нина Шарина күрэхтэһиини бу курдук быһаарда: «Бүгүҥҥү күрэхтэһиини “Манчаары оонньуутугар” генеральнай репетиция быһыытынан көрүөххэ сөп, онно аан бастаан төрүт оҕунан ытыыга маастар нуорматын толоруохтара. Урут маннык күрэхтэһиилэр дьиҥнээх балаһыанньата суох ыытыллааччылар».

Күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Борис Олесов күрэхтэһии суолтатын аҕынна:
— Саҥа быраабыла бэрэбиэркэни ааста. Күрэхтэһии түмүгүнэн биһиэхэ да, спортсменнарга да уопут баар буолла. Улахан туһалаах күрэхтэһии ааста диэн сыаналыыбын.

ЫСПЫРААПКА: Төрүт ох саа былыр өбүгэлэрбит туттубут ох сааларыттан туох да атына суох курдук, оноҕосторо эрэ уһуга суохтар.