Өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүнэн тыа сирин гаастааһын үлэтэ күүскэ ыытыллар, тыһыынчанан километр усталаах сүрүн үөс ситимэ тардыллан, үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарга ”күөх төлөн” холбонно. Ити эрээри, чуолаан чааһынай дьиэҕэ гааһы киллэртиигэ кэккэ ыарахаттар суох буолбатахтар. “Сахамедиа” өрөспүүбүлүкэтээҕи иһитиннэрэр-бэчээттиир киин “Улуус олоҕо” бырайыагын чэрчитинэн, салааҕа быһаччы үлэлии-хамсыы сылдьар дьону кытта төгүрүк остуол ыытылынна. Кэпсэтиини “Саха сирэ” хаһыат кэрэспэндьиэнэ Анивера Акимова салайан ыытта.
Николай Петров, тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы:
— Тыа сирин гаастааһын бастакы түһүмэҕэ 2003 сылтан саҕаланан 2013 сылга диэри ыытыллыбыт тыа сирин социальнай-экономическай сайдыытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматын чэрчитинэн оҥоһуллубута. Билигин үлэ “Тыа сирин 2014-2017 сылларга уонна 2020 сылга диэри кэмҥэ бигэтик сайыннарыы” тус сыаллаах федеральнай бырагыраама чэрчитинэн барар. Бу кэм устата биһиги министиэристибэбит 24 нэһилиэккэ, ол иһигэр Үөһээ Бүлүү, Майа сэлиэнньэлэригэр үлэлэһэн кэллэ. Итиннэ манныгы өйдүүр наада: гаастааһын хас да өрүттээх үлэ — сүрүн үөһү тардыыга Бырамыысаланнас министиэристибэтин иһинэн “Стройсельгазификация”, бөһүөлэк иһинээҕи ситими ыалларга тиэрдиигэ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ, оттон гааһы дьиэҕэ киллэриигэ “Сахатранснефтегаз” ААУо үлэлиибит. Бу кэлиҥҥи сылларга тоҕус нэһиликкэ сирэй сакаасчыт быһыытынан үлэлээтибит, итинтэн сэттэ нэһилиэги гаастаатыбыт, билигин икки нэһилиэккэ үлэлии сылдьабыт.
— Тус сыаллаах федеральнай бырагыраамаҕа киирэргэ туох ирдэнэрий?
— Бастатан туран, нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбата сайдар, гаас сүрүн үөһэ кэлэн турар итиэннэ бөһүөлэги гаастаһын бырайыага оҥоһуллубут буолуохтаах. Биһиги ол бырайыагы РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр көмүскээн, үбүлэтэбит. Урукку өттүгэр Россияттан сылга 30-40 мөл. солк. көрүллэр буоллаҕына, быйыл 130 мөлүйүөнү ыллыбыт, дойду үрдүнэн 860 мөл. көрүллэриттэн. Маннык улахан өйөбүл өрөспүүбүлкэ салалтата, Ил Дархан сөптөөх үлэни ыыталларын түмүгэр ситиһилиннэ. Быйыл эппитим курдук, икки нэһилиэги гаастаатыбыт, эһиилгигэ былааннанар нэһилиэктэр бааллар. Ыытыллыбыт үлэни салҕыырга 2020 сыл кэнниттэн саҥа бырагыраама оҥоһуллуоҕа, гааһы Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа тиэрдэр сорук турар.
— Ити эппит сэттэ нэһилиэккит ханныктарый?
— Бастаан 2011 с. Хаҥалас Улахан Ааныгар гааһы киллэрбиппит, салгыы Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Бэдьимэҕэ, Бөкөҕө, Суола Мэлдьэхсигэ, Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕар үлэлээбиппит.
Ленскэйтэн ыйытыы (быһа эфиринэн):
— Ленскэй куорат Гагарин уулуссатын ыалларыгар 2010-2011 сс. былаан быһыытынан, гаас 2014 с. киллэриллиэхтээҕэ билиҥҥэ диэри суох. Куорат дьаһалтата өрөспүүбүлүкэ үбүлүөхтээх диир. Бу боппуруос хаһан быһаарыллыай?
Айталина МАКАРОВА, “Сахатранснефтегаз” ААУо технологическай холбонууга сулууспатын начаанньыгын э.т.:
— Россия 2014 с. тахсыбыт саҥа быраабылатынан, сакаасчыт түһэрбит докумуоннарын чинчийэн-үөрэтэн баран (сүрүн үөс ааһар буоллаҕына), биһиги дуогабар түһэрсэн, гааһы ыал олбуоругар диэри аҕалан биэрэбит, сакаасчыт гааһы дьиэтигэр киллэрдэҕинэ, таҥан, холбоон биэрэбит. Ленскэйдэр гаастааһыҥҥа үлэлэһэллэр, отучча сайаапканы түһэрэн олороллор.
— Гааһы стояктан киллэриини дьиэлээх киһи бэйэтэ уйунар. Ити сыаната төһө буоларый?
— Чэпчэкитэ суох эрээри урукку сыллартан көмө көрүллэр итиэннэ сууммата сыллата индексацияланан үрдэтиллэн иһэр. Холобур, быйыл стояктан дьиэҕэ 10 миэтэрэҕэ диэри уһуннаах ситими тартарыы ороскуотун сабыыга 47 тыһ. 992 солк., 10-200 миэтэрэ усталаах ситимҥэ 59 тыһ. 49 солк. бэриллэр.
