«Барыбыт кыһалҕабыт»: «Кутталлаах селфи» кыһалҕата сытыытык турда

350

«Улуус олоҕо» анал бырайыак чэрчитинэн, ый аайы «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрикаҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыҥаан турар тиэмэҕэ быһа эфиргэ кэпсэтэбит. «Сахамедиа» холдинг медиа-киинигэр «Кутталлаах селфи» онлайн-биэрии сэтинньи 21 күнүгэр буолла. Ыйытыылары «Саха сирэ», «Якутия» хаһыаттар, yasia.ru сайт суруналыыстара биэрдилэр.


Кэпсэтиигэ анал экспертэр ыҥырыллыбыттара. Ол курдук, ИДьМ пресс-сулууспатын референа Альбина Ушницкая, Дьокуускайдааҕы киһи ис туругун көннөрөр киин педагог-психолога Розалия Васильева, өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 -с №-дээх балыыһа — Суһал медицинскэй көмө киинин уокка, итиигэ эмсэҕэлээбиттэри эмтиир салааны салайар Светлана Семенова, СӨ оҕо быраабыгар боломуочуйалаах Анна Соловьева, «Якутскэнерго» хампаанньа пресс-сулууспатын исписэлииһэ Елена Васильева, «Якутскэнерго» хампаанньа үлэһиттэрин көмүскүүр сулууспатын уонна оҥорон таһаарыы хонтуруолун испэсэлиистэрэ Виктория Колосова уонна Евгения Ефременко кыттыыны ыллылар. Маны таһынан, «Якутия» хаһыат суруналыыһа Ирина Попова, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Николай Попов уонна «ЯСИА» сайт суруналыыһа Надежда Акимова ыйытыылары биэрдилэр. Кэпсэтиини Розалия Борисова иилээн-саҕалаан ыытта.

«Интэриниэт ситимэ күнтэн күн сайдан иһэр буолан, дьон бэйэтин көрдөрүөн, хайҕатыан баҕарара элбээтэ. Ол иһин, дьоҥҥо селфи диэн бэйэни хаартыскаҕа түһэрии үөдүйдэ. Дьон-сэргэ хайҕабылын ылаары оҕолор уонна ыччаттар эрэ буолбакка, саастаах дьон эмиэ киһи олоҕор кутталлаах сирдэргэ тахсан, хаартыскаҕа түһэллэр. Бэйэни хаартыскаҕа түһэрэ туран араас саахалга түбэһии, эмсэҕэлээһин, эчэйии кэнники сылларга олус элбээтэ. Сүрүннээн үөһэттэн охтуу, үрдүк күүрүүлээх уот ситимин остуолбаларыгар тахсан уокка оҕустараллара, массыынаҕа киирэн биэрэллэрэ, ууга тимирэллэрэ уонна да атын быһылааҥҥа түбэһэллэрэ бэлиэтэнэр. Бу ордук 2014 сылтан бэлиэтэнэр. Ити сыл хаартыскаҕа түһэ туран, 15 киһи араас эчэйиини ылан, олохтон туораабыт. Маннык хомолтолоох сыыппара 2015 сылга отут тоҕуска тиийбит. Оттон 2016 сылга, букатын да 70 киһи күн сириттэн күрэммит. Кыргыттар бэйэлэрин хаартыскаҕа түһэрэллэрэ уолаттардааҕар элбэх«, — маннык саҕаланна төгүрүк остуол.

«Якутскэнерго» хампаанньа үлэһиттэрэ туох үлэни ыыталларын билиһиннэрдилэр.

Елена Васильева, «Якутскэнерго» хампаанньа пресс-сулууспатын исписэлииһэ:

— Интэриниэт ситимигэр олорор дьон араас кутталлаах сирдэргэ бэйэлэрин хаартыскаҕа түһэрэллэрэ олус элбээтэ. Сүрүннээн, ыччат Табаҕаҕа турар үрдүк күүрүүлээх вышкаҕа тахсан селфилыыр уонна интэриниэт ситимигэр хаартыскатын угар. Маныаха, кинилэр дьон биһирэбилин ылаары хайдах да буолалларын кэрэйбэт буолбуттара хомолтолоох. Иэдээн тахсыбатын диэн, «Якутскэнерго» хампаанньа туох баар эбийиэктэригэр араас мэһэйдэри туруортаабыта, ааннарын хататалаабыта. Ол да тохтоппот. Инньэ гынан, кыһалҕаны быһаарар туһуттан, биһиги дьону өйдөтөр сыаллаах-соруктаах видеолары устан тарҕатабыт, лекциялары оҥоробут, ыыталыыбыт уонна плакаттары ыйыыбыт. Биллэн турар, төрөппүттэр оҕолоругар эрдэттэн өйдөтө-сүбэлии, сэрэтэ сылдьаллара олус наада.

Евгения Ефременко, «Якутскэнерго» хампаанньа үлэһиттэрин көмүскүүр сулууспатын уонна оҥорон таһаарыы хонтуруолун исписэлииһэ:

— Биһиги хампаанньабыт үрдүк күүрүүлээх уот вышкаларыгар, остуолбаларыгар, дьиэлэргэ киһи ыттан тахсара кутталлааҕын сэрэтэр. Ол инниттэн өйдөтөр-сүбэлиир үөрэҕи 2009 сылтан ыла тиһиктээхтик ыытар. Исписэлиистэр оҕолору уонна улахан дьону кытта ыкса үлэлэһэллэр. Сэрэтэр үлэнэн өрөспүүбүлүкэ бүттүүн хабыллар. Оскуолаларга үөрэхтэр ыытыллаллар, сайыҥҥы лааҕырдарга лекция ааҕабыт. Урукку сылларга оҕолор уокка оҕустарыылара сылга 5-6-та тахсар буоллаҕына, билигин 1-2-гэ диэри аччаата. Онон оҕолор син өйдөөн эрэр курдуктар.

