«Барыбыт кыһалҕабыт»: Олохтоох дьону бырамыысыланнаска сыһыарыы боппуруоһа хайдах быһаарылларый?

294

“Сахамедиа” холдинг “Улуус олоҕо” бырайыагын чэрчитинэн олохтоох нэһилиэнньэни бырамыысыланнаска үлэлэтии туһунан кэпсэтии «Барыбыт кыһалҕабыт» төгүрүк остуол тула ыытылынна. “Саха сирэ” хаһыат ырытааччыта Анивера Акимова иилээн-саҕалаан ыытта. 


Биһиги эрэгийиэммит бырамыысыланнай буолан, сирбитигэр-уоппутугар “Сахатранснефтегаз”, “Сургутнефтегаз” курдук бөдөҥ Арассыыйыскай хампаанньалар үлэлииллэр. Маннык тэрилтэлэргэ олохтоохтору үлэлэтии боппуруоһа ордук сытыытык турар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэт бу хайысхаҕа былааннаах үлэни ыытар. Кэпсэтиигэ бэрэссэдээтэл Степан Москвитин кыттыыны ылла.

— Степан Иванович, билигин бырамыысыланнай хампаанньаларга олохтоохтор төһө үлэлииллэрий?

— 2018 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар көмө сылынан биллэрдэ. Дьон-сэргэ ону сэҥээрэ иһиттэ. Ол эбэтэр, социологическай ыйытык түмүгэ көрдөрөрүнэн, нэһилиэнньэбит 43 %-на дьарыктаах буолуу боппуруоһун сэҥээрэр, сэргиир. Чахчы даҕаны, үгүс киһиэхэ кини доруобуйатын туруга уонна, мин санаабар, дьарыктаах, үлэлээх-хамнастаах буолуута, ордук тыын боппуруоһунан буолар. Хайа баҕарар киһи үлэлээх-хамнастаах буоллаҕына, өй-санаа да өттүнэн сайдар, доруобуйата да тупсар. Онон бу – дириҥ суолталаах боппуруос. Бу сылга хайдах былааннаан үлэлиэхпитин билигин бырабыыталыстыбаҕа таһааран эрэбит, харчы боппуруоһун быһаарса сылдьабыт. Үс хайысхаҕа улахан болҕомтобутун ууруохпут: бастатан туран, тыа сиригэр олорор дьоҥҥо туһаайабыт. Тоҕо диэтэххэ, ырыынак сокуоннарынан, киин сиргэ элбэх үлэ миэстэтин таһаарбатыҥ өйдөнөр. Иккиһинэн, ыччакка туһаайыллар. Ол эбэтэр, үөрэҕин саҥа бүтэрэн кэлбит эдэр киһини үгүс тэрилтэлэр, уопута суох диэн ааттаан, үлэҕэ ылбаттар. Ити улахан проблема. Итиэннэ үсүһүнэн, доруобуйаларын туругунан хааччахтаах дьоҥҥо, судаарыстыба өттүттэн өйөбүл баар буолуохтаах. Онон, бу үс хайысханан туспа бырагыраама оҥоһуллан үлэлии сылдьабыт. Маныаха биһиги эрэ буолбатах – Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, “Арктика” судаарыстыбаннай кэмитиэт уонна да атын министиэристибэлэр кытта ылсан үлэлэһиэхтэрэ. Былааҥҥа барыта баар. Биһиги кэмитиэппит иһинэн быйылгыттан “Олохтоох дьону – бырамыысыланнаска!” диэн бырайыагы саҕалаан, үлэлэтэбит. Манна “Якутуголь”, “Эльгауголь” курдук таас чоҕу хостуур, “Алданзолото”, “Золото Селигдара” курдук бөдөҥ хампаанньалар кыттыбыттара. Былаан быһыытынан, уопсайа 5 хампаанньа 800-чэкэ олохтоох нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйыахтаах. Ылан көрдөххө, бу сылга уопсайа 2000-тан тахса киһи үлэҕэ ылыллыбыта, олортон билигин 1700 кэриҥэ киһи үлэлии сылдьар. Үгүстэрэ, биллэн турар, Нерюнгри уонна Алдан олохтоохторо, ол гынан баран, биһиги тыа сирин дьонун ылалларыгар туһаайан үлэлээбит буоламмыт, 146 киһи тыа сириттэн кэлэн, үлэлии сылдьар. Бу аата элбэх дуу, аҕыйах дуу диир буоллахха – бэйэтэ туспа кэпсэтии буолуон сөп. Биһиги улуустары барыларын хаптыбыт. Холобур, “Золото Селигдара” тэрилтэҕэ улуустартан 2-лии, 3-түү киһи үлэлиир. Атын да хампаанньаларга оннук. Биһиги кыһалҕабыт – бырамыысыланнаска үлэлииргэ соччо бэлэмэ суохпут буолар. Бульдозерист, водитель курдук анал идэлээх дьон наада. Иккиһинэн, уопут суох. Онон анал стажировкалар баар буолуохтаахтар. Ол иһин үүнэр 2018 сылга бу боппуруоска күүскэ үлэлэһиэхпит. Ил Дарханынан бигэргэтиллибит өрө тутуллар бырайыактартан биирдэстэрэ — бу “Олохтоох дьону — бырамыысыланнаска” бырайыак буолар. Кэлэр сылтан бу салаатынан өрөспүүбүлүкэ иһигэр уопсайа 21 хампаанньаны хабан үлэлэтии буолар. Үс сылынан 10 000 киһини хабар сорук турар. Ол иһигэр – 5000 ыччаты, 1000 — тыа сиригэр олорор дьону үөрэтэн, стажировкалаан үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Ааспыт ый 15 күнүгэр Егор Борисов улахан мунньах ыыппыта, онно 15 улахан хампаанньа дириэктэрэ итиэннэ каадыр боппуруоһугар солбуйааччылар кэлэн, кыттыыны ылбыттара. Кинилэр олохтоох каадырдары үлэҕэ ылар сорук туруоруннулар. Сүбэлэһии түһэрсэн, аныгылыы эттэххэ, “дорожнай карта” оҥорсон, үлэбитин саҕалаатыбыт.

