«Барыбыт кыһалҕабыт»: Дьиэ ылыытыгар ипотеканан туһаныы барыһа уонна ночоото

686

«Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын чэрчитинэн, «Барыбыт кыһалҕабыт» диэн баан үлэһиттэрэ уонна риэлтордар кыттыылаах “төгүрүк остуолга” кыбартыыра атыылаһыытыгар, дьиэни-уоту туттууга баантан кирэдьиит ылан ипотекаҕа киирии туһунан кэпсэтии ыытылынна. Кэпсэтиини “Саха сирэ” хаһыат ырытааччыта Анивера Акимова салайан ыытта. Кэпсэтииттэн сүрүнүн талан бэчээттиибит.


Анивера Акимова:
— Дьон дохуота намыһах буолан, баантан кирэдьиит ылар. Василий Васильевич, эһиги бааҥҥыт өҥөтүнэн тыа сирин олохтоохторо төһө туһаналларый?

Василий Тимофеев, “Россельхозбаан” Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ, Ил Түмэн норуодунай дьокутаата:

— “Россельхозбаан” өҥөтүнэн элбэх киһи туһанар, бартыбыалбыт аҥаара ипотека кирэдьиитэ буолар. Маннык өҥөнү баан барыта кэриэтэ биэрэр, ол эрээри бырыһыаннарын ставката тус-туһунан буолар. Онон дьон баан төһө эрэллээҕин уонна иэһи төһө бырыһыаҥҥа биэрэрин үөрэтэн баран кирэдьиит ылара наада. Биһиги бааммыт 100 % судаарыстыбаннай өйөбүллээх, атын бааннарга тэҥнээтэххэ, кирэдьиити саамай намыһах бырыһыаҥҥа биэрэр. Ол курдук, иккис ырыынакка дьиэ атыылаһарга кирэдьиити эдэр дьиэ кэргэҥҥэ 8,15 %-ҥа, бүддьүөт үлэһиттэригэр 9,10 %-ҥа, хамнастарын “Россельхозбаантан” ылааччыларга уонна уруккуттан үлэлэһэр дьоммутугар 9,75 %-ҥа, атын килийиэннэргэ 9,20 %-ҥа биэрэбит. Кирэдьиити хайдах ньыманан төлүүрүн килийиэҥҥэ бэйэтигэр талларабыт. Аннуитетнайы таллаҕына, кирэдьиитин болдьоҕо бүтүөр диэри тэҥ кээмэйинэн төлүүр, оттон дифференцированнайга ыйдааҕы төлөбүрүн кээмэйэ сыыйа аччаан иһэр, оччотугар бырыһыаҥҥа биэрэр харчыта быдан аҕыйах буолар. Ити иһин дьон үксэ дифференцированнай ньыманы талар.

— Хас улууска филиаллааххытый?

— Дьокуускайга сүрүн офистаахпыт уонна уон түөрт улууска салаалардаахпыт.

— Былырыыҥҥыттан рефинансирование бырагырааматынан үлэлиигит. Ити туһунан кылгастык кэпсии түһүөххэ эрэ.

— Рефинансирование диэн – ипотека кирэдьиитигэр үбү кэмчилииргэ көмөлөһөр бырагыраама. 2013-2015 сс. ипотека кирэдьиитэ 15-17 %-ҥа тиийэ үрдүү сылдьыбытын билэргит буолуо. Ону 9 %-ҥа диэри түһэрдэххэ, ыйга 25 тыһ. төлүү сылдьыбыт киһи 15 тыһ. эрэ төлүүр буолар, бырыһыаҥҥа кутар суумата биллэрдик кыччыыр. Итини биһирээннэр, биһиэхэ олус элбэх сайаапка киирдэ.

— Атын баантан кирэдьиит ылбыт киһи бу бырагырааманан туһанар кыахтаах дуо?

— Туһаныан сөп. Өссө хос рефинансирование диэн баар. Ол аата, үс-түөрт сыллааҕыта ханнык эрэ баантан үрдүк бырыһыаҥҥа харчы иэс ылбыт киһи ол бырыһыанын бастаан 12-гэ, салгыы 9 %-ҥа түһэрэр кыахтаах.

