«Барыбыт кыһалҕабыт»: Кыбартыыра, дьиэ атыылаһыыга көрүллэр ипотека кирэдьиитин эридьиэстэрэ

609

«Улуус олоҕо» анал бырайыак чэрчитинэн ый аайы «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрикаҕа бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыҥаан турар тиэмэҕэ быһа эфиргэ кэпсэтэбит. «Сахамедиа» холдинг медиа-киинигэр «Ипотека: кыһалҕалар уонна инники кэскиллэр» онлайн-биэрии сэтинньи 15 күнүгэр буолла. Ыйытыылары «Саха сирэ», «Якутия»  хаһыаттар, улуустар редакцияларын бэрэстэбиитэллэрэ биэрдилэр.


Өрөспүүбүлүкэ улуустарын эрэдээксийэлэрин уонна «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстарын ыйытыыларыгар ыҥырыллыбыт исписэлиистэр: СӨ Архитектураҕа уонна тутууга министиэристибэтэ, бааннар, тутуу хампаанньаларын бэрэстэбиитэллэрэ, дьиэ атыытын сүрүннүүр ааҕыныстыба кыттыыны ыллылар.

«Улуус олоҕо» бырайыак салайааччыта Полина Николаева, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Василий Никифоров, Надежда Егорова, «Якутия» суруналыыһа Мария Павлова уопсастыба туруорсар сытыы ыйытыыларын токкоолостулар.

Кэпсэтиини «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Анивера Акимова иилээн-саҕалаан ыытта.

Анивера Акимова: Павел Анатольевич, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ ипотеканан дьиэни атыылаһыы туруга хайдаҕый? Эһиги министиэристибэҕит чопчу дааннайдары оҥортуур дуо?

СӨ Архитектуратын уонна тутуу комплексын миниистирин бастакы солбуйааччы Павел Аргунов:

– Уопсай информацияны Киин баан хомуйар. Алтынньы 1 күнүнээҕи чахчыларынан көрдөххө, былырыыҥҥытааҕар 15 бырыһыанынан элбэх ипотека кирэдьиитэ бэриллибит. Ол курдук, биһиги өрөспүүбүлүкэтигэр 16 млрд. 200 мөл. курдук суумаҕа ипотека кирэдьиитэ бэрилиннэ. Бырыһыан кыччаан иһэр, ортотунан ыллахха, билигин 10 бырыһыан курдук буолла. Өссө араас бырагырааманан намыһах бырыһыаннаах ипотекалар бааллар. Холобур, 7 бырыһыаннаах ипотека кирэдьииттэрэ үлэлииллэр. Ипотека кирэдьиитин бырыһыана төһөнөн намтыыр да, оччонон элбэх киһи туһанар.

А.Акимова: Инники сылларга дьиэни ипотеканан ылыы бырыһыана өссө чэпчиэ дуо? «Сбербаан» бырыһыанын түһэрбитин туһунан социальнай ситимнэргэ тарҕанар сурах төһө оруннааҕый?

«Сбербаан» Саха сиринээҕи салаатын ипотеканан кирэдьииттээһин киинин салайааччытын солбуйааччы Лучезар Винокуров:

– Биһиэхэ саҥа дьиэни (бастакы ырыынакка) атыылаһарга эрэ намыһах бырыһыан 7,4 тэҥнэһэр. Нэһилиэнньэ ити информацияны сыыһа өйдөөтө, бутуйда. Онтон иккис ырыынакка дьиэни атыылаһарга аахсыйалар бааллар. «Эдэр ыал» бырагырааманан «Сбербаан» өҥөтүнэн туһанар буоллахтарына, 9 бырыһыаҥҥа ылыахтарын сөп. 7,4 бырыһыан аахсыйа субсидированиеҕа эрэ буолуон сөп. Ол эбэтэр бастакы төлөбүрү оҥордохторуна, 7-10 сылга диэри ыллахтарына, бырыһыаннара кыра буолар.

А.Акимова: Тутааччылар бырыһыан кыччыырыгар хайдах үлэлэһэҕитий? Эһиэхэ чэпчэки бырыһыаннаах ипотека баар дуо?