Валентина ВАСИЛЬЕВА, үлэ уонна социальнай сайдыы министиристибэтин нэһилиэнньэни өйөөһүҥҥэ департаменын сүрүн исписэлииһэ:
— Чааһынай дьиэни гаастааһыҥҥа биир кэмнээх субсидия соҕотох олорор үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ, инбэлиит оҕолоох ыалларга, инбэлииттэргэ, аҥардас ийэлэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга, өскөтүн дьиэ кэргэн чилиэнин ахсыгар ыйдааҕы дохуот тиксиитэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах түбэлтэтигэр итиэннэ дьиэҕэ уочаракка турбат, дьиэнэн хааччыллыбытах сэрии бэтэрээннэригэр көрүллэр. Биир киһиэхэ кээмэйэ ортотунан 100 тыһ. солк. Ааспыт 2016 с. барыта 35 мөл. солк. суумалаах көмө көрүлүннэ, бу 80 %-ын тыа сирин олохтоохторо ыллылар.
Андрей Новгородов, Нам нэһилиэгин баһылыга:
— Биһиги улууспутугар “күөх төлөн” киллэриллибитэ отут сыл буолла. Өрүс уҥуор сытааччылартан ураты бары нэһилиэктэр гаастаахтар. Олох сайдыытынан нэһилиэнньэ ахсаана элбии, бөһүөлэктэр кэҥии тураллар. Нам сэл. саҥа кыбаарталларга гаас ситимэ уонна гааһы үллэрэр-тарҕатар пуун (ГРП) тутулуннахтарына эрэ гаастанар кэскиллээхтэр. Бу боппуруоска биһиги “Сахатранснефтегаһы” кытары үлэлэһэ сылдьабыт. Ол эрээри, бырайыагы оҥорууга, экспертизаны ыыттарыыга үбүлээһин нэһилиэк кыаҕын таһынан, итиннэ өрөспүүбүлүкэ көмөтө наада, биһиги олохтоох бүддьүөттэн хос үбүлүө этибит. Онтон салгыы кэлэр үлэ тус сыаллаах бырагыраамаларга тирэҕириэн сөп.
Иван МАКСИМОВ, Нам улууһун Хамаҕатта баһылыга:
— Биһиги эмиэ итинник кыһалҕалаахпыт. Хамаҕатта үс сүүсчэкэ ыаллаах түөрт саҥа кыбаарталын ыаллара хочуол кыайбатынан урукку ситимҥэ холбонор кыахтара суох.
Полина НИКОЛАЕВА, “Сахамедиа” ӨИБК “Улуус олоҕо” бырайыагын салайааччы:
— Бөһүөлэк кэҥээн иһэринэн, билигин үлэлии турар хочуол кыамтатын улаатыннарыыга туруорсалларын итиэннэ ити ыытыллар үлэни ким үбүлүүрүн туһунан ыйытыы Бүлүүттэн эмиэ киирэн турар.
Айталина МАКАРОВА:
— Итиэннэ чопчу хардарар кыаҕым суох.
— Дьокуускай куорат таһыгар элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит уһаайбалары гааска холбооһун хаһааҥҥыттан саҕаланыаҕын элбэх киһи ыйытар идэлээх.
— Билигин үлэ сүрүннээн эргэ ситимнэри саҥардыыга ыытыллыахтаах.
Мэҥэ Хаҥаластан ыйыталлар: Гаас сүрүн үөһүттэн төһө да чугас сыттар, Хорообукка “күөх төлөн” хаһан киирэрэ биллибэт. Саҥа талыллыбыт дьаһалтаҕа тугу сүбэлиэ этигитий?
Николай ПЕТРОВ:
— Итиннэ мин этэрим маннык: гаас бастатан туран, үрдүк күүрүүлээх сүрүн үөскэ сытар нэһилиэктэргэ киирэр, онтон атыттарга 2020 сыл кэнниттэн үлэ барыахтаах. Онон, итиннэ суоттанан, кэпсэтиини уонна үлэни-хамнаны эрдэттэн ыыта турарга сүбэлиибин.
— Чааһынай киһи бэйэтин харчытынан тартарбыт үрдүк күүрүүлээх ситимигэр саҥа холбонор ыал харчы төлүүр этэ. Ол билигин көҥүллэммэт буолла, ситими барытын “Сахатранснефтегаз” бас биллэ диэн баар.
Айталина МАКАРОВА:
— “Сахатранснефтегаз” ситимигэр холбонуу босхо, оттон урут тардыллыбыт чааһынай ситимтэн көҥүллэтии ирдэнэр.
«Барыбыт кыһалҕабыт» улуустааҕы хаһыаттар редакцияларын кытта «Сахамедиа» холдинг кыттыгас ыытар төгүрүк остуола өрөспүүбүлүкэ суолталаах тыын боппуруостары ырытыыга ананар. Ыйга иккитэ нууччалыы уонна сахалыы тылынан «Якутия», «Саха сирэ» судаарыстыбаннай хаһыаттар суруналыыстара, пресс-киин тэрийэн ыыталлар. Кэпсэтии түмүгүнэн ырытыылаах ыстатыйалар хаһыаттарга уонна СИА былаһааккатыгар «Барыбыт кыһалҕабыт Общая забота» диэн рубрикаҕа бэчээттэнэллэр.