Анивера Акимова:
— Андрей Анатольевич,каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ эһиги хайдах былааннаахтык үлэлиигитий?

Андрей Попов, СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы:
— Өрөспүүбүлүкэҕэ каадыры бэлэмнээһининэн, сүрүннээн, Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ дьарыктанар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 48 орто анал үөрэх тэрилтэтэ баарыттан 43-һэ биһиэхэ бас бэринэр. Урукку өттүгэр бырамыысыланнас уонна техническэй өттүгэр оскуоланы бүтэрээччи 30 бырыһыана эрэ талаһар эбит буоллаҕына, билигин 46 бырыһыаҥҥа тиэрдиэхтээхпит. Ол аата, сыллата 6,5 тыһыынча выпускниктан 46 бырыһыана бырамыысыланнас уонна политехническэй идэлээх буолуохтаах.
Сыллата “прогноз-потребность” диэн оҥоһуллар. Саха сирэ сайдар, бырамыысыланнас сайдар – каадырга наадыйыы улаатар. Биһиги 2017-2018 үөрэх дьылыгар бырамыысыланнас өттүгэр 15 саҥа идэни астыбыт. Ол эрээри, кэккэ мэһэйдэр эмиэ бааллар. Бастатан туран, ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарарга үчүгэй каадырдар наадалар, кинилэр үчүгэй хамнастаах буолуохтаахтар. Итини таһынан, материальнай-техническэй база аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттэһэр буолуохтаах. Бырамыысыланнас идэлэрэ сыаналаахтар – сырье да, оборудование да өттүнэн. Онон, балачча үп көрүллэн, үлэ баран иһэр, хамсааһын баар диибит.
Этиллибитин курдук, ааспыт ыйга Ил Дархан улахан мунньаҕы ыытта, соруктары туруорда. Кистэл буолбатах, сүрүннээн, Саха сирин соҕуруу өттүгэр баар тэрилтэлэр үлэһити өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн киллэрэллэр. Бу тэрилтэлэр олохтоох каадырдары үлэнэн хааччыйалларыгар сорук турда.

— Оскуоланы бүтэрээччилэр бырамыысыланнай, политехническэй идэлэргэ үөрэххэ киирэргэ төһө интэриэстээхтэрий?

— Быйылгы үөрэххэ ылыыны көрөр буоллахха, бырамыысыланнай идэлэри талыы былырыыҥҥытааҕар арыый үрдээбит. Ол гынан баран, бу атын да идэлэргэ үөрэххэ киирэргэ эмиэ баар – ирдэбил олус улаатта. Холобур, быйыл 6,5 тыһыынча бүддьүөт миэстэтигэр 23 тыһыынча сайаапка киирбитэ. Ол аата, сорох идэлэргэ 15-16-лыы киһи буолла. Бу, сүрүннээн, куорат сирдэргэ.

Анивера Акимова :
— Степан Иванович, кулун тутарга, омук гражданнара олохтоох тэрилтэлэргэ үлэлииллэрин ууратар туһунан Ил Дархан ыйааҕа тахсыбыта. Бу сүнньүнэн туох хамсааһын таҕыста?

