Бааһынай хаһаайыстыбалаах Александр Данилов тыа сиригэр түргэнник ситэр салааны тэнитэр

118

Таркаайы нэһилиэгин «Данилов А.И.» бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта Александр Иванович Данилов Дьокуускайтан дойдутугар көһөн кэлэн, тыа хаһаайыстыбатыгар ылсан үлэлиир.


Бастаан саҕалыырыгар сибиинньэ иитиитигэр тирэх бааһынай хаһаайыстыба тэриммитэ. Олохтоох дьаһалтаттан база туттарыгар анаан сир көрдөөбүтүн биэрбэккэлэр, дэриэбинэтиттэн аҕыс биэрэстэлээх сиргэ, Түмүк нэһилиэгиттэн оттоммот сири түһээҥҥэ ылан, бастакы хардыытын оҥорбута. Баантан 900 тыһ. солк. кирэдьиит ылан, онтон СӨ Экэниэмикэ министиэристибэтин Инвест-бырайыагар сибиинньэ хотонун тутууга куонкуруска кыттан кыайан, грант ылан, 5 сыл сибиинньэ иитиитигэр үлэлээтэ.

Соторутааҕыта улуус баҕылыгын 1-кы солбуйааччыта Артур Яковлевы уонна улуустааҕы тыа хаҕаайыстыбатын департаменын салайааччыта Егор Иванову кытта бу хаһаайыстыбаһа баран үлэни билистибит. Артур Янович кэпсэтиигэ сиртэн үүнүүнү ыларга улуустааҕы бырагыраама оҥоһулла сылдьарын, бачча үлэлии-хамсыы сылдьар киһиэхэ күрүө тутарга эбэтэр оборудование ыларыгар көмө оҥоһуллуон сөбүн эттэ.

Сэмэй үлэ киһитин быһыытынан, хаһаайын кэпсээнэ даҕаны кэмчи эрээри, үлэтэ-хамнаһа киэҥ. Сибиинньэ иитиитигэр 5 сыллаах бырайыактаах дьарыгын кэнниттэн, урукку былаанын олоххо киллэрэн үлэтин хоннохтоохтук саҕалаабыт. Киниэхэ туох суоҕуй диэххэ айылаах: далыгар 20-чэ сылгы, хотонугар — 20-чэ ынах сүөһү, элбэх куурусса, бөтүүктэр, 10-ча хоруолук, хас да коза, сабыылаах сарайга — 3 бараан. Кустары кытта иитэ сылдыбытын кэпсиир. Саас кулун тутар ыйтан саҕалаан Мархаҕа инкубаторга 500 куһу таһаарбыт. Арай куһаҕана диэн — Александр билигин да базатыгар уот киирэ илик буолан, дизели холбуурга күһэллэр.

Түргэнник ситэр салааҕа ылсан, киһи тугу баҕарар син иитиэн сөп, — диир кини. — Арай аһылыгын булар эрэйдээх. Бааһыналаахпын, күрүөлэппитим. Бэйэм тиэхиньикэм суох буолан, дьонтон уларсабын, окко да, сир үлэтигэр да. Бааһынаҕа хортуоппуй, турнепс олордобут. Сирбитин хайдах эрэ сөргүтэн, өссө үчүгэйдик туһанар киһи диэн толкуйбутун тобулабыт. Эбиискэ аһылыкка, сүөһүгэ, сылгыга, сибиинньэҕэ да сиэтэргэ анаан бурдук ыһыам. Манна дьоммун кытта кыстаан олорбуппут 5-с сыла. Улахан тэпилииссэ тутуннубут. Салгыы бу курдук барытыттан хабан үлэлиир былааннаахпыт. Дьиэ кэргэн фермерскэй хаһаайыстыбатын граныгар кыттар баҕалаахпын. «Беларусь» тыраахтыр уонна бааһынаҕа үлэлиир, оттуур сэбиргэл ылыныа этибит. Сыл аайы дьону көрдөһөр эрэйдээх.