Биэс улуус ыччата түмсэн, Саха Автономиятын төрүттэспиттэр сыдьааннара буолалларын эттилэр

165

24 сааһыгар Саха Автономиятын төрүттэспит И.Н. Барахов олунньу 12 күнүгэр 120 сааһын туолла. Бу бэлиэ күҥҥэ И.Н. Барахов бииргэ алтыһан үлэлээбит дьонун дойдуларыттан: Намтан, Тааттаттан, Ньурбаттан, Бүлүүттэн кэлбит ыччат Харбалаах түмэлигэр «Биһиги — Саха Автономиятын төрүттэспит саха саарыннарын удьуор-сыдьааннарабыт» диэн төгүрүк остуолга кытынна.


Көрсүһүүгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев, «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон баһылыга Владимир Поскачин, философскай наука доктора, ХИФУ профессора Виктор Данилов, Ил түмэн депутата Марфа Филиппова кытыннылар.

Биэс улуус ыччата Таатта улууһун Чөркөөх орто оскуолатын директора, «Былатыан ыччаттара» уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Обоюкин Роман, Ньурба улууһун Убайаан орто оскуолатын история уонна обществознание учуутала, куорат сэбиэтин депутата Сергей Васильев, М. Аммосов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын мусуойун научнай сотруднига Дьяконов Станислав, «Бүлүү улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын специалиһа Александра Иванова, «Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин икки ардынааҕы кииннэммит библиотечнай систиэмэ» 3-с №-дээх филиалын сэбиэдиссэйэ Жанна Иванова биир дойдулаахтарын П. Ойуунускай, М. Аммосов, Ст. Аржаков, Ст. Васильева, И. Барахов үйэтитиигэ туох үлэни ыыталларын, инники үлэ торумун билиһиннэрдилэр.

Санаа үллэстиитин салгыы Үөһээ Бүлүү үөрэҕириитин бырабылыанньатын начаалынньыга, СӨ ыччат политикатыгар туйгуна Спиридон Борбуев салайан ыытта.

Төгүрүк остуолга кыттыыны ылбыт Нам, Таатта, Бүлүү, Ньурба уонна Үөһээ Бүлүү ыччатыгар киирбит этиилэр:

— Эдэр ыччаттар уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятеллэр, саха Автономиятын төрүттэспит салайааччылары үйэтитиигэ тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыыталларыгар;

— Бырайыакка саха ыччата бииргэ түмсэн үлэлииллэрин курдук усулуобуйа оҥоруу;

— Уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй деятеллэр олохторун холобурун сиһилии үөрэтэргэ араас өрүттээх утумнаах үлэни оскуола оҕолоруттан саҕалаан ыытыахха;

— Чулуу уолаттар ааттарынан түмсүүлэр уопуттарын үллэстии, кэпсэтиини тэрийии;

— Ыччат “Көҥүл” сөптөөх өйдөбүлүн иҥэринэрин иитэргэ олук охсуу;

— Ыччат политическай өйө-санаата кэҥииригэр, олоххо бэлэмнээх, тус позициялаах буоларыгар үлэни былааннаһын;

— Патриотизм тыына ииттиллэн тахсарыгар араас көҕүлүүр тэрээһиннэри ыытыы;

— Ыччат инициативатын көҕүлээһин;

— 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ тэриллибит 100 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах оробуочай бөлөх, салгыы Сойуус тэрийиэххэ;

— Эдэр ыччат оҕолорго биэс чулуу дьоммут туһунан тиэрдэр, иҥэринэр үлэтин ыытарга. Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ньурба ыччаттара кинилэр ааттарынан түмсүү тэринэн үлэлииллэригэр;

— ХИФУ-га устудьуоннарга аналлаах биэс улуус ыччатын кэнсиэрин кулун тутар ыйга тэрийии;

— Аан ситими (интернет) туһаныыга бастакы хардыыны оҥоруу;

— Кэлэр сылларга саха саарыннарын үбүлүөйдээх сыллара кэлэллэр. Онон сыл аайы маннык көрсөн ыччат туох үлэни ыыппытын отчуоттааһын, инники үлэни торумнааһын буолар;

— Өрөспүүбүлүкэ ыччатын түмэр үлэни чопчулаан ыытыахха;

— Саха сиригэр олорор омуктарга толерантнай (бэйэ-бэйэҕэ тулуйумтуо буолар) сыһыаны олохтуур ньыманы толкуйдааһын;

— Тыа сиригэр ыччаты хаалларарга, дьарыктаах буоларыгар өй-санаа өттүнэн бэлэмнээх буоларга иитиини саҕалыырга;

— Ыччаттарга өйү тургутар араас интеллектуальнай оонньууну, спортивнай күрэхтэри тэрийэргэ (Үөһээ Бүлүү) холонуу.