«Утум» хампаанньалар бөлөхтөрүн генеральнай дириэктэрэ Георгий Карамзин:

– Биһиги ити этиллибит бырыһыаннары туттабыт. Дьон туһанар буолла.

«Стройкон» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Иван Полушкин:

– Бааннар бырыһыаннарын кыччаппыттара тутааччыларга уонна сүрүннээн атыылаһар дьоҥҥо улахан оруолу оонньуур. Өссө да түһүө диэн буолар. Ол гынан баран, дойду президенэ Владимир Путин үс сылынан өлүүлэһэн (долевой) тутуу суох буолуохтаах диэн сорудах биэрдэ. Ол аата, бааннар үбүлүүллэрин курдук схема буолуохтаах. Ол схема билигин үөрэтиллэ сылдьар, үс сылынан син биир киирэрэ буолуо. Ити уларыйыы киирдэҕинэ, экспертэр да этэллэринэн, дьиэ сыаната 15-40 бырыһыаҥҥа диэри үрдүөн сөп. Ону бириэмэ быһаарыаҕа. Билиҥҥитэ механизма ситэриллэ илик. Биһиги ону күүтэбит.

А.Акимова: Павел Анатолььевич, В.Путин сорудаҕар тугу этэрдээххитий?

Павел Аргунов:

— 2018 с. от ыйын 1 күнүттэн 214-с федеральнай сокуоҥҥа олус элбэх уларыйыы киириэ. Саҥа усулуобуйаҕа сөп түбэһэр тутааччылар аҕыйыахтара. Онон, өлүүлэһэн тутарга ыарахаттар үөскүөхтэрин, дьиэ сыаната үрдүөн сөп. Тоҕо итинник сокуоннар ылыллалларый уонна сорудах бэриллэрий? Тоҕо диэтэххэ, албыннаппыт дьон уонна суобаһа суох тутааччылар элбэхтэр. Билигин итинник 16 дьиэ уонна 299 албыннаппыт киһи биһиги региоммутугар учуокка турар.

А.Акимова: Ипотеканан ылыллыбыт кирэдьиити бааннарга хос аахтарыы, түһэртэрии оҥорторуохха сөп дуо диэн улуустан ыйыталлар.

«Россельхозбаан» Саха сиринээҕи салаатын отделын начаалынньыга Евдокия Мигалкина:

-​ Биһиэхэ билигин сэтинньиттэн ыла ипотека кирэдьииттэригэр рефинансирование оҥоруу саҕаланна. Онуоха нэһилиэнньэ былырыын-иллэрээ сыл ылбыт кирэдьииттэрин бырыһыанын хос ааҕабыт. Холобур, 11,5 бырыһыаҥҥа ылбытын билигин 9,3 бырыһыаҥҥа диэри кыччатан биэрэбит. Оччоҕо, рефинансированиенан ыйдааҕы төлөбүрдэрэ кыччыыр. Ону таһынан килийиэннэрбитигэр аннуитетнай эбэтэр дифференцированнай көрүҥүн талалларыгар кыах биэрэбит. Дифференцированнай төлөбүр быдан чэпчэки буолар. Биһиги бааммытыттан эрэ буолбакка, ханнык баҕарар баантан ылбыт кирэдьииттэрин уонна урут рефинансирование оҥорторбуттарга эмиэ оҥоробут.

Лучезар Винокуров:

-​ «Сбербааҥҥа» эмиэ бырагыраама баар. Билигин баар кирэдьииттэригэр сайабылыанньаны ылан, биир ый иһигэр үөрэтэбит. Кирэдьиит бырыһыанын саамай улааппыта 10,9 тэҥниибит. Атын баантан биһиэхэ көһөр буоллахтарына, бырыһыаннара биһиэхэ 9,5 буолар.

