Бороҕон ыччата сомоҕолоһон үлэлиир

540

Саха сиригэр 2017 сыл Эдэр ыччат сылы­нан биллэриллибитинэн сибээс­тээн, эдэрдэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас тэрээhини ыыталлар. Бороҕон нэһилиэгин ыччата эмиэ бу сүүрээнтэн хаал­бакка, тэҥҥэ хаамар. Ол курдук, Ил Дархан «Ыччат сылын туһунан» Ыйаа­ҕа тахсаатын кытта, Намыы эдэр ыччата сыллааҕы былааны торумнаабыттар.


Былаан төһө туолан эрэрин туһунан “Омолой” ЭКК дириэктэрэ Любовь Никитина кэпсээтэ.

Үгэс быһыытынан, Бороҕон ыччата кырдьаҕас дьоҥҥо балыктаан, мас­таан көмөлөһөр. Ону таһынан нэһи­лиэк­кэ тупсарыы үлэтигэр күүстээхтик ылсыбыт­тара. Экология сылын чэр­читинэн, муус устар ыйтан ыраастаныы үлэтин саҕалаабыппыт. Нэһилиэк ба­һылыгын уурааҕынан бары түөлбэлэр, тэрил­тэлэр тахсар күннэрин бэйэлэрэ быһаар­сан, хайаан даҕаны нэдиэлэҕэ биирдэ бөх-сыыс хомуйуу үлэтин ыытал­лар. Намыыга эдэр ыччата суох биир да үлэ ааспат. Маннык сүүрээннэри ыччат өйүүр. Бэлиэтиэхпин баҕарабын, бары үлэ­ҕэ олус көхтөөхтөр, ыраах уонна кыра бөһүөлэк буолан олус түмсүүлээхпит.

Маны ааһан култуура эйгэтигэр ыччат эмиэ олус сыстыгас. Холобура, бы­йылгы нэһилиэкпит ыһыаҕын Эко­логия сылыгар анаабыппыт. Манна үүнээ­йи тиэмэтигэр эдэр ыччат олоҥхо ту­руо­ран, олохтоохтор биһирэбиллэрин ылыах­тарын ыллылар. Кэнсиэр тэрээһинигэр 20 эдэр ыччат сибэкки үҥкүүтүн үҥкүү­лээбитэ. Маны сэргэ саастаах дьоҥҥо ыытыллыбыт Далбар Хотун күрэххэ, кыттааччылар бэйэлэрин көрүүлэринэн Айылҕабыт иччитин Аан Алахчын хотуну хоһуйан, оҥорон таһаарбыттара.

Билигин нэһилиэнньэ окко киирэр кэмэ саҕаланна. Ыччакка үлэ баар буоллун диэн, кыамматтарга уонна кырдьаҕастарга оттоһорго анаан харчы көмө көрүллэр. 2013 сыллаахха этнокультурнай киин дириэк­тэринэн ананыахпыттан ыла сылын аайы “Көмүс хотуур” диэн кү­рэх тэрийэбит. Манна дьоҥҥо баран от үлэтигэр көмөлөһөбүт. Этэргэ диэри, “Норуот күүһэ, көмүөл күүһэ” буоллаҕа.

Биһиги, эдэрдэр, кырдьаҕас дьоммутут­тан куруук сүбэ-ама ылабыт. Намыыга биир оннук киһинэн буолар Екатерина Стручкова. Кини дьиэтин таһыгар со­ҕуруу сир үүнээйилэрин, мастарын аҕа­лан үүннэрбитэ номнуо бэһис сылыгар бар­да. Саха сирин кэрэ сардаана си­бэккитэ үүнэн турара олус үчүгэйдик көс­төр. Соҕуруу дойду үүнээйилэрэ биһиэхэ да бааллар диэммит, бу дьикти дьарыктаах киһи, кини олордубут үүнээйилэрин ту­һунан норуот көрүүтүгэр хомуурунньук оҥорон таһаарыахпытын баҕарабыт.

Нэһилиэкпитигэр бүтүн улууска бил­лэр аатырбыт мелодист баарынан киэн туттабыт. Лариса Стручкова – Тыал Кыыһа ырыатыгар, бэйэм үөрэ­тэр оҕолорбун кытта клип уста сыл­дьабыт. Былаан быһыытынан, сыл түмүктэниитэ дьоммутугар-сэргэби­ти­гэр көрдөрүөхпүт диэн үлэлэһэ сыл­дьабыт.

Эдэр дьон буолалларын быһыытынан, ха­йаан даҕаны көрсөн оонньууллар-көрүлүүллэр, араас көрсүһүүлэри тэри­йэллэр. Кэпсэтии үлэтэ күүскэ барыы­тыт­тан түмсүүлэрэ өссө чиҥиирин бэлиэтииллэр. Ман­нык көстүүлэр барыта “хайдах гыннахпытына, тугу оҥордохпутуна нэһилиэк­пит сайдыаҕай” диэнтэн тахсалларын үөрэ-көтө кэпсииллэр. Бастаан утаа ыччаты түмэргэ ыарахаттар баалларын аһаҕастык билинэллэр. Ол эрээри, ол барыта ааспыт.

Аны күһүн Бороҕон ыччата балык, муус, мас үлэтигэр турунуо.