«Барыбыт кыһалҕабыт»: Тутуунан дьарыктанар урбаанньыттарга чэпчэтиллибит кирэдьиит уонна лиизин

285

Кулун тутар 5 күнүгэр «Улуус олоҕо» бырайыак «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрикатыгар олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы туһунан кэпсэттибит. Бу сырыыга тутуу матырыйаалын кыһалҕаларыгар, көдьүүһүгэр тохтоотубут. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Медиа-кииҥҥэ төгүрүк остуолга тутууга үлэлии сылдьар урбаанньыттар, тустаах министиэристибэ үлэһиттэрэ кытыннылар.


Сотору кэминэн үрдүк хаачыстыбаны туоһулуур «Саха сиригэр оҥоһуллубута» диэн эрэллээх бренд тутуу матырыйаалларын киэркэтиэ.

Саха киһитэ илиитин сылааһын иҥэрэн бэйэтэ туппут дьиэтигэр астына-дуоһуйа олорор. Дьон үксэ буруус мастан туттар даҕаны, сыл-хонук аастаҕын аайы дьиэ түһэр, эргэрэр, ол иһин эркинин эпсиэйдээн, сылытан, саҥардан биэрэллэр.

«Оттон профилированнай бурууһунан тутуннаххына, тэбис-тэҥ устуруустаммыт маһы конструктор курдук начаас хомуйан таһаараҕын. Туох да быыһа-арыта суох буолан, ханаппаакылыыр, эпсиэйдиир да наадата суох. Тохсунньу тоһуттар тымныытыгар сылааһы тутумтуо, ардахха, тыалга, буурҕаҕа хотторбот бөҕө буолар. Бурууспутун чэпчэки сыаналааҕын иһин Иркутскай уобаластан аҕалабыт», — диэн «Сылаас буруус» ХЭТ дириэктэрэ Валерий Филиппов иһитиннэрдэ.

— Профилированнай буруус ол аата хараарбат дуо?

— Хайа баҕарар мас син биир хараарар, ол иһин, “Акватексынан” соторго сүбэлиибит, оччотугар дьиэ эркинэ сиигирбэт, сытыйбат, тэллэйдэммэт уонна килээркэй лаах уһуннук турар. Дьон үксүн дьиэлэрэ тымныы буолан, тас өртүн эпсиэйдииллэр, оттон биһиги туппут дьиэбит тымныы саамай муҥутаан турар кэмигэр -50С сылааһын үчүгэйдик тутар, +23+24С. Холобур, 9х9 дьиэни сыбыырга аҥаардас матырыйаалыгар 300 000 солк. наада, өссө үлэтэ 100 000 солк. Ол оннугар профилированнай бурууһу атыылаһан туттубут быдан барыстаах.

Тымныы тыйыс айылҕалаах дьон дьиэбит үрдүн-аннын сылытар матырыйаалынан үллүйбэтэхпитинэ, тыал курдары оонньуур, муостаттан үрэр кутталлаах. Маныаха матырыйаал арааһа үгүс. Эргэ хаһыаты илдьиритэн, тууһу кытта буккуйан «Эковата» диэн сылытар матырыйаалы опилка оннугар дьиэ үрдүгэр, анныгар куталларын иһитиннэрдилэр.

Базальт, пенополистерол оннугар чааһынай дьиэ туттарга хатырыгы бытарытан, туойу кытта буккуйан туттуохха эмиэ сөбүн туһунан урбаанньыт Николай Баишев кэпсээтэ.

Былыр өбүгэлэрбит балаҕаннары, ампаардары хатырыгынан эбии сылытан олорбуттар.
Аны куоракка сыл аайы мас арааһын олордоллор даҕаны, үүнээйилэрэ өнүйбэккэ кууран-хатан хаалар. Бу кыһалҕаны хатырык быһаарыан сөбүн эттилэр. «Бөдөҥ хатырыктары талан ылан хаптаҕас, моонньоҕон, мас анныгар төгүрүччү кутан кэбистэххэ, силиһин күнтэн, тымныыттан харыстыыр, аны сир куурбакка сииктээх сытар. Онон үүнээйигэ эргиччи табыгастаах, хатырык көстүүтэ кыраһыабай буоллун диэн кырааскалаан биэрэбин, ландшафнай дизайны туттан тиэргэни киэргэтэбин», — диэн Николай иһитиннэрдэ.

Билигин дьиэни биир сайын иһигэр тутан таһаараллар, онтубут хайдах хаачыстыбалааҕын дьиэлээхтэр бэйэлэрэ билэн эрдэхтэрэ. Бу кыһын Ньурбаҕа ЛСТК ылтаһын тимир каркааһынан тутуллубут хотон сууллан айдаан тахсыбыта. Итинник каркаастарынан дьоҕус уһуйааннары, оскуолалары туталлар.

Тоҕо итинник быһылаан тахсыбыт биричиинэтин «Адгезия-Металлоконструкция» ХЭТ коммерческай дириэктэрэ Иван Чярин маннык быһаарда:

— Биһиги үлэлээбиппит алта сыл буолла, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх эбийиэги: улуустарга дьон олорор дьиэтин, уһуйааннары киллэрдибит. Анаабырга, Өлөөҥҥө силлиэ буурҕаны, сытыы чысхааны тулуйан тураллар. Ньурбаҕа бырайыак сыыһа оҥоһуллан, алдьархай таҕыстаҕа. Биһиги бырайыак оҥорор бэйэбит үлэһиттэрдээхпит, кинилэр ымпыгар-чымпыгар тиийэ чинчийэллэр, бүтүн научнай үлэ суруйан таһаараллар. Онон, биһиэхэ итинник түбэлтэ тахсыбатар ханнык.

Тутуу эйгэтигэр үлэлии сылдьар олохтоох дьон үлэтин сайыннарар сыалтан СӨ Инвестсайдыытын уонна урбаан министиэристибэтин иһинэн бэйэ оҥорон таһаарааччыларын өйүүр пуонда аны сайын тэриллэн үлэлиэҕэ. Бу туһунан миниистир бастакы солбуйааччыта Евгений Ноговицын билиһиннэрдэ:

— Манна үлэлии сылдьар урбаанньыттарга 5-7% кыра бырыһыаҥҥа кирэдьиит биэриэхтэрэ. Ону таһынан, сотору саҥа лиизин тэрилтэтэ аһыллан, Арассыыйаҕа оҥоһуллубут оборудованиены 6%, омук киэнин 8% биэриэхтэрэ. Урбаанньыттар пилорама, тутууга, тыа хаһаайыстыбатын переработкалыырга туттуллар оборудованиены лиизиҥҥэ ылар кыахтаныахтара.

Бу туһунан Василий Никифоров сиһилии ырытыытын «Саха сирэ» хаһыат муус устар 18 күнүнээҕи нүөмэригэр уонна ЯСИА саайтка «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрикаҕа ааҕыҥ. Онлайн-видеоны манна киирэн көрүҥ:
https://archive.ysia.ru//glavnoe/obshhaya-zabota-kruglyj-stol-o-proizvodstve-stroitelnyh-materialov/