Хатас с. дьаһалтатын ыччат бэлиитикэтигэр сүрүннүүр исписэлииһэ Алексей Осипов:

– Биһиэхэ элбэх оҕолоох ыалларга учаастак биэрэллэр. Кинилэр бастакы боппуруостарынан учаастактарыгар дьиэ тутааһын буолар. Холобур, ыал аҕата эрэ үлэлиир, 30 эрэ тыһыынча хамнастаах, ийэлэрэ оҕолорун көрөн олорор. Онтон кирэдьиит ылаары гыннаҕына, бастатан туран, кини хамнаһын, төлүүр кыахтааҕын көрөллөр. Чааһынай дьиэни тутууга ипотека биэрэҕит дуо? Кыра хамнастаах киһиэхэ туох эмэ чэпчэтиилэр бааллар дуо?

Лучезар Винокуров:

– Биһиэхэ олорор дьиэни тутуу бырагыраамата баар. Баан килийиэн төлүүр кыаҕын көрөн, кирэдьиит харчытын биэрэр. Кылаабынайа, бэдэрээччиттэрин кытары дуогабар түһэрсэллэр. Онтон биһиги тиийбэт сууматын биэрэбит.

А.Акимова: Максим Михайлович, эһиги чааһынай дьиэлэри тутуунан дьарыктанаҕыт.

«Байаҕантай-Строй» тэрилтэ менеджерэ Максим Федоров:

-​ Кэнники сылларга дьон чааһынай дьиэлэри элбэхтик тутар. Биһиги чааһынай дьиэни тутууга ипотеканан да, Ийэ хапытаалынан да үлэлиибит.

А.Акимова: Уопсайынан, элбэх оҕолоох ыаллар ипотека ылалларыгар туох чэпчэтиилэр баалларый?

Павел Аргунов:

– 35 саастарын ааһа илик дьон «Эдэр ыал» бырагыраамаҕа кыттыан сөп. Бу бырагыраама өрөспүүбүлүкэ уонна муниципалитет бүддьүөтүттэн үбүлэнэр. 40 бырыһыаҥҥа диэри субсидия баар буолуон сөп.

Надежда Егорова: Рефинансированиены потребительскай кирэдьииккэ оҥорторуохха сөп дуо?

Евдокия Мигалкина:

– Ипотекаҕа уонна потребительскайга тэҥинэн оҥоробут.

Георгий Карамзин:

– Саҥа дьиэҕэ гараас тутуутугар ипотека көрүллүбэт. Биһиги тутабыт, дьон кыайан атыыласпат. Ол иһин, атын харчылаах дьоҥҥо атыылыырга күһэллэбит. Гарааһы тутуу ипотекаҕа көрүллүбэтэ ыарахаттары үөскэтэр. Дьиҥэр, бааннар биһиэхэ утары бараллара буоллар.

Лучезар Винокуров:

– Хомойуох иһин, биһиэхэ ити табыллыбат. Тоҕо диэтэххэ, кирэдьиит сайаапкатыгар биир эрэ объегы ылабыт.

Евдокия Мигалкина:

-​ Биһиги атын варианнары эмиэ киллэрэбит. Холобур, кирэдьиит ылар киһи бэйэтин эргэ дьиэтин солуок уурар уонна биир улахан кирэдьиити ылар. Ол аата эргэ дьиэтин солуок ылан, уу харчы биэрэбит. Ол харчытынан кини эһиэхэ гарааһын уонна кыбартыыратын иһин төлүүр.

Полина Николаева: Дьиэ кэргэнэ, оҕото-уруута суох эдэр исписэлиискэ туох бырагыраама баарый?

Лучезар Винокуров:

– Оннук бырагыраама суох. Уопсай төрүккэ олоҕуран ылаллар.

А.Акимова: Ипотеканан туһанарга дьон сүрүннээн туох кыһалҕаны көрсөрүй?