Василий Никифоров, “Саха сирэ” хаһыат ырытааччыта:

— Атын бааҥҥа кирэдьииттээх киһи рефинансированиенан туһанарыгар туох ирдэнэрий, уопсайынан бу бырагыраама механизма хайдаҕый?

— Бастатан туран, тустаах баантан килийиэн кирэдьиитин төлөөн иһэрин туһунан ыспыраапканы ирдиибит. Итиэннэ сүрүн иэһэ төһө хаалбытын көрдөрүөхтээх. Оччоҕуна, холобур төлөбүрэ 1,5 мөлүйүөнэ хаалбыт буоллаҕына, ону биһиги бааммыт “сабар” уонна бу сайабылыанньалаах киһини кытта саҥаттан дуогабар түһэрсэн, намыһах бырыһыанынан төлөтөбүт. Судургутук быһаардахха, рефинансирование механизма итинник.

— Оттон мас дьиэни тутууга төһө элбэх киһи кирэдиит ыларый?

Евдокия Мигалкина,“Россельхозбаан” Саха сиринээҕи салаатын отделын начаанньыга эппиэттиир:

— Тыа сиригэр мас дьиэни тутууга дьон сүрүннээн сэттэ сылга диэри болдьохтоон 1-1,5 мөл. солк. иһинэн потребительскэй кирэдьиитинэн туһанар. Итиччэ харчыны ипотеканан ылар буоллахха, ирдэбилэ элбэх: дьиэ акылаата таас буолуохтаах, тутуу хаамыытынан отчуот түһэн иһиэхтээх, дьиэ страховкаланыахтаах. Оттон биһиэхэ дьиэ акылаатын тааһынан оҥорор кыаллыбат, отчуокка сүүрэри дьон ыарыргыыр, хампаанньалар мас тутууну страховкалыы сатаабаттар. Инньэ гынан, тыаҕа дьиэ туттарга потребительскэй кирэдьиитинэн туһанар быдан табыгастаах.

Анивера Акимова:

— Аны риэлтордартан ыйытыахха. Атыыланар дьиэлэргэ дааннайдар баазаларын оҥорон эрдэххит?

Алена Бережнова, “Крепость” ХЭУо РХ бэрэстэбиитэлэ:

— Биһиги хампаанньабыт дааннайдарын баазатыгар Дьокуускайга уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ атыыланар үс тыһыынчаттан тахса кыбартыыра баар. Бу барыта тутулла турар уонна үлэҕэ киллэриллибит саҥа эбийиэктэргэ эбэтэр иккис ырыынак. Атыылаһааччылар онтон талаллар. Улууска кэмиттэн кэмигэр баран кэлэбит, электроннай почтанан эмиэ үлэлиибит,

— Кыбартыыраны хантан ылар ордугуй: тутулла турар дьиэттэн дуу, иккис ырыынактан дуу?

— Дьиэ хаһан тутуллубутуттан, куорат киин өттүгэр эбэтэр кытыытыгар турарыттан көрөн сыана араас эрээри, сүрүннээн тэҥ соҕус. Үлэҕэ киирэр болдьоҕо ыраах дьиэ сыаната удамыр курдук да, өрөмүөн ороскуотун эптэххэ, уопсай суумата иккис ырыынакка атыыланар дьиэҕэ тэҥнэһэн тахсар.

Анжелика Степанова, “Туймаада-недвижимость” ХЭУо бэрэстэбиитэлэ:

— Өлүүлэһэн тутуллар дьиэҕэ тутааччы сыанатынан 1 кв. м сыаната биир хостоох кыбартыыраҕа 60 тыһ., икки хостооххо 52 тыһ. солк. саҕаланар. Биһиги кыбартыыра атыылаһыахтарын баҕарар дьоҥҥо дааннайдар баазаларын көрдөрөн талларабыт, тутааччылары итиэннэ бааны кытары дуогабардаһар докумуоннарын оҥорон биэрэбит. Тутааччылары кытары аахсар буоламмыт, бу өҥөбүт босхо. Дьону албыҥҥа киллэрбэт туһугар, бэйэлэрин көрдөрбүт, чахчы эрэллээх тутааччылары, оттон бааннартан сүрүннээн бу “Россельхозбааны” кытары үлэлиибит, кинилэргэ аккредитациялаахпыт.

Кэпсэтииттэн ырытыылаах суруйуу “Саха сирэ” хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.