Степан Москвитин:
— Федеральнай сокуон субъектарга биэрэр быраабынан биһиги толору туһанабыт диэххэ наада. Бу ыйаах омук сирдэриттэн патенынан киирэр гражданнарга тарҕатыллар. Ол курдук, Таджикистан, Узбекистан, Молдавия, Украина курдук судаарыстыбалартан кэлэн үлэҕэ киириини бопсуу көрүллэр. Үөрэҕирии, доруобуйа харыстабыла, тырааныспар, атыы-эргиэн, тыа хаһаайыстыбатын өттүн былырыын боппут буоллахпытына, ол сүнньүнэн, уопсайа 500-чэкэ киһи үлэ миэстэтин босхолуохтаах. Бу үлэ ИДьМ иһинэн барар, кинилэр миэстэ босхолонорун-босхоломмотун хонтуруоллууллар. Манна эбии тутуу уонна сир баайын хостуур бырамыысыланнас өттүгэр эмиэ бобуу киирэрэ былааннанар. Билигин сөпсөһүннэрии үлэтэ ыытылла сылдьар. Ил Дархан мунньаҕар эмиэ киэҥ кэпсэтии, сүбэлэһии буолбута. Бу ыйаах олоххо киирдэҕинэ, 2000-тан тахса үлэ миэстэтэ босхолонуоҕа.

Анивера Акимова :
— Биһиги быһа эфиргэ үлэлиибит. Улуустар хаһыаттарын эрэдээксийэлэрэ кытталлар. Дьааҥыттан Майя Акимоваттан маннык ыйытыы киирдэ: “Кэнники сылларга “Янгеология” тэрилтэ материальнай туруга мөлтүү турар… 2018 сылга үлэһит ахсаана сарбыйыллара буолуо дииллэр. Ол гынан баран, “Полиметалл”, “Прогноз” уо.д.а. тэрилтэлэр үлэлээн эрэллэр. Дьарыктаах буолуу кэмитиэтэ олохтоохтор бу тэрилтэҕэ үлэҕэ киирэллэригэр туох үлэни ыытарый?”.

Георгий Герасимов, СӨ бырамыысыланнас уонна геология миниистирин солбуйааччы:

-“Янгеология”-ҕа үлэһит ахсаанын сарбыйыы диэн… Боппуруос наһаа итинник турбата буолуо дии саныыбын. Үлэ бара турар. Каадыры бэлэмнээһин туһунан этэр буоллахха, уопсайынан, биһиги министиэристибэбит салаатынан, холобур, 2016 сылга 106 ыччат үөрэҕин бүтэрбитэ, онтон 18-һа эрэ идэлэринэн үлэлии сылдьаллар. 6 киһи аспирантураҕа, 34 магистратураҕа киирбиттэр, 5 декретнэй уоппускаҕа, 14 аармыйаҕа барбыттар. Оттон 25 киһи – министиэристибэҕэ да, дуогабардаах да сиригэр үлэлии кэлбэтэх. 2017 сылы ылан көрдөххө, 102 киһи үөрэҕин бүтэрэн кэлбит. 26 эдэр исписэлиис үлэлии сылдьар , 44 ыччат магистратураҕа, 2 аспирантураҕа, 12 киһи аармыйаҕа барбыт, 1 академическай уоппуска ылбыт, 1 киһи ыалдьыбыт, 7 киһи кэлбэтэх. Бу, киһини толкуйдатар сыыппаралар буолаллар дии саныыбын.

— Павел Валерьевич, эһиги “Саха ыччатын – бырамыысыланнаска!” диэн бырайыактаах этигит дии?