Дьон бэйэтин алҕаһыттан эчэйдэҕинэ, быраастар абырыыллар

Светлана Семенова, 2-с №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа — Суһал медицинскэй көмө киинин уокка, итиигэ буспут, эчэйбит дьонун эмтиир салаа салайааччыта:

— Дьон уокка оҕустаран өлөрө, улаханнык эмсэҕэлиирэ уруккуттан баар. 90-с сылларга, туох баар элэктэриичэстибэ ситимнэрэ аһаҕас быраҕыллан турар кэмнэригэр, маннык түбэлтэ олус элбэх этэ. Билигин биһиги отделениебытыгар сыл аайы 40-тан тахса киһи уокка оҕустаран киирэр. Улахан аҥара бэйэлэрин алҕастарыттан итинник алдьархайга түбэһэллэр. Дьон-сэргэ, оҕолор итинник алҕаһы оҥорботуннар диэн, уруккуттан билиһиннэрии үлэтин кыахпыт тиийэринэн ыытабыт. Манна даҕатан эттэххэ, уот киһи сүрэҕэр улаханнык охсор. Кыра да уокка оҕустарыы, киһи сүрэҕин тохтотуон сөп. Уопсайынан, уот кутталлааҕын туһунан төрөппүттэр оҕолоругар кыра эрдэхтэриттэн этэ, сэрэтэ сылдьыахтарын наада. Оччоҕо эрэ оҕо өйдүөҕэ.

Розалия Васильева, Дьокуускайдааҕы киһи ис туругун көннөрөр киин педагог-психолога:

— Оҕолор муоданы батыһаллара кистэлэҥ буолбатах. Селфи сорох дьоҥҥо ыарыы курдук буолан хаалбыт. Итинник хаартыскаҕа түһэллэрин сөбүлүүр дьону уйулҕа үөрэхтээхтэрэ үөрэтэн баран, оҕо улаатар кэмигэр, эрдэҕэс сааһыгар ис турук кэһиллиититтэн итинник буолаллар диэн быһаарбыттар. 14-16 саастарыгар атаҕастаммыт, туоратыллыбыт оҕолор ис туруктара кэһиллэн, психологическай дьаллыктарга бэринимтиэ буолаллара чопчуламмыт. Оннук оҕолор бэйэлэрин хаартыскаларын интэриниэт ситимигэр уган, дьон биһирэбилин ылан, санаалара көтөҕүллэр. Аны туран, итинник быһыыланаллара сайдан иһэр, кэлин ыарыы курдук буолар. Төһө кыалларынан дьон сэргиир хаартыскатын уганнар, бэйэлэрин сыаналарын көтөҕөллөр.

Араас уустук балаһыанньаларга сөптөөх быһаарыыны сокуон үлэһиттэрэ билэллэр

Анна Соловьева, СӨ оҕо быраабыгар боломуочуйалаах:

— Дьон «кутталлаах селфига» түһэрин ханнык да бобуунан тохтотуохпут суоҕа. Арай, ыстараап киллэрдэхпитинэ, баҕар туох эмэ уларыйыа. Төрөппүттэр оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн өйдөтүөхтээхтэр. Оҕо араас быһылааҥҥа түбэһэрэ төрөппүт эппиэтинэһэ. Онон оҕотун сатаан көрбөт төрөппүт эппиэтинэскэ тардыллар. Оннук төрөппүтү хайаан даҕаны учуокка туруоруохха наада. Оҕо улахан дьону холобур оҥостор уонна тугу гынарын барытын үтүктэн иһэр. Ол иһин биһиги, төрөппүттэр, бастатан туран бэйэбин тугу оҥорорбутун толкуйдуохтаахпыт.

Альбина Ушницкая, ИДьМ пресс-сулууспатын референэ:

— ИДьМ үлэһиттэрэ сэрэхтээх буолуу туһунан билиһиннэрии үлэтин ыытар эбээһиннэстэрэ. Оҕо быһылааҥҥа түбэһэн балыыһаҕа киирдэҕинэ, быраастар түргэнник полицияҕа биллэрэллэр. Саахал, быһылаан буолбут сиригэр полиция үлэһитэ тиийэр уонна сиһилии быһаарсар. Төрөппүт оҕотун көрбөтөҕүттэн сылтаан ол-бу араас быһылаан таҕыстаҕына, төрөппүт эппиэккэ тардыллар. Оттон «кутталлаах селфи» туһунан кэпсиир буоллахха, 2015 сыллаахха Арассыыйа ИДьМ «Куттала суох селфи» диэн акция тэрийбитэ. Онтон ыла хас биирдии оскуолаҕа, орто уонна үрдүк үөрэхтэргэ полициялар араас тэрээһиннэри ыыталлар. Түгэнинэн туһанан «Якутскэнерго» хампаанньаны бииргэ үлэлэһэргэ ыҥырабын.


Хас биирдии киһи бэйэтин олоҕор бэйэтэ эппиэттиир диэни элбэхтэ истэбит. Онуоха оҕолорбут быһыыларыгар-майгыларыгар үйэ саас тухары биһиги такайыыбыт, үөрэтиибит дьайа сылдьыаҕа. Онон үүнэр көлүөнэҕэ куһаҕан холобур буолбат туһуттан, майгыны-сигилини көрүнэ, көннөрүнэ сылдьарбыт табыллар. Олох биирдэ эрэ бэриллэр буолан, ордук күндү. Ону сыаналыах тустаахпыт.