Бүлүү улууһугар “Аҕа үөрэҕэ ” сонун бырайыак үлэлээн эрэр

318

Егор Дашевскай директордаах сааһын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр “Кэнчээри” киин уонна Юрий Тутукаров салайааччылаах “Бүлүү улууһун Аҕаларын сэбиэтэ” бииргэ түмсэн, сүбэлэһэн, “Аҕа үөрэҕэ” сонун бырайыагы толкуйдаан олоххо киллэрдилэр.


Егор Дашевскай кэпсээбитинэн, бырайыак сүрүн ис хоһоонунан аҕалара суох дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр уолаттарга дьиҥнээх эр киһи хайдах буолуохтаах холобурун көрдөрүү, үлэҕэ, булка, балыктааһыҥҥа, спордунан дьарыктаныыга сыһыарыы, төрөөбүт дойдубут айылҕатын харыстааһыҥҥа, саха, атын омуктар культураларын ытыктааһыҥҥа, уопсастыбаҕа сылдьыыга, чөл олоҕу тутуһууга эрдэттэн үөрэтии буолар. Ол инниттэн “Кэнчээри” киин уонна Аҕалар сэбиэттэрэ оҕолорго аналлаах араас тэрээһиннэри от ыйын 10-17 күннэригэр ыыттылар.

10-12 саастаах 10 уолу түмэн, “Кэнчээри” киин базатыгар үөрэтттилэр, кинилэргэ анаан маастар-кылаастары ыыттылар. Оҕолор куорат тэрилтэлэрин үлэлэрин билистилэр, музейга, кинотеатрга, кырдьаҕас куорат ытык-бэлиэ сирдэригэр экскурсияҕа сырыттылар.

Бастакы күн уолаттар “Бүлүү улууһун Аҕаларын сэбиэтин” кыттыылаахтарын кытта көрүстүлэр. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Тутукаров саҥа бырайыак туһунан билиһиннэрдэ, сүрүн сыалларын кэпсээтэ, түмсүү атын кыттыылаахтара эр киһи хайдах буолуохтааҕын, олоххо үөскүүр түгэннэри холобурдаан быһаардылар.

Иккис күннэрин уолаттар “Полиция үлэһитин” идэтин кытта билсиигэ анаатылар. Саастарын ситэ илик оҕолор инспекцияларын старшай инспектора Светлана Петрова полиция отделыгар сырытыннаран үлэни билиһиннэрдэ, уолаттар полиция сулууспаларын үлэлэрэ уратылаахтарын көрдүлэр, начальник эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Гаврил Кырбасов сокуоннары кэпсээтэ, полиция үлэтин билиһиннэрдэ. Бу күн уолаттар тиргэ пневматическай саанан сыал ытыалаатылар, полиция үлэһиттэрэ туттар бэстилиэттэрин, автоматтарын уо.д.а. көрдүлэр. Күн иккис аҥарыгар ГИБДД-га сылдьан хайдах үлэлииллэрин, суол быраабылаларын билистилэр.

Үһүс күннэригэр уолаттары норуот маастара, Бүлүү уустарын түмсүүтүн салайааччы Иннокентий Акимов Хомустаахха “Уус түһүлгэтигэр” сырытыннаран тимири уһаарыыны, араас тэрили, хомуһу, быһаҕы оҥорууну кэпсээтэ. Уолаттар сибэкки иһиттэрин уурар тимир олохтору оҥортоотулар, саха быһаҕын оҥорууга кытыннылар.

Төрдүс күн уолаттар Юрий Тутукаров салалтатынан экология боппуруостарын билистилэр, төрөөбүт айылҕаны харыстыырга үөрэннилэр. Виталий Афанасьев уолаттарга хайдах бултуулларын, балыктыылларын кэпсээтэ, саа араас көрүҥнэрин, манчыык, илим уо.д.а. көрдөрдө.

Бэһис күннэрин уолаттар “Быыһааччы” идэтигэр анаатылар уонна баһаарынай этэрээт үлэлиир сиригэр сылдьан туттар-быыһыыр тэриллэрин билистилэр, хас да маастар-кылаастарга үөрэннилэр.

Алтыс-сэттис күннэригэр уолаттар ыраах айаннаан сири-уоту көрөн туризмҥа үөрүйэхтэннилэр. Икки массыынанан Эйимҥэ тиийэн хоннулар, балаакка туруорарга, ас астыырга, уот отторго үөрэннилэр. Таарыйа Алыһардаах күөлүгэр балыктаатылар, кумах тукулааннары аан бастаан көрдүлэр.

Уолаттар “Аҕа үөрэҕэ” бырайыагы олус сөбүлээтилэр, сэргээн, өссө хаалыахтарын, бырайыак салҕаныаҕын баҕардылар.

Тэрийээччилэр саҥа бырайыак олоххо киирбитин, “Кэнчээри” киин уонна Бүлүү улууһун Аҕаларын сэбиэтэ уол оҕону иитиигэ сөптөх суолу тутуспуттарын бэлиэтииллэр.