Павел Ксенофонтов, “Сахатранснефтегаз” ААУо ЛПУМГ кылаабынай инженерэ:
— Бу бырайыак 2008 сылтан үлэлиир. Бырабыыталыстыбабыт олохтоох ыччаты бырамыысыланнаска сыһыарарга тиһиктээх үлэни ыытара үөрдэр. Биһиги, сахалар, бырамыысыланнаска сыстыбыппыт, дьиҥэр, өрөбөлүүссүйэ инниттэн көмүскэ үлэттэн саҕалаан, быданнаатаҕа дии. Сир баайын чинчийиигэ, хостооһуҥҥа эдэр ыччаттарбыт үлэлээбиттэрэ. Билигин гааспытын бэйэбит барытын быһааран олоробут. Бу норуоппут сайдыытыгар улахан тирэх буолар. Иккиһинэн, биһиги билигин уонна урукку сылларга үлэлээбиппит, ыччаппытыгар идэни талыыларыгар көмөлөһөр. Биһиги сүрүннээн оскуола үөрэнээччилэригэр уонна устудьуоннарга ханнык тэрилтэлэргэ үлэлиэхтэрин сөбүн эмиэ көрдөрөбүт. Мин санаабар, ити үөһэ этиллибит сыыппаралар, биир өттүнэн, хайа эрэ оҕо үөрэҕин сөпкө талбатаҕыттан тахсыбыттара буолуо. Ол иһин биһиги профориентационнай үлэни ыытабыт. Хас биирдии оҕону олох кыра эрдэхтэриттэн, уһуйаантан кэтээн көрүөххэ наада.
Билигин “Общероссийский народный фронт” көҕүлээһининэн дойдуга “Простажировки. рф” диэн сайт үлэлиир, бу улахан бырайыак. Манна хас биирдии тэрилтэ куйаар ситимин нөҥүө, регистрацияланан баран, үлэтин саҕалыыр – миэхэ маннык үлэ миэстэтэ баар, манна кэлэн үлэлээ, диэн. Хас биирдии эдэр исписэлиис үөрэҕин бүтэрээт, эмиэ регистрацияланан, стажировкаҕа барыан, үлэҕэ ылыллыан сөп. Оннук кыах бэриллэр. Бу Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар үлэ. Көдьүүстээх буолуоҕа. Бырамыысыланнас сайдыа – Саха сирэ сайдыа!

Трофим Афанасьев, “Анаабыр алмаастара” АУо үлэһитэ:

— Бырамыысыланнас тэрилтэтигэр – “Анаабыр алмаастарыгар” — быһаччы үлэлээн кэллим. Анаабыр диэкиттэн. Эдэр ыччат олус көхтөөхтүк үлэлии сылдьарын көрөн үөрдүм. Тиэхиньикэни үчүгэйдик баһылаан, бырамыысыланнаска олох сыстан эрэр. Салайааччылара, эдэр исписэлиистэр бэркэ үлэлииллэр эбит. “Биһигини олус үчүгэйдик көрсөллөр, үөрэтэллэр, үлэлэтэллэр, ол эрээри биһиги эмиэ улахан хамнаһы ылыахпытын баҕарабыт”, — диэн олохтоох ыччат этиитин бүгүн мин манна тиэрдиэхтээхпин.
Бэйэм Мииринэйгэ, Удачнайга үлэлии сылдьыбытым. Онно кэтээн көрдөхпүнэ, Башкирияттан, Уралтан, Хабаровскайтан игин дьон элбэх буолан кэлэн, үлэҕэ киирэллэр, бэртээхэй сабыс-саҥа уопсай дьиэлэргэ олохсуйаллар. Оттон биһиги уолаттарбыт практикаларын бэркэ бараллар, сөбүлүүллэр, үөрэхтэрин бүтэрэн баран үлэҕэ киирээри кэлэллэр, онтукалара — олорор уопсай дьиэ да биэрбэттэр, вакансия да суох буолар. Уол кэтэҕин тарбанан баран, төннөн хаалар. Онон, этиэм этэ – улуустар “занятостары” кытта бииргэ үлэлэһэн, эрдэттэн кэпсэтэн, хас улуус аайыттан 10-нуу, 20-лии киһини кууһунан ыытыҥ, үлэҕэ. Оччоҕуна дьэ, эйгэ үөскүөҕэ, бэркэ тахсыылаахтык үлэлиэхтэрэ, олохсуйуохтара.

Степан Москвитин:
— Саха сатаабата диэн суох. Ону “Анаабыр алмаастара” хампаанньаҕа олохтоох нэһилиэнньэ таһаарыылаахтык үлэлээн, дакаастаата. 

Анивера Акимова :
— Кэлэр 2018 сылы Ил Дархаммыт Дьарыктаах буолууга көмө сылынан биллэрдэ. Онон, үлэ ырыынагар сэргэхсийии өссө күүскэ тахсыа диэн эрэнэбит!


Биллэн турар, бу кэпсэтии бастакы да, бүтэһик да буолбатах. Үлэ тиһигэ бара турар. Өй-санаа бииргэ түмүстэҕинэ, хас биирдии киһи кыттыстаҕына, үтүө түмүктэр таҕыстар-тахсан иһиэхтэрэ. Бу кэскиллээх кэпсэтиигэ кытыннылар: Анастасия Позднякова – СӨ Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтин үлэ миграциятын салайааччы, Михаил Максимов – Нерюнгри оройуонун Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин салайааччы, Алексей Гурьев – “Оймяконская золоторудная компания ”Хангалас” ХЭУо бэрэстэбиитэлэ, Андрей Матвеев – СӨ НА академига, техническэй наука доктора, Павел Ноговицын – ДВ-энерджи кылаабынай инженерэ, Василий Никифоров – “Саха сирэ” хаһыат ырытааччыта.