«Хамсаабат баай өрөспүүбүлүкэтээҕи агентствота» тэрилтэ салайааччыта Сардаана Иванова:

– Үлэлээх, кирэдьиит ыларга историята үчүгэй киһи, сааһыттан тутулуга суох, кыайан дьиэлэнэр-уоттанар буолла. Ону таһынан сир учаастагын ылар кыахтанна. Сыана саамай муҥутаан үрдээһинэ 2014-2015 сс. бэлиэтэммитэ. Биир кв. миэтэрэ 100-тэн тахса тыһыынча буолбута. Ити «искусственнайдык» үрдээбит сыана. Билигин дьиэ сыаната, 2014 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 22 бырыһыан түстэ.

Саха сирин ырыынагын көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ наһаа кыра дохуоттаах. Билигин биир хостоох кыбартыыраларга сыана хамсыыр, онтон 3-4 хостоохторго ыарыыр. Ол иһин, наадыйааччы аҕыйыыр.

Дьон аҥаардас дьиэни эрэ атыыласпат, инфраструктураны атыылаһар. Суол туругун, оскуола, балыыһа баарын учуоттууллар. Уопсайынан, балаһыанньа наһаа үчүгэйэ суох.

Манна даҕатан эттэххэ, бааннар ипотека кирэдьиитин бырыһыанын кыччатаҕыт да, атын өттүнэн тэбэн таһаараҕыт (ол иһигэр, страховканан). Итини көрөргүт буоллар.

А.Акимова: Иван Иванович, сыананы бэйэҕит олохтуугут дуо?

Иван Полушкин:

– Тутар тэрилтэ сыананы бэйэтэ олохтуур. Ол эрэн, халлаантан ылбаппыт, ырыынагы үөрэтэн, сөптөөх сыананы олохтуубут.

Георгий Карамзин:

– Биһиги сыананы үөһээ-аллараа кыайан түһэрбэппит. Дьон бааннартан биир эрэ хостооххо ылар кыахтаах.

Василий Никифоров: Тыа сиригэр саҥа дьиэлэри тупсаҕай оҥорууга кирэдьиит ыларга чэпчэтии баара. Ол тоҕо үлэлээбэт буолла? Тутааччыларга ирдэбили хайдах эрэ сымнатар бэлиитикэни ыытаҕыт дуо? Гарааһы атыылаһарга судаарыстыбаттан өйөбүл баар буолуон сөбө.

Павел Аргунов: Саҥа дьиэни толору хааччыллыылаах оҥорорго анаан бырыһыана суох кирэдьиити биэрэргэ былырыын сорудах Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба министиэристибэтигэр бэриллибитэ. 150 мөлүйүөн көрүллүөхтээх этэ да, үп-харчы тиийбэккэ ыйанан хаалла. Ол гынан баран, үп-харчы туруга тубустаҕына, ити бырагыраама, бастатан туран, улахан нэһилиэнньэлээх пууннарга, үлэлиэн наада.

Өлүүлэһэн тутуу ирдэбилин күүһүрдэр бэлиитикэҕэ СӨ бырабыыталыстыбата уонна Тутуу министиэристибэтэ күүскэ үлэлииллэр. Атын субъектарга албыннаппыт дьону өйүүр үлэ олох да барбат.

Онтон гараас боппуруоһа судаарыстыба боломуочуйатыгар киирбэт.


Түмүк санаа: Ити курдук, «төгүрүк остуол» кыттыылаахтара нэһилиэнньэҕэ туһалаах элбэх сытыы боппуруоһу таарыйдылар. *Ипотеканан кирэдьиит ыларга бааннар бырыһыаннарын кыччаппыттарын, кирэдьиит ылар дьон ахсаана элбээбитин да иһин, кыбартыыра сыаната халбаҥныы турара, сыана өссө үрдүүр чинчилээҕэ элбэх киһини толкуйдатар. **Рефинансирование бырагыраамата үлэлээн, килийиэннэр урукку кирэдьииттэрин бырыһыанын 9,5 бырыһыаҥҥа диэри түһэрэн, 500-600 тыһыынча харчыны кэмчилиир буолуохтара. ***Владимир Путин өлүүлэһэн тутууну тохтотор дьаһалыттан тутааччылар сыана өссө үрдүө диэн дьиксинэллэр. Ол нэһилиэнньэҕэ охсуулаах буолара саарбаҕа суох.